ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сон

аат тыл

Нууччалыы пальто

English coat

1 аат тыл #

Нууччалыы пальто

English coat

  • эр соно
    мужское пальтоmen's coat
  • дьахтар соно
    женское пальтоwomen's coat

2 аат тыл #

Былаачыйа, көстүүм таһынан таһырдьа кэтиллэр халыҥ тас таҥас

Нууччалыы Пальто. Истээх сон. Халтаҥ сон. Дьахтар соно. Соннорун кэтэн, -- дьиэ кэргэни кытта илии тутуһан баран, Торуой уола аах ураһаттан таҕыстылар. Н. Павлов

3 этии #

Нууччалыы Беднеть, оскудевать, разоряться

  • Сонун тэллэҕэ кылгаабыт кэпс. - эстэ дьадайбыт, быстыбыт Киһи санаатын үбүнэн-аһынан сүүйбэт буоламмын, сонум тэллэҕэ кылгаабыт киһи буоллаҕым.
    Н. Неустроев
  • тэллэҕэ тэлибириир (салыбырыыр) - титирэстиэр диэри улаханнык куттанар, толлор. Θ Дрожать перед кем-л., бояться кого-чего-л.; трепетать перед кем-л. Ньукуус сонун тэллэҕэ тэлибирии-тэлибирии, сүрэҕэ быллыгырыы-быллыгырыы, ытыахча буолан баран, сир диэки көрөн турда.
    Суорун Омоллоон
  • Урут мин биир иннэни сүтэрдэхпинэ, дьоммуттан куттанан, тэллэҕим салыбырыыра.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк., алт. тон ‘шуба, тулуп; платье, одежда’, эвенк. сун ‘кафтан; пальто; платье’

«С» буукуба