ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уһун

даҕааһын, туохтуур, аат тыл

Нууччалыы плыть

English to sail

Ис хоһооно · 12

1 туохтуур #

Нууччалыы плыть

English to sail (on something)

  • болуотунан уһун
    плыть на плотуto sail on a raft
  • борокуотунан уһун
    плыть на пароходеto sail on a steamboat
I

2 туохтуур #

Хайа эмэ диэки сүүрүгүр (сүүрүктээх ууну этэргэ)

Нууччалыы Плыть (о течении)

  • Сырдык ыраас уу түллэс гына түһээт, Эбэ алааска устан мөлбөйөр.
    Амма Аччыгыйа
  • Өлүөнэ уу сүһүөх долгуннарын намылытан, уу-чуумпу уста сытар.
    Т. Сметанин
  • Дьэрэлийэ устар таас үрэх, суугунуу тыаһыыр күөх тыа диэки хаамыах курдук гынна
    Амма Аччыгыйа

3 туохтуур #

Ууга уйдаран (уу иһигэр) сыҕарый, хайа эмэ диэки бар, хамсаа; туохха эмэ олорон уунан айаннаа

Нууччалыы Передвигаться по водной поверхности, плыть, плавать; плыть на чём-л

  • Икки чыккымай кэккэлэһэ устан от саҕатыгар кэлбиттэрэ.
    Суорун Омоллоон
  • Арыы кытыы өттүнээҕи хомотугар тахсан кэлэллэрин кытта, долгуна суох чуумпу уу устун тыы устан барда.
    Эрилик Эристиин
  • Быйыл, мин санаабар, балык элбэхтик устар дьыла буолуохтаах.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (4)
  • Сүүрүккэ оҕустаран уһуннахтарын ахсын, болуот куоракка улам чугаһаан истэ
    Ойуку
  • Туох эмэ (хол., халлаан) ньууругар оргууй сыҕарыйа хамсаа. Θ Медленно плыть по какой-л. поверхности (напр., в небе). Соҕуруу устар сэдэх былыттар Дьиэлэр чыпчаалларын аалаллар.
    С. Данилов
  • Халлааҥҥа саҥа манньыат курдук ып-ыраас уонна олус чуолкай ый мөлбөйө устар.
    Н. Габышев
  • Хонуу сибэккинэн долгуйар, Күн ыраас халлааҥҥа устар
    ХС

4 туохтуур #

Устан иһэр курдук, долгулдьуйа хамсаан көһүн (үксүгэр киһини этэргэ)

Нууччалыы Выделяться плавной походкой (обычно о человеке)

  • Оо, доҕорум, эчи, устан түһэн холкутун, аалга дылы буолаахтаан.
    Суорун Омоллоон
  • Аанчык сайбаарыччы дайбаан, балаҕан диэки наскылдьыйа устар.
    Амма Аччыгыйа
  • Үүт-үкчү үрүмэччи курдук кыргыттар, кырыс үрдүнэн күөх тумарыкка уйдаран, күөгэһэ устан кэлбиттэрэ.
    С. Федотов
Өссө холобурдар (4)
  • Сотору соҕус Мила оргууй устан киирдэ
    НТП ТББ
  • Оннук тарҕана хамсаа (хол., буруо, туман). Θ Плавно двигаться, плавно распространяться (напр., о дыме, тумане). Туман кыайан көппөккө, сир ньуурунан устар.
    П. Ойуунускай
  • Табах хойуу буруота, көмүлүөк оһох тардан, долгуҥнуу устар.
    М. Доҕордуурап
  • Стёпа икки өттүнэн күөх хонуу долгулдьуйа уһунна
    Чолбон

5 туохтуур #

Тохтоло суох оргууй ааһан ис (күн-дьыл туһунан)

Нууччалыы Протекать, проходить (о времени)

  • Үлэ-хамнас бэйэтин киэбинэн, уруккутун курдук уста турбута.
    В. Яковлев
  • Күн-дьыл ити үрэх сүүрүгүнүү тохтоло суох устар. Софр. Данилов. Ити күнтэн ыла Никита баччааҥҥа диэри уу-чуумпутук устан испит олоҕор саҥа сүүрээн сайа охсон киирбитэ.
    Н. Лугинов
  • Сайыҥҥы үтүө күннэр им-ньим устан истилэр
    М. Доҕордуурап

6 этии #

хаанынан устар – барыта хаан-билик буолар Охсуһуу буолбут хонууутагар Мэхээчэ уонна Түҥ Хабырылла кыа хаанынан уста сыталлара. Л. Попов. Тайах арыт тибии типпит сиригэр моонньугар диэри түһэр, хатаҥаттан атахтара кыа хаанынан устар. И. Федосеев.

