ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

маннааҕы

даҕааһын

Нууччалыы находящийся вот здесь, буквально рядом

1 даҕааһын #

даҕ

  • Маннааҕы маллар ханна бардылар?
  • Хайа, нохоо, маннааҕы аһы ханна гынныгыт?
    М. Доҕордуурап

2 даҕааһын #

Этэр киһи аттыгар баар, аттынааҕы, чугаһынааҕы (итиннээҕи эбэтэр оннооҕу диэннээҕэр өссө туох эмэ чугаһы этэргэ)

Нууччалыы Находящийся вот здесь, буквально рядом (ближе, чем итиннээҕи или оннооҕу)

3 даҕааһын #

Чугастааҕы, дьиэ таһынааҕы, бу сирдээҕи (ким-туох эмэ туһунан этэргэ)

Нууччалыы Здешний, местный (о ком-чём-л.)

  • Маннааҕы оҕолор Кини маннааҕы киһи. Маннааҕы олохтоохтор. Маннааҕы университет.
  • Маннааҕы табалары хомуйа охсон бөһүөлэккэ киллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Тыа маһа намчы, иинэҕэс. Ол маннааҕы дьиэлэртэн даҕаны көстөр.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
  • Мин маннааҕы начаалынай оскуоланы бүтэрбитим.
    И. Федосеев
  • Ср. алт. мындагы ‘здешний, давнишний, тогдашний’

«М» буукуба