ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэм

аат тыл, сыһыат, тыл

Нууччалыы последовательная смена минут, часов, дней, лет и т. д., время

English measure

Ис хоһооно · 12
I

1 аат тыл #

Мүнүүтэ, чаас, күн, сыл уо. д. а. утумнаан солбуһуута

Нууччалыы Последовательная смена минут, часов, дней, лет и т. д., время

  • Кэм ааһар. Уһун кэм. Кылгас кэм.
  • Кэм түргэн хардыынан ааһыыта, Эн, сэмэй кыыс оҕо, улаатыаҥ.
    С. Данилов
  • Кэм баартын билбэккэ хааллылар. Дьуон Дьаҥылы. Кини -- уонунан ааҕыллар араас кэмҥэ суруллубут үгүс хоһооннордоох
    Ф. Софронов
Өссө холобурдар (16)
  • Туох эмэ буола турар, буолбут эбэтэр буолуохтаах түгэнэ. Θ Определенный момент, в который что-л. происходит. Аһыыр кэм. Сынньанар кэм.
  • Алтан чуораанынан айдааран Аастылар үөрэммит кэмнэрим.
    П. Тобуруокап
  • Уоппуска ылар да кэмэ чугаһаатаҕа буолуо.
    А. Федоров
  • Эбиэт кэмэ буолан, уулуссаҕа киһи элбээбит
    М. Попов
  • Сыл, күн ханнык эмэ сорҕото. Θ Пора, определенный период времени. Сааскы кэм.
  • Халлаан сырдыыр кэмэ...
    П. Тобуруокап
  • Тымныылаах кыһыҥҥы кэм ааһан, Киэҥ халлаан киэлитэ тунаарда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Күн түөртүүр ынах кэмэ буолан, кыһыл көмүс көлөөскө курдук тырымныы, таҥнары санньыйан эрэрэ
    М. Доҕордуурап
  • Хайа эмэ өттүнэн ураты бэлиэ кэрдиис бириэмэ. Θ Период, эпоха. Сэрии кэмэ.
  • Былыт саппыт былыргытын Оҕонньоттор кэпсииллэр: "Ыраахтааҕы, баай былааһын Ыар кэмигэр", - дэһэллэр.
    С. Данилов
  • К. А. Воллосович эспэдииссийэтэ Омолой үрэҕэр четвертичнэй кэм дьапталҕаларын арыйбыта.
    И. Федосеев
  • Романовтар үс сүүс сыл ыраахтааҕылыыр кэмнэрин устата сахалартан үс сүүсчэкэни кыайбат орто уонна үрдүк үөрэхтээх киһи тахсыбыта
    И. Аргунов
  • Туох эмэ саҕаланар, туолар түгэнэ. Θ Момент наступления, исполнения чего-л., назначенное для чего-л. время, момент. Болдьохтоох кэмҥэ мин Михайловка киирбитим.
    Н. Якутскай
  • Кэмнэрин иннинэ бүтэргэ Охсуулаах үлэнэн түһэллэр.
    Эрилик Эристиин
  • Эргэ барар кэмим кэллэ эбээт. Уон аҕыспын туоллум.
    Күндэ
  • Ыһыы үлэтэ саҕаланар кэмэ субу тирээн кэлбитэ
    А. Бэрияк

2 аат тыл #

Табыгастаах, тоҕоостоох түгэн

Нууччалыы Подходящий момент, благоприятная пора

  • Тукаам, билигин сайылык халтаннаан, ынах үүтэ тардар кэмэ кэлэн барыа.
    М. Доҕордуурап
  • Күн киирэрэ чугаһаан, уу сылыйбыт кэмэ.
    Т. Сметанин
  • Күһүн - булт кэмэ. Доҕордоһуу т. Саас тыһы табалар төрүүр кэмнэрэ кэлэр. Н. Тарабукин (тылб.)

3 аат тыл #

Тыл үөрэҕэр: хайааһын хаһан буолбутун, буоларын эбэтэр буолуохтааҕын көрдөрөр туохтуур формата

Нууччалыы В грамматике: форма глагола, относящая действие к прошедшему, настоящему или будущему времени

  • Ааспыт кэм. Билиҥҥи кэм. Кэлэр кэм.
  • Былыргы түүрдэр тылларыгар туохтуур ааспыт кэмин сэттэ көрүҥэ туттуллубут. АНК БТТ. Мэлдьи буолан ааспыт кэм билиҥҥи түүрдүү тылларга барыларыгар туттуллар
    АНК БТТ

4 аат тыл #

түһүк тард. ф-гар: сөптөөх, табыгастаах бириэмэтигэр, тоҕооһугар

Нууччалыы Своевременно, в свое время

  • Матырыйаалбытын кэмигэр хааччыйбаккалар эрэйдээтилэр, аҕыйах күммүт сүттэ.
    Н. Лугинов
  • Булчуттар түүлээҕи кэмигэр бултуулларын, тириитин, түүтүн өҥүн алдьаппакка тиирэллэригэр, хатаралларыгар бэрэбиэркэ оҥоробут.
    Н. Якутскай
  • Кэмигэр көрөн сотон кээһиэҥ - Тимир ыраастанан кылбачыйыа
    Р. Баҕатаайыскай