Нууччалыы Искупаться в крови

Этиилэр

Сүүрүк хоту уһун көр сүүрүк

  • Олоххо сорох дьон сүүрүк хоту устан истэхтэрэ эбээт.

Устар ууну сомоҕолуур көр сомоҕолоо

  • [Маабыра:] Оттон тылынан устар ууну сомоҕолуура эрэ бэрт дии.
    А. Софронов
  • Кини олоҥхотун, ырыатын дьикти хоһоонун, устар ууну сомоҕолуур уус тылын, мэлииппэ курдук курдат билэн, өйбөр хатаан ыларым.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
  • Тылынан-өһүнэн устар ууну сомоҕолуур, уус тыллаах киһи этэ дииллэрэ.
    С. Никифоров
  • Устар ууну сомоҕолуур уран тылынан уонна уруккуну-хойуккуну өйдүүрүнэн, Дьэбдьиэ саҥа дьукааҕар эмиэ сөбүлэппитэ.
    Е. Неймохов

Ууга уһун

кыаҕыран бүт, үбэ-харчыта суох хаал, үп-харчы өттүнэн эһин.

Вконец разориться.

  • Ол киһи үбүн-аһын матайдаан, ууга устубут сурахтааҕа.

Чычаастык устар

уһуну-киэҥи толкуйдаабат, кыараҕас ыырдаах (киһи).

соотв. мелко плавать.

  • Тоҕойуом, олоххо чычаастык устар киһи улаханы ситиспэт.

Элбэх уу устан ааста

элбэх күн-дьыл ааста, ол устатын тухары элбэх уларыйыы буолла.

соотв. много воды утекло.

  • Олорбутум тухары элбэх уу устан аастаҕа, ол устатыгар кинилиин доҕордуу этибит

7 этии #

Нууччалыы Апрель. Оҕото муус устарга кэлбитэ. Саас кэлбитин бэлиэтэ муус устар диэбиттэр. В. Протодьяконов. Устар күн (киэһэ) – күнү быһа, күн усталаах былаһыгар. В течение дня, весь день. Халба устар күҥҥэ отчут киһитигэр хаарты эрэ саҕа лэппиэскэни сиэтэр эбит. С. Никифоров. Костя устар күн кыыһыра сылдьан баран, киэһээҥҥи аһылыгын аһаат, балааккатыгар киирэн хаптайда. Э. Соколов. Балбаара бэҕэһээ устар киэһэҕэ арахпакка ыыстаатаҕа үһү. Н. Бочкарёв. Ууга уһун (устан хаал) Ү– халаан уутугар эбэтэр күүстээх ардахха ылларан, уунан туол, бүрүлүн, уунан халый (хол., сири-дойдуну, тутууну этэргэ). Подвергаясь наводнению или после сильного ливня, покрываться водой (напр., о земной поверхности, строении). Аллан үрдүгэр сытар Сэттэ Тэкэ диэн ааттаах лыыба-бадараан дойду, ардахтаах дьыл буолан, букатын ууга устан хаалаахтаабыт эбит. Н. Заболоцкай. Кыстыкпытын төһө эмэ эрдэ булбуппут үрдүнэн, ардаҕа күүһэ, уһуна бэрт буолан, хотоннорбут тэстэн, ууга устубуттара. "Кыым"

Этиилэр

Муус устар (ый)

