ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

халыҥ

даҕааһын

Нууччалыы толстый

English thick

Ис хоһооно · 7

1 даҕааһын #

даҕ

Өссө холобурдар (1)
  • Таба – хаар оҕото – халыҥ хаартан Хаһан даҕаны иҥнибэт
    И. Эртюков

2 даҕааһын #

Чарааһа суох; дириҥ

Нууччалыы Большой в объеме, в обхвате, в поперечнике, толстый; глубокий

3 даҕааһын #

Куппут-симмит курдук, киппэ, үскэл (эт-сиин, куҥ туһунан)

Нууччалыы Полный, тучный, плотный (о теле, туловище)

  • Халыҥ куҥнаммыт, Хат таманнаммыт диэн [атын хайҕаата].
    П. Ойуунускай
  • Айдар быраатын халыҥ санныттан кууһан ылла.
    Н. Лугинов
  • Василий Михайлович, халыҥ куҥнаах-таастаах, намыһах уҥуохтаах киһи, -- төттөрү-таары хаамта.
    Ф. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Өлөөнө тиэтэйэн түргэнник дайбаата. Иннигэр оҕонньорун халыҥ көхсө багдайар
    М. Доҕордуурап

4 даҕааһын #

Элбэх ахсааннаах, үгүс ханыылаах

Нууччалыы Бесчисленный, несмеиный

  • Былыр Бэһиэлэйэптэр сүүнэ халыҥ аймах дьон эбиттэрэ үһү.
    Амма Аччыгыйа
  • Кулуба халыҥ сүөһүтүн эмиэ ойуун сиэтэҕэ диэн сэрэйэллэр.
    И. Гоголев
  • Бааска үрдүнэн ааһан иһэр халыҥ үөрдээх моонньоҕоннору күөрэтэн биэстэ субурутта
    Далан

5 даҕааһын #

Уҥуоргута, бараныыта чугаһа суох, ыраахха диэри тайыыр (хол., тайҕаны, тыаны этэргэ)

Нууччалыы Необъятный, обширный, массивный (напр., о тайге, лесе)

  • Халыҥ сис тыаны быһа түһэн, киэҥ ходуһалаах алааска ойутан тахсыбыттара.
    Н. Лугинов
  • Уйбааскылаах үрүҥ хаарга хам баттатан сөҥөн турар халыҥ тыаҕа киирдилэр.
    Л. Попов
  • Массыына халыҥ тайҕа устун нэлэһийбит кутуу суолунан айаннаан иһэр
    П. Аввакумов

6 даҕааһын #

Кырата суох, улахан (буруй туһунан)

Нууччалыы Серьезный, значительный, тяжёлый (о вине, проступке)

  • Миигин да халыҥ буруйбуттан, хараҥа аньыыбыттан быыһаатыҥ, онуоха үөрэ-көтө турабын. Ньургун Боотур. Халбарыйбат халыҥ аньыыгын Хааҥҥыттан иэстиэхтэрэ.
    П. Ойуунускай
  • [Сатараал:] Ийээ, оччоҕо бырастыы гынаҕын дуо халыҥ аньыыбын?
    Суорун Омоллоон

7 этии #

Нууччалыы Бестактный, несдержанный (о речи – букв. язык его толстый)

Этиилэр

Суон сааллан көр суон

  • Соххор-доҕолоҥ сорунан-муҥунан суон саалламмыттар, хара-кыра норуот хааннаах хараҕын уутунан, хара көлөһүнүнэн халыҥ хаһаламмыттар – бу аата буолар баайдар диэн.
    П. Ойуунускай

Суон тыын, халыҥ тыын көр тыын II

  • [Айыы Умсуур эдьиийим!] Суон тыын толуура, халыҥ тыын хардайа буол эрэ! Ньургун Боотур.

Тыла халыҥ

холустук, сиэрэ суохтук саҥарар Ээ, ити киһи тыла халыҥ.

Халыҥ сириттэн ылларда

силлибэт сириттэн ылларда диэн курдук (көр силин).

  • Уоруйах халыҥ сириттэн ылларда.

Халыҥ тириилээх

кыраҕа ымыттыбат, дьиппиэн (киһи).

Толстокожий, бесчувственный, неотзывчивый, нечуткий (человек).

  • Оо дьэ, киһи да бөҕөбүн! Халыҥ да тириилээх эрэйдээхпин…
    С. Никифоров
  • Халыҥ тириитин хайыт фольк. – өлөр, өһөр. Убивать, уничтожать (букв. распороть его толстую кожу). Бу эппит тылыҥ, саҥарбыт саҥаҥ иннигэр, сибилигин халыҥ тириигин хайытаммын хара хааҥҥын супту оборон ылыам! Ньургун Боотур. Ыар ыалдьыт, нүһэр хоноһо буолан, халыҥ тириитин хайытан, хараҥа хаанын тоҕон, иэһи боруостаан көрүөм.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
  • [Дыгын:] Хайдах сырыыны сырыттыгыт, Бөрө Бөтүҥ бөтөстөрүн халыҥ тириилэрин хайыттыгыт дуо? "Чолбон". Халыҥ харчы кэпс. – ахсаана биллибэт, элбэх харчы. Большие деньги (букв. толстые деньги). [Сэмэн:] Хайа, миэхэ халыҥ харчыга атыылаан сииргэр маннык майгылаах диэбэтэҕиҥ дии.
    А. Софронов
  • Ханна баҕарар сылдьарга, Хара "Москвич" да ыларга Хармааныгар-хаассатыгар Хаарыһынан халыҥ харчы.
    Күннүк Уурастыырап
  • Өйдөөх киһи, куоракка да олорон, халыҥ харчыны булар баҕайыта.
    У. Ойуур

Халыҥ хаһалаахтар, суон сааллаахтар көр саал I

Биһиги, кыра дьоннор, араас тардыыны дууһа баһынан -- баайдары, күөх истэри, халыҥ хаһалаахтары, суон сааллаахтары кытта тэбис-тэҥҥэ төлүүр этибит. П. Ойуунускай. Халыҥ хаһанан харчыта кэбис (охсун), суон саалынан мохсуота уурун (кэбис) көр саал I. Ооксиэ дуо, оҕолоор! Халыҥ хаһанан харчы кэбиһэр, Суон саалынан мохсуо кэбиһэр, Айгы-буйгу, аан чалбараҥ диэн Бу аата буолбат дуо! Өксөкүлээх Өлөксөй. [Баайдар] халыҥ хаһанан харчы охсуналлар, суон саалынан мохсуо ууруналлар. П. Ойуунускай., суон дурда буол – барыттан бары көмүскээччи, харыстааччы буол.

Будь нашим надёжным защитником, крепким заслоном.

  • Тоҕо сэбиэт оҥорбуттарай, дьэ халыҥ хахха, суон дурда буол.
    Болот Боотур
  • Сорох ардыгар наада буолар түбэлтэтигэр халыҥ хахха, суон дурда буолбута. "ХС"

«Х» буукуба