ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

арахсыы

аат тыл, аат

Нууччалыы разделение

English separation, breakup, discord

Ис хоһооно · 4

1 аат #

араҕыс диэнтэн хай. аата. [Бу суол] тиэрдиэ да, бөһүөлэк чугаһаатаҕын аайы, суол арахсыыта элбээн иһиэҕэ. Амма Аччыгыйа. Паровоз хас арахсыы аайы тохтуу түһэр уонна эмиэ ааһан иһэр. Эрилик Эристиин. Саха тылын түөлбэлэринэн арахсыытын наардааһыҥҥа өссө өрөбөлүүссүйэ инниттэн холонуулар бааллара. “ХС”. Бу дьахтар баран испит, бу ыйыллыбыт суол арахсыытыгар кэлбит. Саха фольк

  • Арахсыы мэлдьи арахсыы. Оттон маннык [сэриигэ баран] арахсыы көннөрү арахсыытааҕар сүүс, тыһыынча төгүл ыарахан. Софр. Данилов. Арахсыыга Чернышевскай уолугар хаппаҕар араас сибэкки ортотугар павлин ойуулаах хоруопканы бэлэхтээбитэ.
    ХС
  • Арай эдэр сааһын сулусчаана Маня ууламмыт хараҕар Лаврентий Николаевич кистэлэҥэ суох кутурҕаны, арахсыы абаккатын, муҥун көрөн, сүрэҕэ кыламмыта
    Н. Габышев

2 аат тыл #

Чугас дьоҥҥуттан, дойдугуттан ыраатан, тэйэн сылдьыы, олоруу

Нууччалыы Разлука, расставание с родиной, родными

3 аат тыл #

Кими эмэ кытта кэргэннии буолан олорору тохтотуу

Нууччалыы Развод, расторжение семейного брака

  • Антах ороҥҥо хараҕа суох оҕонньор, уоһун кытта ботугуруур саҥата иһилиннэ: "Аныгы үйэ буолан эр-ойох иирээнэ, арахсыыта элбээн турар, бадаҕа".
    Н. Неустроев
  • Бу кэмҥэ Нуораҕанаҕа арыгы дьаатыгар ылларбыт дьоннор үгүс этилэр. Арыгыттан тэптэрэн өлүү-сүтүү, оһоллонуу, кэргэнниилэр арахсыылара, этиһии, охсуһуу үгүс буолара.
    ПДИ КК

4 аат тыл #

Бииргэ үлэлээн-хамсаан, өйдөһөн олорон, туохтан эрэ сылтаан хайдыһыы, сөпсөспөт буолуу

Нууччалыы Раскол; раздор

  • Кэлэктиип иһигэр арахсыы таҕыста

«А» буукуба