сыл төрдүс ыйа

II

8 даҕааһын #

Устатынан кээмэйэ улахан, кылгаһа суох

Нууччалыы Значительный в длину, длинный

  • Сорох мастар лабааларын уһуна уон түөрт миэтэрэ буолар.
    Суорун Омоллоон
  • Субуруйбут уһун да уһун хотонноох, кыракый муус түннүктэрдээх балаҕан таһыгар тохтоотулар.
    Болот Боотур
  • Маша синньигэс биилин ааһа түспүт уһун хара суһуоҕун икки салаа гына өрөр үгэстээҕэ
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
  • Уҥуоҕунан атыттардааҕар улахан, бөдөҥ (сүнньүнэн киһини этэргэ). Θ Рослый, высокий (в основном о человеке). Дора көнө уһун уҥуохтаах, сэмэй, сайаҕас майгылаах кыыс, ону-маны дьаһайталаан сүүрдэ-көттө.
    В. Яковлев
  • Үрдүк сүүстээх, сүһүөхтээх муруннаах, үрүҥүнэн диэличчи көрбүт уһун киһи саҥаран дабдыгыратта.
    М. Доҕордуурап
  • Көстөкүүнэп манна олорон чугастан болҕойон көрдөххө, энньэҕэр сэҥийэлээх, ис киирбэх маҥан сирэйдээх, бытыга суох, уһун уҥуохтаах, саас ортолоох үөрэхтээх көрүҥнээх киһи эбит
    И. Никифоров

9 даҕааһын #

Элбэх бириэмэни ылар, кылгаһа суох; өр кэм устата буолар

Нууччалыы Продолжительный, длинный по времени; происходящий долго

  • Кэтэстэххэ биир сөкүүндэ уһунукатыан … Н Лугинов. Саха сиригэр кыһына уһун, сайына кылгас буолан, саас сахаҕа бэрт күндү буолааччы.
    Эрилик Эристиин
  • "Онтон кэнники утум-ситим уһун курааннар буоланнар, бу күөл сыл аайы уолан испитэ", – диэн оҕонньор кэпсээнин түмүктээтэ.
    М. Доҕордуурап
  • Мин бастаан үөрэнэ киирэрбэр "биэс сыл диэн туох ааттаах уһунай, кырдьан баран бүтэрииһикпин" диирим
    М. Попов
Өссө холобурдар (3)
  • Дьарапалаан уһуна бу дьиэ саҕа буолуо.
    Күндэ
  • Кини, уһунугар сөптөөх суон, аҕамсыйбыт киһи, убаҕас ньалака кугас баттаҕа маҥхайан эрэр, кип-киэҥинэн, күп-күөҕүнэн сымнаҕастык унаарыччы көрбүт.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьиҥэр, айымньы уһуна, кылгаһа, а. э., кээмэйэ, дьыала биир эрэ өттүн көрдөрөр
    Эрчимэн

10 аат тыл #

суолт. Туох эмэ кээмэйинэн улахана, кылгаһа суоҕа

Нууччалыы Продолжительность чего-л. по размеру, по времени

11 этии #

Нууччалыы Жить богато, счастливо

Этиилэр

Илиитэ уһун көр илии

  • Ыраахтааҕы илиитэ уһун, сокуон хараҕа сытыы диэн эн истибэккин дуо?
    Амма Аччыгыйа
  • Куотан да син биир ханна да ыраатыаҥ суоҕа, кинээс илиитэ уһун!
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)

Кылгас күн биэстэ, уһун күн уонна көр кылгас

  • Сайын оҕо сылдьан кылгас күн биэстэ, уһун күн уонна сөтүөлүүр буоларбыт.
  • Кини уруккута уһун күн уонна, кылгас күн биэстэ эрэ саҥарар киһи этэ.
    И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
  • Тиргэлэрин уһун күн уонна, кылгас күн биэстэ кэрийэллэрэ.
    Н. Абыйчанин

Сүрэҕин быата уһун көр сүрэх I

  • Бырайыагы киллэрбитим ыраатта, салайааччылар сүрэхтэрин быата уһун дьон. "Кыым".

Тыла уһун

уһун тыллаах диэн курдук. Арба, хобуоччу тыла уһун буолааччы, онно сөрөнөн хааллахха, сүөрүнэр кытаанах буолар дииллэр. М. Доҕордуурап. Уһун буруону унаарыт фольк., үрд. – баайдык-дуоллук, дьоллоохтук олор Торҕо түһүлгэни түстээҥ, Уһун буруону унаарытыҥ! Саха фольк. буруота быһынна – буруота сүттэ диэн курдук (көр буруо). Уһун буруобут быстаары гынна, алаһа дьиэбит кураанахтанаары гынна. П. Ойуунускай. Уһун илиигин уун кэпс. – кими эмэ күндүлээн туохта эмэ биэр, бэрис.

