ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таастыы

Нууччалыы как камень, наподобие камня (обычно употр

Ис хоһооно · 4

1 #

сыһ

  • Кыырт обургу, кынатын кыптыыйдыы туппутунан, киэҥ халлаан улаҕатыттан сир диэки таастыы кыырайан иһэр.
    Суорун Омоллоон
  • Уйаара-кэйээрэ биллибэт ыас хараҥа ортотугар дьоллоох Дьокуускай уоттара күндү таастыы күлүмүрдүүллэр.
    Н. Лугинов
  • Мин тугу да сэрэйбэтэҕэ буолан таастыы дьиппинийэн кэбистим
    Амма Аччыгыйа

2 #

Таас курдук, тааска тэҥнээх

Нууччалыы Как камень, наподобие камня (обычно употр. в сравнительных оборотах типа: камнем падать, бросаться, тонуть и т. д.)

3 #

Нууччалыы Словно камень давит в груди, на сердце

  • Бэс ыйын биир куйаас күнүн Даайа өйдүүр субу баардыы. Туох эрэ ыар кини түөһүн ыга баттыыр этэ таастыы
    И. Гоголев

Этиилэр

Туох эрэ ыга баттыырын курдук (ыарыт

түөс, сүрэх туһунан)

4 этии #

Нууччалыы Тотчас заснуть крепким сном, провалиться в сон

Этиилэр

Таастыы бар (утуй)

сытаат тута кытаанахтык утуй Күнүскү сындалҕаннаах айантан сылайан эһэм таастыы барбыт.

  • Сылайбытым бэрт буолан, таастыы утуйан хаалбыт этим.
    В. Иванов
  • Ньукуу таастыы утуйа сытан, түннүк анныгар ынах маҥыраабытыттан уһуктан кэллэ. "Чолбон". Уон биир чааска киэһэ, төбөбүтүн сыттыкка уурдубут да, сылаабыт таайан таастыы барарбыт.
    ППП ОА

Таастыы сүттэ (тимирдэ)

барбыта барбытынан сүтэн хаалла.

соотв. без вести пропасть, исчезнуть бесследно.

  • Аҕаҥ сордооҕу хаайыыга сытыттылар быһыылаах. Ылан барыахтарыттан ыла таастыы сүттэ.
    Н. Якутскай
  • Кулубаҕа барбыт үҥсүү эмиэ таастыы тимирдэ.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Онтон ыла кини таастыы тимирбитэ, аны кинини урукку курдук таһаара барбатахтара, хаайыыга сыппыта.
    Далан
  • Бу сэрии долгунугар, Ууга түспүт таастыы, Доҕотторум тимирдилэр... Л. Попов

«Т» буукуба