Перевод с якутского
сонно
Нууччалыы в том же месте, там же
1 #
сыһ
Муҥхабытын сонно чугас баар Молтоҕор хомотугар түһэрдибит. И. Данилов Өйдөөбүтэ, пааспара били эргэ бартыбыалын түгэҕэр угуллубутунан сонно хаалбыт буолуохтаах эбит. Н. Заболоцкай Дьон били эһэлэрин этиттэн сиэн-аһаан, сонно отуу оҥостон хоммуттара Н. Павлов
2 #
Хайааһын буолбут, буолар эбэтэр буолуохтаах сиригэр, оруобуна ол сиргэ
Нууччалыы В том же месте, там же
3 #
Туох эмэ кэнниттэн тута, тутатына
Нууччалыы Тотчас, сразу же
Чүөчээски бастакы куртуйаҕын доҕоругар Намыын оҕонньорго илдьэн биэрбитэ. Ону иккиэн сонно буһаран сиэбиттэрэ.
Суорун ОмоллоонОччоҕо [ааны тоҥсуйбуттарыгар] сонно тута чэпчэки атах тыаһа кэлэн аан таһыгар тохтуур.
Н. ЛугиновХанна эрэ ойуур иһигэр кыыкыныыр мас тыаһаата. Ол тыас тыаһаат, сонно сүтэн хаалла
Күндэ
Өссө холобурдар (3)
Туох эмэ буолар кэмигэр тэҥҥэ, ол кэмҥэ. Θ В то же время, тогда же. Сонно билбитим дьоло суохпун, онно билбитим сүрэх ыалдьарын, ньүөлүйэн дьөлүтэ ытырбахтыырын.
П. Ойуунускай[Охоноон] сүргэтэ көтөҕүлүннэр эрэ, адьас кыра оҕо сирэйэ сирэйдэнэр, оттон хомойдоҕуна - сонно тосту кырдьан, нүксүйэн, сирэйэ эмэхсийэн хаалааччы. Л. Попов Ньургуһун хамсыыр да, саҥарар да кыаҕа суох, сонно өйүн сүтэрбитэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Тат., уйг. шунда