Перевод с якутского
дьай
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы оказывать влияние, воздействовать
English (psychology) to affect, to have an effect (on), to influence
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Нууччалыы оказывать влияние, воздействовать
2 туохтуур #
Кимиэхэ-туохха эмэ сабыдыалла оҥор, сабыдыаллаа
Нууччалыы Оказывать на кого-что-л. влияние, влиять
Күүстээх эмтэр дьайаннар буолуо, аны кини түүнү-күнү билбэккэ утуйа мээрик буолбута.
Н. ЛугиновРобсон туохха да ымыттыбат лоҥкунас куолаһа барыларыгар этиҥ сааллыбытын курдук дьайда. Г. Угаров 1977 сыл ахсынньытыттан билиҥҥэ диэри күҥҥэ бэйэтигэр олус улахан уларыйыылар буола тураллар. Ол уларыйыылар сиргэ эмиэ араастык дьайаллар ЭК
3 туохтуур #
Оҥор, ай, үлэлээ
Нууччалыы Делать что-л., творить, работать, действовать
Айылҕа ийэм, абыраа, Аҕал өлбөт сүбэҕин. Тугу дьайан, туһалаан Сааттан-сууттан куотабын? С. Данилов Тоҕус дьоннорун Чокуйталаан кэбистэ. Сол курдук дьайан баран Чупчуруйдаан обургу Торуонуттан ойон турда. Эллэй. Билигин Японияҕа алта уон аҕыс дьайар, ону таһынан сүүс биэс уон умуллубут вулканнар бааллар ЭК
4 туохтуур #
Киир, тимир (күнү этэргэ)
Нууччалыы Приближаться к закату, садиться (о солнце)
Күн дьайан, күлүктэр уһааннар, Сааскы түүн сабардаан иһэрэ. Күннүк Уурастыырап Таатта куулата. Күн дьайыах буолбут Бэс Дьарааһын
5 аат тыл #
поэт. Киһиэхэ сору-муҥу, ыарыыны, өлүүнү аҕалар күүс (тыын, сидьиҥ, үксүн хара, хараҥа диэн эпиитэттэри кытта тут-лар)
Нууччалыы Сила (дух, нечисть), приносящая человеку страдания, болезни, смерть (обычно употр. с эпитетами хара, хараҥа). [Эһиэхэ] Кир киирбэтин, Дьай дьайыҥнаспатын, Эрэй эҥсибэтин, Буруй буулаабатын!
Онон бу үлэһит-харамай дьоннору бүтүн аан дойду үрдүнэн хапытаал хараҥа дьайыттан быыһыах, босхолуох тустаахпыт.
П. ОйуунускайКиһи аймаҕы Гитлер хара дьайыттан араҥаччылаабыт улуу Сэбиэскэй Сойуус норуота буоларгынан киэн тутун, күлүмнээ! Амма Аччыгыйа
6 аат тыл #
Куһаҕан, түктэри үгэс, идэ; дьаллык
Нууччалыы Дурная привычка, порок
Ким баар этэй хаарты дьайыгар ылларбатах, ким баар этэй хаарты илбиһигэр хаанынан ытаабатах?!
П. ОйуунускайИпатий кулаактарга агеннаан уонна кэнники уоруйах кирдээх дьайыгар ылларан хас да төгүл хаайыыга олоро сырытта. М. Доҕордуурап Эн, урукку морячок, итэҕэл дьайыгар кулгааххар тиийэ дьуоҕарбыккын. М. Шолохов (тылб.)
7 аат тыл #
Өҥ-дьүһүн күлүгүрэн эбэтэр сыдьаайан көстүүтэ
Нууччалыы Отлив, оттенок, отблеск какого-л. цвета
Өркөн төлөн дьайдаах кытарар былааҕым, кыыһан-ыыһан тахсан, күндээрэн көһүннэ.
П. ОйуунускайКөмнөхтөөх харыйа курдук Күөх дьай күөннээх Көтөр аал күтүрдэр Көтөн күлүгэристилэр.
Өксөкүлээх ӨлөксөйСр. леб. чай ‘несчастье’