Перевод с якутского
хайыт
туохтуур
Нууччалыы колоть, раскалывать что-л.
English to split, to tear
Ис хоһооно · 8
1 туохтуур #
Тугу эмэ (хол., маһы) икки аҥыы арахсар гына хайа оҕус, тус-туспа араар
Нууччалыы Колоть, раскалывать что-л. (напр., дрова)
Уонча мүнүүтэ хаамаат, үнүрүүн Ванялыын хайытан муҥнаммыт тииттэригэр кэтиллэ түстэ. Амма Аччыгыйа [Өрүүнэ:] Чэ, ону-маны лабаҥхалыы олорума. Хата бар, маста хайыт. С. Ефремов Өлөксөй санаата кэлбиччэ, мас кыстыырга турар халыҥ сүгэни ылан, кураанах хардаҕастары хайытан лаһырҕата турда В. Титов
2 туохтуур #
Туох эмэ бүтүнү, кэлимсэни (хол., таҥаһы) хайа тарт, хайа тэл, хайа тыыт
Нууччалыы Рвать, разрывать, распарывать (напр., ткань)
Быһах ылан күлүйүөҥкэни хайыппытым. Н. Якутскай Охоноон Симон ыстаанын быһаҕынан хайытан уһулла. Л. Попов Быралгы биир хаа мохуорканы хаатын хайытан саппыйатыгар куттар С. Маисов
3 туохтуур #
Туох эмэ (хол., сүөһү, кыыл) иһин тэлэ быс, тэлэ ас
Нууччалыы Разрезать, вспарывать, вскрывать что-л
Арай үөлээри иһин хайытан көрбүппүт, көҕөммүт уон сымыыттаах буолан биэрбитэ. Далан Өлөксөй улахан морж тириитин сүлэн, иһин хайыппыта. ХС [Сылгыны] иһин өрөһөтүн хайытан ахтатыгар диэри тиэрдэллэр КЕФ СТАҮө
4 туохтуур #
Туох эмэ элбэҕи тус-туспа наардаа, араартаа
Нууччалыы Разделить, разбить что-л. на части
Саха фольклоругар баар остуоруйалары сүнньүнэн үс суолга хайытыахха сөп. Саха фольк Тойон саллааттарын үс аҥыы хайытта. П. Филиппов Дьон элбэх сүөһүнү биир сиргэ түмпэккэ, хайытан туталлара: уу чугаһыгар, от үрдүгэр иитийэхтииллэрэ И. Данилов
5 туохтуур #
Тугу эмэ (хол., салгыны, долгуну) икки аҥыы тэлэ араарар курдук күүскэ хамсан
Нууччалыы Сильным движением делить на двое, разделять, рассекать (напр., воздух, волну)
Ханан эрэ ырааҕынан Хаары хайытан таҕыста. Баал Хабырыыс Эрдиммит тимир аал борохуот Долгуну хайытан дэгдэйдэ. С. Васильев Орулуостар салгыны хайытар кынаттарын тыаһа куһугуйар С. Маисов
6 туохтуур #
Дьон санаатын уларытаары, утары туруораары тугу эмэ гын
Нууччалыы Вносить разногласие (во мнениях людей)
Сорохтор дьон санаатын хайытаары соруйан ыйыталлара, сорохтор, кырдьык, мунааран ыйыталлара. КН ТДь
7 этии #
Этиилэр
Сүрэҕин хайыт көр сүрэх I
Киэһэ өлөөрү сытар убайым дьонуттан кэлэ оҕустун диэн илдьит кэлэн сүрэхпин хайытта. А. Бродников "Бэйи, мин кинини сүрэҕин хайыттаҕым, этин салаһыннардаҕым ээ", – дии санаата. Р. Кулаковскай
Сүрэҕэ хайдыбыт көр сүрэх I
"Бээх" диэт, хаартан хап-хара көтөн тахсыбытыгар уол сүрэҕэ хайдан өлө сыста. Болот Боотур Төрүт эрдэ көрөн сүрэҕэ хайдыбыт бостуук Миитэрэй өлүккэ чугаһыы да соруммата. Р. Кулаковскай
Халыҥ тириитин хайыт көр халыҥ
Хайаан даҕаны Халыҥ тириигин хайытан, Хара хааҥҥын тохпокко эрэбин, Харыс да аҥаарын Халбарыйыам суоҕа.
П. Ойуунускай[Дыгын:] Хайа, хорсуннарым! Хайдах сырыттыгыт, Бөрө Бөтүҥ бөтөстөрүн халыҥ тириилэрин хайыттыгыт дуо? "Чолбон"
8 этии #
Нууччалыы Продольная пила
Хайытар эрбии эргэр. – бэрэбинэни уһаты эрбээн хаптаһын оҥорорго туттуллар эрбии Ипатий Лука Ивановтуун хайытар эрбиилэрэ, үөһэ-аллара биэрэҥнээн, күн уотуттан күлүм аллайар. М. Доҕордуурап Былыр хайытар эрбии диэн баара. ЕХД КТ