ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

соннон

туохтуур

Нууччалыы иметь пальто; быть одетым в пальто

1 туохтуур #

Сонноох буол; сонно кэт

Нууччалыы Иметь пальто; быть одетым в пальто

  • Чурумчуку бэйэтэ Чубуку бэргэһэлэннэ, Тугут истээх соннонно. Эллэй. Ардыгар Ботуруускай улуус кинээһин оҕото аатыран, саһыл истээх сукуна соннонон сылдьар.
    М. Доҕордуурап
  • [Ыстапаанньыйа:] Ынаҕым тириитэ сарыыланара буоллар соннонуом этэ
    Күндэ

2 этии #

Нууччалыы Разбогатеть (букв. иметь длинное пальто)

Этиилэр

Кылгас соннон көр кылгас

  • "Бу саллар сааһым тухары ытыс буортан матаммын, кылгас сонноннум", - Хаппыт Дьарааһын сонун тэллэҕин убахтаата.
    М. Доҕордуурап
  • Уһун соннон - байан-тайан олор, баай буол Былыр Баттал баарына Уордаах кулуба, Баай-тот эрэ Уһун сонноноро, Саһыл саҕаланара.
    П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (2)
  • Мин сордоох хара көлөһүммүн балыйан уһун соннонуоххут суоҕа.
    М. Доҕордуурап
  • Төһө да үлэһит, хоһуун буоллар, уһаан-тэнийэн барбатаҕа, уһун сонноммотоҕо. "ХС"

«С» буукуба