ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сомус

туохтуур

Нууччалыы черпать чем-л. что-л.

1 туохтуур #

Тугу эмэ (хол., убаҕаһы) кыра иһитинэн баһан ыл

Нууччалыы Черпать чем-л. что-л. (жидкое, сыпучее)

  • Мөссүйүөн дьоно сарсыарда ампаалыктаһан тимир куруусканан итии ууну сомсон иһэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Чымаан кинээс -- хамсатынан табаҕын сомсон ылаат, хататын сахпытынан барда.
    Эрилик Эристиин
  • Уол мууһу ойбоннуу тэһэн баран, солуурунан ууну толору сомсон ылла
    ХС

2 туохтуур #

Тугу эмэ бэрт элбэхтик, өлгөмнүк бул, туохха эмэ үгүөрүтүк тигис

Нууччалыы Извлекать, получать что-л. в большом количестве, в изобилии

  • Дьон бары сайын барахсан быйаҥыттан сомсон хаалаары үлүмнэһээхтииллэр.
    И. Гоголев
  • Норуот ырыаһыта айар тиэмэтин олохтон бэйэтиттэн сомсор.
    ХС
  • [Нүөлсүтүллүбүт] сиртэн гектаартан ортотунан сүүрбэ биэс-отут сэнтиниэр оту сомсоллор. Ходуһа х. Ср. каракалп. шөмиш ‘черпак (то, чем черпают)’

«С» буукуба