Перевод с якутского
көхө
аат тыл
Нууччалыы прочный, деревянный гвоздь, на который вешается одежда и другие предметы домашнего обихода, вешалка
English hook
1 аат тыл #
Саха балаҕаныгар таҥаһы, малы ыйыыр анал оҥоһуулаах бөҕө мас, тоһоҕо
Нууччалыы Прочный, деревянный гвоздь, на который вешается одежда и другие предметы домашнего обихода, вешалка
Мас көхө. Бастыҥ көхө. Таҥас ыйыыр көхө. Көхөҕө ыйаабаккын, суолтан булбаккын (тааб.: сымыыт). Эмээхсин, сонун устаат, саал былаатын көхөҕө ыйаат, аны чэй кутар айдааныгар түһэр. Н. Якутскай Бу өйдөөн көрдөхпүнэ, дьиэ иһэ былыргылыы оҥоһуулаах эбит; истиэнэни кэрийэ үргүлдьү орон, ол үөһээ өттүнэн сэбэргэнэлэр, баҕаналар ахсын мас көхөлөр. И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Өһүөҕэ үс саа, көхөҕө икки саа ыйаммыт Н. Павлов
2 аат тыл #
Тордуох, дэгиэ, ачаахтаах, атырдьахтаах мас, күрүчүөк
Нууччалыы Крючок, крюк
Максим ыстаҥалас ууга чэппиэр чэй чиэппэрин кэриҥин тоҕута тутан бырахта уонна солуурун көхөттөн устан, кутаа кытыытыгар уурда. Софр. Данилов. Көтөҕөр Кыраан саннынан көхөҕө иилэннэр, Туоннанан курууһу таһаллар. Күннүк Уурастыырап Баайка Гришалыын муҥхаҕа көхө тоһуйаллар, арыт нырыы нырыылыыллар. Уустаах Избеков. Маны [хааһахтаах бурдугу] ат ойоҕоһугар ууран хаҥха көхөтүгэр туймуу быатыттан иҥиннэрэн кэбиһиэхтээххин Н. Заболоцкай
3 аат тыл #
Тыл тылга киирсибэт буолуу, тылтан тутуһуу
Нууччалыы Придирки к словам; зацепка в словах (для придирок). [Кыргыттар] сороҕор тылларын көхөтүттэн хапсан, этиһиэх курдук, хохучуоллаһан ылаллар
Ср. п. -монг. гөки, гохо 'крюк, шест с железным крючком на конце'