Перевод с якутского
оноо
аат тыл
Нууччалыы разрез на подоле сзади кафтана, шубы у якутов
English incision of the back of a kaftan or fur coat
1 аат тыл #
Былыргы сахалар (XVII-XVIII үйэтээҕи) соннорун курданарыттан аллараа өттүгэр кэннинэн тыраҕастара (сорох соннор ойоҕосторунан эмиэ тыраҕастаах буолаллар)
Нууччалыы Разрез на подоле сзади кафтана, шубы у якутов (разрезы могли быть и по бокам)
Сэмэнчик тугу да өйдөөбөтөх курдук ах баран турдаҕына, синиэлин оноотуттан ким эрэ туора тардарга дылы гынар. Н. Якутскай Оноо - эр киһи сонун кэлин тыраҕаһа СЛ-8
2 аат тыл #
Сон кэннин курданарыттан аллараа өттүгэр туруору киллэһик, бүк тутан тигии, иҥээһин
Нууччалыы Широкая вставка в складке на спине
Аан маҥнай ол ыһыаҕы тэрийэр дьиэлээх тойон, бэйэтэ алгыыр буоллаҕына, олус киэргэнэр, былыргы оноолоох, дьогдьуурдаах сукуна сону кэтэр, харах биитэр туорум көмүс куру тардынар. Саха сэһ. 1977
3 этии #
Нууччалыы Увлекаться чем-л. (напр., играми, танцами и т. п.)
Оноотуттан тут - тугунан эмэ (хол., оонньуунан, оһуохайынан о. д. а.) утумнаахтык, олохтоохтук дьарыктан, үлүһүй Оһуохайдыыр оонньууну Оноотуттан тутуоҕуҥ! Оһуо-оһуо-оһуохай, Оһуохайдыыр оһуохай! Күннүк Уурастыырап Халымалыын ханыылаһан, Эдьигээнниин эҥээрдэһэн, Оһуохайдыыр оонньууну Оноотуттан тутуоҕуҥ. С. Васильев Ср. монг. оноо ‘разрез подола (пальто), прорезь’