Одаривать кого-л., потчевать, угощать кого-л. чем-л.

  • Биэрэ бу дойдуга кэлбитэ сыл буолан эрэр, ол тухары уһун илиитин ууна илик.

Уһун илиилээх

ханна баҕарар ситэн ситиһэр кыахтаах.

Имеющий возможность отомстить кому-л. где угодно; настигать кого-л. где угодно (букв. с длинными руками).

  • Марго, бу эн биһиги курдук боростуой дьон өстөөхтөрө биир – уһун илиилээхтэр, хатаастыгас тарбахтаахтар. БТ. кутуругар сөрөөбүт көр кутурук. Хабычча урут сүүйтэрбитин иэстэһээри эргилиннэҕэ, кимнээҕи эрэ уһун кутуругар сөрөөн аҕалбыт буолуохтаах.
    Болот Боотур
  • Бу кыыс оҕону эмиэ уһун кутуругар сөрөөн эрэр. "Кыым".

Уһун кутурукка оҕустар

ким эмэ угаайытыгар, куһаҕан содулугар киирэн биэр.

Попасть под чьё-л. дурное влияние.

Уһун кутурук сөрөөһүнэ (оҥоһуута, охсуута)

ким эмэ угаайытыгар киирэн биэрии, ким эмэ куһаҕан содула.

Последствие, результат чьего-л. дурного влияния.

  • [Трофим:] Өссө туох эрэ атын суол баар быһыылаах, Кэтэх Кирилэ уһун кутуругун сөрөөһүнэ буолаарай?
    Р. Баҕатаайыскай
  • Ол барыта Дьэргэлээх Уолуктай уһун кутуруктарын оҥоһуута.
    Болот Боотур

Уһун кэпсээн (остуоруйа)

биир-икки тылынан быһаарыллыбыт, иһэ истээх дьыала.

соотв. долгая история.

  • "Чэ, ол – уһун кэпсээн", – Сэтэлээх дьон истиэ диэн сэрэхэдийдэ.
    Е. Неймохов
  • Уһун отун оттотума (оту оттоо) кэпс. – кими эмэ сүгүн олордума; ким эмэ тугу эмэ оҥорорун боҕус, сүгүн үлэлэтимэ. Не давать спокойно жить кому-л.; не давать возможности спокойно действовать, работать кому-л. Ол дьон өссө үксээтэхтэринэ, уһун оппутун оттообот дьон буолаайабытый?
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (2)
  • Тыл аахсан, эппиппин мүччүрүппэккэ муус-таас курдук туруорустахпына, уһун оппун оттотуохтара суоҕун сэрэйбитим.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Бэрик бэрсэр салайааччылары арыйаары гыммыттары хам баттыыр буоллахтарына, хаһан уһун оту оттуур дьоннорбутуй, бу?!
    Е. Неймохов

Уһун (санаа) санаалаах

уһуну-киэҥи санаан, олохтоохтук толкуйдуур.

Дальновидный, широко мыслящий.

  • Киһилии итэҕэстэрдээх өрүттэрин ордуктаах, үчүгэй өттүлэрэ ырааҕынан баһыйар үтүө майгылааҕа-сигилилээҕэ, киэҥ көҕүстээҕэ, уһун санаалааҕа.
    Күннүк Уурастыырап
  • Уһун санаабытынан олох бары эрэйин-кыһалҕатын куоһардахпыт.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
  • Уһун санаа, кэтэх өй, оҕуруктаах толкуй мэлигир. "Чолбон".

Уһун санаата кылгаата (татыарыйда) көр санаа II

Киэҥ көхсө кыараата, уһун санаата кылгаата, халыҥ тириитэ хайынна. Ньургун Боотур. Онуоха айыы бухатыыра киэҥ көхсө сүүтүктээҕэр кыараата, уһун санаата саптааҕар кылгаата. Саха фольк. [Маһарах:] Киэҥ көхсүм кыараан, уһун санаам муҥурданан иһэбин. Эрилик Эристиин. Уһун солкуобайы сырыс (эккирэт) кэпс., сөбүлээб. – улаханнык сыраласпакка эрэ элбэх харчылана сатаа.

Стараться разбогатеть, не прилагая усилий, старания.

