Перевод с якутского
араҕыс
туохтуур
Нууччалыы разделять; расходиться; разветвляться
English to separate, to diverge, to branch out
Ис хоһооно · 13
1 туохтуур #
Нууччалыы разделять; расходиться; разветвляться
English to separate, to diverge, to branch out
манна суол арахсар здесь дорога расходитсяhere the road branches off
2 туохтуур #
Нууччалыы отступать
English to draw back (from)
миигиттэн араҕыс отойди от меняget away from me
3 туохтуур #
Нууччалыы неумолимый; навязчивый
English relentless, obsessive
арахсыбат санаа навязчивая мысльan obsessive thought арахсыбат ыарыы неотступная болезньa relentless disease
4 туохтуур #
Нууччалыы разводиться
English to divorce
кэргэниниин арахсыбыт он развёлся с женойhe divorced his wife
5 туохтуур #
Кимтэн-туохтан эмэ тэй, бар
Нууччалыы Отходить, удаляться от кого-чего-л., отступать
“Ити буоллаҕына, мин эйигин хайаан да сиэн арахсыахтаахпын”, - диэн баран, Чүөчээски тиийэн эһэ айаҕын мутугунан олуйан атытта.
Суорун Омоллоон“Тоҕо баҕас кыһыытай. Бэйи, аны көрүстэрбин эрэ сүгүн арахсыам суоҕа”, - дии санаата Сэмэнчик. Н. Неустроев Бу оҕолор Иван Степановичтан эмиэ арахсыбатылар С. Ефремов
6 туохтуур #
Бэйэ-бэйэттэн тэй, икки аҥыы бар
Нууччалыы Разлучаться, расставаться друг с другом
Ити курдук доҕордуулар ыраах суолу билбэккэ хаамтылар. Эйэҕэстик илии тутуһан араҕыстылар. М. Доҕордуурап Мин биир иһирик ойуурдаах тыаны көрөн барыах буолан кэпсэтэн араҕыстыбыт. Т. Сметанин Кыыс биһикки ону-маны чочумча кэпсэппэхтээн баран араҕыстыбыт И. Федосеев
7 туохтуур #
Туох эрэ биир кэлимиттэн быстан тэй, хоҥун, түһэн хаал
Нууччалыы Отстать, оторваться, отделиться от чего-л. целого
“Барыаҥ буоллар бэйэҥ бар!” - эдэр ойуун онон дьонуттан кыыһыран, өһүргэнэн, арахсан сискэ туораан тахсан хонно. Эрилик Эристиин Биир бөлөхтөн уоллаах кыыс арахсан, уулуссаны бэтэрээ өттүнэн сэргэстэһэн истилэр. Дьүөгэ Ааныстыырап. [Атым] онтон өрө тэбэ-тэбэ ыстанна, миигин үөһэ өрө тэбэн таһаарда. Мин ыҥыыртан арахсан хааллым Т. Сметанин
8 туохтуур #
Кимниин эрэ кэргэннии буоларгын тохтот
Нууччалыы Развестись с женой, мужем, расторгнуть брак
Кырдьык даҕаны, эртэн арахсар сүрдээх кэбирэх да эбит, дьон ол иһин даҕаны арахсаллара буолуо. А. Софронов Билигин бэйэтэ эриттэн арахсан бардаҕына - киһиэхэ иирэн араҕыста, олохпутун алдьатта диэн, хамнаһын да биэриэхтэрэ суоҕа
П. Ойуунускай
9 туохтуур #
Кими эмэ кытта бииргэ олороргун тохтот
Нууччалыы Прекратить совместное проживание с кем-л. [Чыычаах:] Эн буоллаххына миэхэ аһыҥ куһаҕанын талан биэрэҕин
Эһиил мин эйигиттэн арахсыам, - диэхтээбит.
Суорун ОмоллоонАбааһы аһаабыт сириттэн арахсыбат, эн даҕаны, күөх ис быыпсай кулуба эмсэхтээбит оҕото, киниттэн арахсыаҥ дуо? С. Ефремов Бүөтүр, оҕонньор орто уола, дьонуттан икки ынахтаах, биир тыһаҕастаах уонна биир кунан оҕустаах арахсыбыт А. Бэрияк
10 туохтуур #
Хайа эрэ диэки туораан, туспа бар (суол туһунан)
Нууччалыы Отделиться, идти в другом направлении (о дороге)
Бөлүүн кини хайыһарынан киирбит сирин кыратык ааһарын кытта, кыараҕас суол арахсан, тус соҕуруу түһэ турар эбит. Амма Аччыгыйа Онтон аара суол араҕыста. Биһиги, иккиэн саҥа дьон, бу икки суолтан хайатынан барары билбэтибит Н. Заболоцкай
11 туохтуур #
Чаастарга, бөлөхтөргө араарылын
Нууччалыы Делиться на части, группы
Итинэн саха мифологиятын сүрүн геройдара үс суол наарданан арахсаллар: айыылар, иччилэр, абааһылар. Саха фольк Эдэр пионердар икки отделениеҕа арахсаллар Н. Якутскай
12 туохтуур #
Умулун, аас, ааһан-хаал (үксүн мэлдьэх ф-ҕа тут-лар)
Нууччалыы Забываться, проходить (часто употр. в отриц. ф.)
Сэрии сорун-муҥун, алдьархайын куттала икки атахтаахтан тоҕо ааһан, арахсан биэрбэтий?
Суорун ОмоллоонМаайыс, тоҕо эн ыраас, сырдык мөссүөнүҥ миигиттэн арахсыбата буолуой? С. Ефремов “Аас-туор адьас араҕыстын, Уйгулаах эрэ олохтон, Ууһуур-тэнийэр бар дьоннон! Дьуон Дьаҥылы
13 этии #
Аан дойдуттан (орто дойдуттан) араҕыста - өллө, тыына быһынна Бу орто дойдуттан арахсарбытыгар өтөх төҥүргэһэ, сурт кэриэһэ суох хаалбат, биһиги оҕолорбут солбуйаллар. Софр. Данилов. Улахан саадьаҕай ынаҕа, ат кутуругар холбоммуттарын кэннэ: “Чэ, бырастыыларыҥ! Мин албын суолга ананан, аан дойдуттан арахсан эрэбин”, - диэххэ айылаах маҥыраата. Эрилик Эристиин.
Нууччалыы Он ушел из жизни, он отошел от мира сего
Этиилэр
Атырдьах маһыныы араҕыста көр атырдьах
Күн (айыы) сириттэн араҕыс көр аан дойдуттан (орто дойдуттан) араҕыста
Хаспыт бу кырыыстаах өстөөх ордууламмыт сиригэр тыына быстар, күн сириттэн арахсар. ХС Санаабын таппатаххытына, элбэх өлүү-сүтүү көтөллөөх, аан холорук аргыстаах айыы сириттэн арахсыам. И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Уҥуох араҕыс көр уҥуох