ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

суон

даҕааһын

Нууччалыы толстый

English thick

Ис хоһооно · 6

1 даҕааһын #

даҕ

2 даҕааһын #

Туоратын төгүрүччү мээрэйинэн улахан

Нууччалыы Толстый. Суон тиит. Суон быа. Суон киһи. Сорох мастар суоннара сүүрбэ миэтэрэҕэ тиийэр эбит. Суорун Омоллоон. Биирдэрэ намыһах уҥуохтаах, хатыҥыр, иккиһэ өссө намыһах уонна суон. Н. Заболоцкай. Нина ийэтэ суон, бөкүнүк үрүҥ илиитинэн сүүһүттэн көлөһүнүн сотунна. Н. Габышев

3 даҕааһын #

Намыһах, сөҥ (куолас)

Нууччалыы Низкий, густой (о голосе)

  • Хатан-хабараан саҥата Хайыта ыстанан барда, Суостаах суон модун саҥата Дэлбэриттэн барда.
    П. Ойуунускай
  • "Тохтоо, тохтоо!" – Никита ааны саба-саба суон куолаһынан көбдьүөрдэ.
    Н. Лугинов
  • Суон күөмэйинэн дьону ыҥыран көөҕүнээтэ
    С. Никифоров

4 даҕааһын #

Сүдү, сүҥкэн, улахан

Нууччалыы Огромный, значительный

  • Суох, доҕоор, Суруксут суон суолталаах, Баары-суоҕу баһыйар.
    А. Софронов
  • Уолуо суох уһун уйгу, Суоллуо суох суон соргу – Өҥ-тот бөҕө үөскээбит, Өрөгөй бөҕө үрдээбит.
    Болот Боотур
  • Уутуттан уһуктан, Суон ойуур суугунуур. Эллэй. Мусуой суон сураҕа ыраахтан-чугастан араас идэлээхтэри тардар.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Утары суолт. синньигэс

5 этии #

Этиилэр

Дьиэтигэр кэлэн халыҥ хаххатыгар, суон дурдатыгар

ийэтигэр үҥсээхтээбитэ.

  • Доҕорум туһугар, Доҕорум дьолугар Суон дурда буолуоҕум, Олохпун туоруоҕум.
    Л. Попов

Суон сураҕыр көр сураҕыр

  • Хаҥалас улууһугар чугаһынан суох үрдүк дабааҥҥа турар суон сураҕырбыт дьаам – Ат Дабаан баар. Дьүөгэ Ааныстыырап. (Ким, туох эмэ) моонньо суон кэпс. көр моой. Ордук идэ оҥостооччу, Оннук киһи манна суох.

Баар да буоллун, от охсооччу Тулуйуоҕа

моонньо суон.

  • Аҕам, ийэм кырыйдылар, уһуннук олорботторо буолуо. Сүөһүлэрэ-баайдара, атын хаалынньаҥнара суох, барыта мин суон моонньубар хаалар. "ХС"

6 этии #

Нууччалыы Собирательное название всех богатых с оттенком неприязни (букв. имеющие толстый загривок (шею, пузо, дым из трубы)). [Дьэллиикэп Дьэкиим:] Бу биһиги, кыра, кыаммат-тиийиммэт дьоннор, араас тардыыны дууса баһынан араас баайдары, -- суон сааллаахтары кытта тэбис-тэҥҥэ төлүүр этибит

  • Суон сааллаахтар (моойдоохтор, истээхтэр, буруолаахтар) эргэр. – баайдар диэн хомуур суолтаҕа абааһы көрөн этии
    П. Ойуунускай
  • Үрдүк өһүөлээхтэринэн, суон буруолаахтарынан сылдьыаххын?
    Амма Аччыгыйа
  • Суон истээх тойоҥҥо Сордонуом кэриэтэ, Өлөрсөн, охсуһан Өлүөхпүн саныыбын.
    П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (2)
  • Онно [эргиэҥҥэ] кылаабынайдара Дьокуускай суон моойдоро Никифоровтар, Кушнарёвтар, Санниковтар эбиттэр.
    П. Егоров
  • ДТС йоҕан, йоҕун, тат. юан, алт. дьоон, уйг. йоҕан

«С» буукуба