  • Алмааһы көрдөөччүлэр ортолоругар уһун солкуобайы сырсан кэлбит киһи баарын илэ харахпынан көрбүтүм. ДФС КК. Күн бүгүнүгэр диэри уһун солкуобайы эккирэтэн дьон кэлиитэ-барыыта хотугу регионнар наадыйыыларынааҕар быдан үрдүк.
    ХС
  • Оттон манна үбү-аһы, уһун солкуобайы эккирэтэн кэлбит сорох урдустар тулуйбатахтара, кинилэр бэрт кылгастык олоро түһээт, суолларын көннөрбүттэрэ.
    Я. Козак

Уһун соннон көр соннон

  • Судаарыстыба баайын хаҥатыһан бэйэтэ уһун сонноммута суохха дылы, бэл, киһилии бэргэһэтэ суох.
    И. Гоголев
  • Аҕам ол саҕана бириискэҕэ мас кэрдээччинэн сылдьыбыт этэ, ол эрээри көмүстээх Бодойботтон да уһун сонноммотоҕо.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Барыны-бары сүрэххэ чугастык ылынан сүөм түһэр буоллаххына, уһун сонноммоккун.
    С. Маисов

Уһун сонноохтор

байылыаттык, баайдык олорор (дьон).

Разбогатевшие, богатые (люди).

  • Ол дьон төрүттүүн-уустуун уһун сонноохторо биллэр.

Уһун сордоох (эрэйдээх)

олоҕор элбэх эрэйи-кыһалҕаны көрсүбүт.

Несчастный горемычный.

  • Суос-соҕотох буоларга ананан төрөөбүт уһун сордоох эбит.
    Болот Боотур
  • Уһун сордоох, күн тура-тура ыалы кэрийэн уһааҥныыргар бэркин.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Ааныска билигин уһун эрэйдээх олоххо олоробун дии саныыр.
    Н. Түгүнүүрэп

Уһун суолун оймоо

ким эмэ нус-хас олоҕун уйгуурт, аймаа.

Тревожить кого-л., нарушить чей-л. покой.

  • Урукку күннэргэ уһун суолгун оймообут аньыым суоҕа, ааспыт дьылларга кэтит суолгун кэспит буруйум суоҕа – бырастыы гын!
    П. Ойуунускай

Уһун сурахтаах

дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр; улаханнык аатырбыт-сураҕырбыт.

Хорошо известный; приобретший широкую известность.

  • Ол киһи киэҥ ыырдаах, уһун сурахтаах буоллаҕа эбээт. Уһун тускул тут алгыс. – уһун дьоллоох олоҕу, кэлэр кэскили түстээн алгыс тылларын эт, алҕаа. Благословлять кого-л. на долгую счастливую жизнь, светлое будущее, произносить слова благословения. Кэнчээри оҕолорбор Кэскилгитин тэрийдим, Уһун тускул туттум, Уруй-айхал эттим! Саха нар. той. IV. Дохсун-дорҕоон күннэргэ Долгуйан-оргуйан тураммыт Кыра норуот кыайыахпыт, Уһун тускул тутуохпут, Уруй-айхал этиэхпит.
    П. Ойуунускай

Уһун тыл (тыллаах)

сытыы-хотуу тыллаах-өстөөх, тыллаах (үксүгэр дьахтары этэргэ).

Языкастый (обычно о женщине).

  • Оччону истэн баран уһун тыллаахтар айахтарыгар түһэрдэхтэрэ дии.
    М. Доҕордуурап
  • Микиитэ Бөтүрүөбүс, ол киһиҥ бэлэһинэн бэрт, уһун тылынан ууну таһыйар уот араатар.
    С. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
  • Итинник уһун тылым суоҕа эбитэ буоллар, мин туохха да түбэһиэ суох этим. Агидель к.

Уһун тыыннаах

сылайар диэни билбэт, тулуурдаах; мөлтөөбөт сындааһыннаах (хол., сылгы).

Не знающий усталости, очень выносливый; неутомимый (напр., о лошади).

  • Мин даҕаны Уҕарыйбат уохтаах, Уйадыйбат эттээх, Уһун тыыннаах Улуу киһи буолуом.
    П. Ойуунускай
  • Уһун тыыннаах оҕо диэн кини [биһиги аппыт] буолар.
    Л. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • тыынын иһиллээ көр иһиллээ. Уһун тыыҥҥын иһиллии иликпинэ, Уллуҥах да устатын Уларыйыам суоҕа!
    П. Ойуунускай

Уһун уллуҥах

киһи аймах, киһи (дьон).