5 аат тыл #

тут. түһүк тард. ф-гар: уларыйбакка, урукку туругунан

Нууччалыы Без изменений, по-старому, по-прежнему. [Лэкиэ:] Солуну билбэтим, кэмминэн соҕотох бэйэм этэҥҥэ сылдьабын

  • Саапка бэйэтин кэминэн, балачча чуумпутук сылдьыбыта.
    Д. Таас
  • Өрдөөҕү эрээри кэминэн кэриэтэ сылдьар сиэрэй өҥнөөх көстүүмнээҕин кэттэ.
    У. Нуолур
  • Биһиги да кэммитинэн олоробут, туох да кэлбэт-барбат.
    А. Бэрияк
Өссө холобурдар (2)
  • [Кэтириис:] Солун суох. Олоробут кэммитинэн.
    С. Ефремов
  • Ср. алт. кем ‘пора, время; мера’

6 этии #

Нууччалыы Этап, стадия в развитии чего-либо

Этиилэр

Биир кэм көр биир

Кымньыы тыаһа биир кэм кууһурҕас буолла. Суорун Омоллоон. Санаабар, буулдьалара хойуута бэрт, биир кэм чып-чыбыгырас. И. Сосин. Кэрдиис кэм - ким-туох эмэ сайдыытыгар ойуччу арааран көрүллэр туспа түгэн Кини [Дьокуускай] сүдү мөссүөнүгэр аан дойду култууратын сайдыытын бары кэрдиис кэмнэрэ көстөргө дылылар. Н. Лугинов. М. А. Шолохов килбиэннээх айымньылара -- киһи аймах уус-уран сайдыытыгар саҥа кэрдиис кэми арыйдылар. Софр. Данилов. Саха тылыгар сомоҕо домохтору үөрэтии историята икки бэлиэ кэрдиис кэмҥэ араарыллар. СЛСПҮО. Кэриим кэмэ - кыһыҥҥы суол туруута онно-манна иҥнигэһэ суох айанныыр кэм.

Время становления зимника, зимней дороги, когда можно беспрепятственно ездить.

  • Кинилэр саас кэриим кэмэ кэллэҕинэ, сыарҕа уйбатынан, көлө тардыбатынан таһҕастанан киирэллэр. "ХС"
II

7 аат тыл #

Ханнык эмэ хайааһын, туох-эмэ буолар, оҥоһуллар чэрчитэ

Нууччалыы Мера, предел осуществления, проявления чего-л

  • Барытыгар кэмин билиэххэ.
  • [Арыгыны] кэмин таһынан иһэн Кэпсээнин киртиттэххитинэ, Алыс батыһан аһаан Аатын алдьаттаххытына [иэдэйиэххит].
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • [Тимир көлө] кэмин көрдөрбөккө, Кэрдиитин биллэрбэккэ, Күүрэ-күүрэ түстэ, Күлүгүрэйэн истэ...
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. монг., бур. хэм ‘мера, предел, рамки, величина, объем’
III

8 аат тыл #

Сүһүрүүттэн тыҥырах аннынан үөскүүр ириҥэлээх искэҥ

Нууччалыы Ногтоеда. [Гвоздиканы] илдьиритэн баран, "кэм" буолбут тыҥыраҕы [ногтоеданы] эмтииллэрэ эбитэ үһү

  • МАА ССКОЭҮү. Ср. уйг. кэм ‘болезнь’
IV

10 #

Ханныгын да иһин син оннук, оннук буолуон сөп диэн утаран этиини көрдөрөр (син, ханныгын да иһин, туох да диэбит иһин)

Нууччалыы Выражает уступительно-противительную оговорку говорящего по поводу высказываемого (все-таки, все же)

11 #

Мэлдьи кэриэтэ буолар, үгүстүк хатыланар, сөбүлэммэт быһыынан сирэй-харах анньан, сэмэлээн этиини көрдөрөр

Нууччалыы Выражает порицание, укор говорящего по поводу часто повторяющихся действий

  • Кэм наадалаах күҥҥэ саҥарбаккыт, ньимиликээннэр буолаҕыт.
    А. Федоров
  • Кэм кимиэхэ эмэ албыннаппыт буолуо
    С. Ефремов

12 #

Куруутун буолар атаҕастабыллаах эбэтэр табыллыбат быһыыттан саҥарааччы абарыытын, суланыытын, үҥсэргээһинин, санаата түһүүтүн көрдөрөр

Нууччалыы Выражает негодование, сетование, жалобу, огорчение говорящего по поводу обычно повторяющихся несправедливости и невезения

«К» буукуба