Перевод с якутского
хайдыы
аат тыл
Нууччалыы разлом, расщелина, трещина
English split
1 аат тыл #
Сир хаҕын үрүт араҥата хайа ыстаныытыттан үөскээбит хайа барыы
Нууччалыы Разлом, расщелина, трещина (земли)
Ыттар ойбут омуннарыгар хайдыы уҥуор баар буола охсубуттара. С. Тумат Чуумпу акыйаан киин өттүгэр түгэҕэ дэхситийэр, ол эрээри сүүнэ улахан хайдыыларынан быһытталанар. КВА МГ
2 аат тыл #
Ууллуу (хаар туһунан)
Нууччалыы Переход в жидкое состояние под действием тепла, таяние (снега)
Сааһын хаарбыт хайдыытыгар Салаҥ үчүгэй буолар Баал Хабырыыс
3 этии #
Нууччалыы Речка с глубоким узким руслом
Этиилэр
Хайдыы үрэх
дириҥ көҥүстээх үрэх Ойуур Хаҥас өттүгэр Халыһыйар Хайдыы үрэхтээҕэ.
Барыта үс көс кэриҥэ усталаах хайдыы үрэхтэр, араас аппалар үөскээтилэр. ТМ ДК. Арай бу сүдү улахан күөлгэ илинтэн хайдыы үрэх күннэри-түүннэри быстыбат уутун суккуйар эбит. АНВ СТУ