Человек, человеческий род (люди).

  • Арыгылааһын салҕанан бара туруо диэн этиллибэт, уһун уллуҥах санаатын уурбутун кыайбатаҕа диэн суох. ОДьКИи. Уһун уҥуоҕа урусхалламмыт фольк. – улахан ааттаах-суоллаах киһини суох оҥорбуттар (хол., кыргыһыыга). Уничтожили, убили широко известного человека (напр., на битве). Нөмүгү Хаҥалас тойон уһун уҥуоҕа урусхалламмыт.
    П. Ойуунускай

Уһун уоту отун

уһуннук олор, уһун үйэлэн.

Жить долго, долгожительствовать.

  • Бүгүн биир кыыл дьүһүнүн көрөөрү сиргэ охто сыстым уонна баран, ханна уһун уоппун оттуох баҕайыбыный бу?
    В. Яковлев
  • "Хайа киһиэхэ кэлбэт, Хайаҕа киһи тиийэр", – Диэн уһун уоту оттубут Омуктар этэр эбиттэр.
    И. Баишев
Өссө холобурдар (1)
  • Син-биир бу киһини кытта уһун уоту оттон олоруоҥ суоҕа.
    В. Титов

Уһун ураҕас уйбат булда

аһара элбэх булт-алт, өлгөмнүк бултуйуу.

Удачная добыча, охота.

  • Тииҥнэри сүлэн баран, балаакка сис маһын икки өттүнэн ыйаабыппыт үрдүнэн, онно да баппата, уһун ураҕас уйбат булда диэн, дьэ, ити эбит этэ.
    С. Федотов

Уһун уутугар (уутун) утуйда көр уу II

  • Бу дойду түбүгүттэн тэйэн, уһун уубун утуйарым буоллар, сынньанаахтыа этим.
    Н. Якутскай
  • Украина илгэлээх буоругар таптыыр доҕоро, кэргэнэ, Сүөдэрэ, уһуктубат уһун уутун утуйа сытар.
    П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
  • Бу сиргэ дьол көрдөһө кэлбит биһиги аҕаларбыт, эһэлэрбит итиннэ уһун ууларын утуйа сыталлар. Агидель к.

Уһун үйэлэн

уһуннук баар буол, олохсуй (киһиттэн атыны этэргэ).

Существовать долго, обосноваться.

  • Ханнык эмэ түбэлтэни ойуулаан кэпсиир унньулхай ааттар хаһан да уһун үйэлэммэттэр. Багдарыын Сүлбэ. "Хата, быһыт уһун үйэлэнэр сүбэтин булуохха", – диэт, оҕонньор олордо. "Чолбон"

12 этии #

Уһун (уһатыылаах) аһаҕас дорҕоон тыл үөр. – кылгатыылаахха утары туруоруллар, уһуннук саҥарыллар аһаҕас дорҕоон Уһун аһаҕас дорҕоону кылгас аһаҕас дорҕоон уһуурун курдук өйдүүр сыыһа, кинилэр тус-туһунаннар, ол иһин тыл суолтата атын-атын буолар. ПНЕ СТ. Бастакы кэккэҕэ уһун аһаҕас дорҕоон, иккискэ охсуу түһэр аһаҕас дорҕоон буукубаларын бэлиэтииллэр. КИИ МКТТҮө.

Нууччалыы Долгий гласный звук, противопоставленный краткому гласному звуку

Этиилэр

Уһун баттахтаах (суһуохтаах, ырбаахылаах)

дьахтар, дьахтар аймах.

Женщина, лицо женского пола.

  • [Кирилэ:] Хата, мин эйиэхэ уһун баттахтааҕы булар дьыаланан дьарыгырыам.
    Р. Баҕатаайыскай

Убайа биир олус дьиибэ итэҕэстээх

уһун ырбаахылаахха олох чугаһаабат.

  • [Маарыйа – Ольгаҕа:] Айылҕа барахсан уһун суһуохтаах аймаҕын көҥүлгэ өр көччүппэт быһыылаах.
    И. Алексеев

Уһун биримиэнэ

оскуолаҕа иккис биитэр үһүс уруок кэнниттэн буолар, аҕыйах (хол., 10) мүнүүтэлээх тохтобул.

