Перевод с якутского
сүүрүк
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы течение, поток воды. [Борохуот аал] Күүстээх күөнүнэн Күтүр сүүрүгү Көҥүтэ үтүрүйэн, Күөстүү үлүннэрдэ
English current, flow
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Намыһах сир диэки устар уу халҕаһата, уу устар хайысхата
Нууччалыы Течение, поток воды. [Борохуот аал] Күүстээх күөнүнэн Күтүр сүүрүгү Көҥүтэ үтүрүйэн, Күөстүү үлүннэрдэ
Били үнүргү уу өссө эбиллибит. Быһыт уутун сүүрүгэ куп-куугунас, ньип-ньирилэс буолбут.
Суорун ОмоллоонКинилэр өр эрдэн хойдубут мууһу, сүүрүгү кытта охсуһан, сыыр аннын нэһиилэ булбуттара Н. Заболоцкай
2 этии #
Нууччалыы соотв. плыть по течению
Этиилэр
Сүүрүк хоту уһун
олоххо туох да сыала суох буол, дьон санаата, олох долгуна хайа диэки охсорун хоту олор, сырыт Олоххо сүүрүк хоту устар аҕыйаҕа суох буолааччы.
Арай кыайбатыҥ, сатаабатыҥ суох, аҥаар кырыы элэҥнэтэн иһэҕин, арыт ыһыктынан, сүүрүк хоту устаҕын.
Н. ЛугиновКини сүүрүк хоту ханна уонна тоҕо устара биллибэт сүрэҕэ суох, ээл-дээл киһи этэ.
А. Чехов
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС йүгрүк ‘быстрый, скорый; бегущий, стремящийся’
3 аат тыл #
спорт. Сүүрүүнэн дьарыктанар киһи, сүүрүүгэ идэтийбит киһи
Нууччалыы Бегун. Үс сүүрүк сырсыбыттар: Авдеев, Васильев уонна Семёнов. Кууһума эдэр эрдэҕинэ сүүрүк, кылыыһыт, сытыы киһи этэ. "ХС"
4 аат тыл #
Сүүрэр дьоҕурдаах сылгы
Нууччалыы Скакун. Бурхалей сүүрдэҕин аайы өссө кэҥээн, орловскай сүүрүк муҥутуур ойуутунан аргыстаһан бара турдулар. Эрилик Эристиин. Ойуур кэриитигэр хахха сиргэ уон сэргэҕэ уон араас сылгылар: атыырдар, биэлэр, сүүрүктэр, дьоруолар, тардыылаах аттар баайыллыбыттар. И. Данилов. Ипподромҥа бу ый уон күнүттэн "Хатас" сопхуос сүүрүктэрин киллэрэн эрчийэ сылдьар. "Кыым"
"Сүүрүк киһи эбиккин, доҕор!" – диэтэ Ньукулай. Амма Аччыгыйа Харсыһыылаах оҕустаах киһи сүүрүк аттаах курдук аатырара. Далан Улуу Хоро диэн сүүрүк оҕустаах оҕонньор, илин диэкиттэн көһөн киирэн иһэн, оҕуһунан Аллан өрүһүн кэстэрэн көрөр да, оҕуһа дириҥэ бэрт буолан кыайан туораабат БСИ ЛНКИСО-199
5 даҕааһын #
суолт. Түргэнник сүүрэр, сүүрэр дьоҕурдаах
Нууччалыы Быстро бегающий
6 этии #
Нууччалыы Бесчисленное множество скота (конного и рогатого)
Үрүҥ сүүрүк фольк. – элбэх ахсааннаах сүөһү үөрэ (сылгы, ынах) Үгүс элбэх ахсааннаах үргүүк үрүҥ сүүрүгү көрбүтүм эбээт. Ол тухары маннык сүрдээх киэптээх сылгыны көрө иликпин эбээт! Саха фольк [Элбэх дьон кэллэҕинэ] Кэлбит кэриэс сирбитигэр Кэлбэккэ кэбэлийиэхпит, Үрүҥ сүүрүкпүт тобоҕо Үрүйэ быыһыгар өлүтэлиэ, Хара сүүрүкпүт тобоҕо Хара сыбарга хампарыйыа.
Өксөкүлээх ӨлөксөйДьэ ол сахтан иитэр сүөһүбүт Үрүҥ, хара сүүрүгэ эбэ хотуммут Ис, тас хочолорун устунан Сааскы халаанныы дэбилийбитэ. И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Ср. тюрк. йүгүрүк ‘быстро бегающий; скакун, беговая лошадь’