Перевод с якутского
антах
сыһыат
Нууччалыы не здесь, там дальше; подальше, в стороне
1 сыһыат #
Бу диэки буолбатах, ол диэки; киэр, тэйэ, туора
Нууччалыы Не здесь, там дальше; подальше, в стороне
Антах уулусса баһын диэки эмиэ харабыл сылдьара көстөр. Эрилик Эристиин Антах, алаас кэтэҕинээҕи ыркый иһигэр, Саһылыкаан быталанан олорор. Н. Якутскай Антах көрүдүөргэ көбүөр устун учууталлар уонна иитээччилэр тыаһа суох төттөрү-таары хаамаллар. И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Антах сайылык оҕолоро аймалаһан, ньамалаһан иһэннэр эмискэччи ах баран хааллылар А. Бэрияк
2 сыһыат #
Ханнык эрэ объектан, предметтэн, туохтан эрэ анараа диэки
Нууччалыы Дальше от какого-л. предмета, от чего-л
Көр, ити оройтон үс көс антах сис ортотуттан уһулу үүнэн тахсыбыт соҕотох очуос хайа баар эбээт. Амма Аччыгыйа Өстөөх сүрүн күүһэ Бэс арыыттан биэс километр антах, дэриэбинэ иннигэр обороналанан сытара биллибитэ. М. Доҕордуурап Утар. бэттэх. Др. -тюрк. анда
3 этии #
Нууччалыы Не довольствуясь чем-л., требовать дальше (больше) чего-л., сверх нормы
Аан антах бар (түс) - тугунан эрэ сөп буолбакка, дуоһуйбакка өссө аһара бар Уолаттар муҥ кыраайдарынан таһаллара, тиритэллэрэ да, каменщик санаата биирдэ да сиппэт этэ. Кини дьэ эбии аан антах баран иһэрэ. А. Сыромятникова "Ээ, миэхэ туох буолуой", - диэн эмиэ аан антах түһэн ылла. М. Доҕордуурап Антах хайыс - туох эрэ биричиинэнэн кими эмэ кытта бодоруһаргын, кэпсэтэргин-ипсэтэргин тохтот. Θ По какой-л. причине перестать общаться, порвать отношения с кем-л. (букв. отвернуться, повернуться к нему спиной). Миигин Тоҕус халлаан иччитэ Тобулу кыраатын, Дьолбун тохтун! Ахтар айыы хотун ийэм Антах хайыстын Алгыһыттан матардын! А. Софронов
Өссө холобурдар (9)
Этэр эҥин тылбын Энчирэтэр буоллахпына, Кытаанах кырдьык тылбын Сыыһар буоллахпына, - Айыҥат хаан аймаҕа Аһынар санааларын аралдьытан Антах хайыстыннар.
Өксөкүлээх ӨлөксөйСүҥкэн далайым, Сүдү байҕалым, Антах хайыһыма миигиттэн, Ааттаһар аһаах киһиттэн. Күннүк Уурастыырап 2. сыһ. дьөһ. 1. Чопчу уонна абстрактнай миэстэ сыһыанын көрдөрөр, хайааһын предмет анараа өттүгэр буоларын бэлиэтииргэ туттуллар. Θ Выражая конкретные и абстрактные пространственные отношения, употребляется при обозначении предмета, за которым совершается действие (дальше). Мин маҕаһыыҥҥа прилавоктан антах хаһан да бара илик буолан, чугуҥнуу-чугуҥнуу иһирдьэ атыллаатым. Софр. Данилов. Ол түһүүттэн антах таба аһылыга суох буолан, ыт көлөнөн олорор дойду эбит. А. Софронов Ыт эһэни кытта охсуһа-охсуһа, сыыһа-халты харбата, кыылы дьонуттан антах улам тэйитэ сырытта. Н. Заболоцкай Онтон антах - сир уһуга, Бүтэр быыһа, сураҕа, дьэ саҕаланар. П. Тобуруокап 2. Бириэмэ сыһыанын көрдөрөр, хайааһын ханнык эрэ кэм, событие кэнниттэн буоларын, саҕаланарын бэлиэтииргэ туттуллар. Θ Выражая временные отношения, употребляется при указании на срок, время, событие, после которых совершается, начинается действие (отныне). Бу күнтэн антах Боппуолдьа айах Буоларыҥ тохтуур! Эллэй. Мантан антах олохпут тигинэс буолуоҕа.
П. ОйуунускайДьадаҥы киһиэхэ онтон антах барар кыах көстүбэтэҕэ, онуоха эбии саас даҕаны ыраатан хаалбыта. Н. Заболоцкай Баччааҥҥа диэри эйигин өйөөбөккө кэлбитим. Мантан да антах миигиттэн өйөбүлү күүтүмэ! В. Яковлев Утар. бэттэх