Большая перемена.

  • Маннык иһитиннэриилэр нэдиэлэҕэ иккитэ уһун биримиэнэ кэмигэр оҥоһуллаллар.
    Н. Босиков
  • Уһун биримиэнэҕэ уолаттар-кыргыттар бука бары линейкаҕа стройдаабыттара. БТТ. Уһун кутурук түөлбэ. – 1) бөрө. Волк. Хоту олохтоохтор бөрөнү уһун кутурук дииллэрин истэр этим.; 2) кутуйах бииһэ-ууһа: сип-синньигэс уһун кутуруктаах, кытархайдыҥы дьүһүннээх хонуу кутуйаҕа. Полёвка красная. Хоту диэки хонууга уһун кутуругу элбэхтик көрөҕүн.

Уһун омурҕан

биир күнү омурҕаҥҥа үллэриигэ: от үлэтин үгэнигэр түөрт чаас кэриҥэ кэм.

При делении одного дня на время: во время сенокосной страды рабочее время между перерывами, приблизительно равная четырём часам.

  • Биир күнү омурҕаҥҥа үллэрэллэрэ, "уһун омурҕан", "кылгас омурҕан" диэн икки суолга араараллара. АНВ СТУ. Кылгас омурҕан билиҥҥи чаһынан холоотоххо үс чаас кэриҥэ, оттон уһун омурҕан түөрт чаас кэриҥэ кэм буолуохтаах. "Чолбон".

Уһун өрөбүл көр өрөбүл

  • Ким оҕо сааһыгар сылдьан сааскы уһун өрөбүл көһүтүүлээх күннэрэ үүнэн, сүрэҕэ үөрүүлээхтик тэппэтэҕэ баарай. "Кыым". Саҥа дьыл үөрүүтүн-көтүүтүн кытары бииргэ түбэһэр, уопсай үөрэх оскуолаларын үөрэнээччилэрин кыһыҥҥы уһун өрөбүллэрэ саҕаланна.
    ХС
  • Салгыҥҥа дьаарбайыыны төрөппүттэр баскыһыанньаҕа уонна уһун өрөбүл кэмигэр тэрийэллэр. Дьиэ к.

Уһун синньигэс

уһун уонна синньээн көстөр (хол., ким, туох эмэ тас көрүҥэ); уһун уонна кыараҕас (хол., туох эмэ ис көстүүтэ).

Длинный и тонкий, продолговатый (напр., внешний вид кого-л., вид чего-л. снаружи); не широкий, узкий (напр., внутренний вид чего-л.).

  • Тайахтар уһун синньигэс атахтарын дыабаччы үктэнэн, томороон ньолбоҕор төбөлөрүн олоодуччу туттан, Тогойкины одуулаһан турдулар.
    Амма Аччыгыйа
  • Тордоохоп иһирдьэ киирэн уһун синньигэс көрүдүөр устун хааман тиийэн, уҥа диэки аһаҕас хоһу өҥөс гынна.
    С. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
  • Луҥхалыырап аармыйаттан маҥнай кэллэҕин утаата дьарамай, уһун синньигэс бэйэтэ билигин лаппа халыҥаан, санна дарайан, толору эттээх-сииннээх тойон-хаан сэбэрэлээх этэ. "Чолбон".

Уһуну ыстан (ыстаныы)

турар сиргиттэн биитэр сүүрэн кэлэн, ыраахха ыстаныы (ыстаныыга күрэх).

Прыгать (прыжок) в длину.

  • Мөлтөх ньиэрбинэй систиэмэлээх оҕолор уһуну ыстаныыга түмүктэрэ мөлтөөбүтэ харахха быраҕыллар.
    ОАП ОТХ

Уһун үйэлэн

уһун олохтоох буол, уһуннук олор.

Жить долго, быть долгожителем.

  • Син биир суорума соруктаныах эбитэ дуу, биитэр мүччү көтөн, уһун үйэлэнэн бүгүн миигин кытта бииргэ үөрэн мичилийиэх эбитэ дуу? Софр. Данилов. Уһун үйэлэнээри арыгытын-табаҕын быраҕан, дьиэтин иһин сынньанарга анаан, була-була оҥостон муҥнаммыта. Н. Лугинов

«У» буукуба