Перевод с якутского
көп
туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы рыхлый
English loose
Ис хоһооно · 13
1 даҕааһын #
Нууччалыы рыхлый
English loose (not compact)
2 туохтуур #
Уу иһиттэн өрө дагдайан таҕыс, уу үрдүгэр күөрэйэн таҕыс
Нууччалыы Подниматься из воды на поверхность; всплывать
Сүүрүк хоту аллара, киһи өлүгэ көбөн тахсыбыта. Н. Якутскай Акула, көбөөт, умсар. И. Гоголев Күндүл уутун күөнүгэр Күөнэх балык көптө Эллэй
3 туохтуур #
Үллэн таҕыс
Нууччалыы Становиться вздутым; вздуваться, набухать
Лаврентий Николаевич сирэйигэр -- тымырдар көбөн таҕыстылар Н. Габышев
4 туохтуур #
Күөрэйэн, үөһэ тахсан ис (үксүгэр күн туһунан)
Нууччалыы Перемещаться вверх, принимать более высокое положение; подниматься ввысь (обычно о солнце)
Күммүт үөһэ көбүө, Көҥүл үөрэ көрүө Күннүк Уурастыырап
5 туохтуур #
Биллибэт буола сылдьан баран, саҥалыы биллэн, бэргээн кэл (ыарыы туһунан)
Нууччалыы Вновь усиливаться (после затухания), прогрессировать (о болезни)
Төбө ыарыыта буулаабыта ыраатта. Сүтэ-сүтэ иккистээн көбөн кэлэр.
Н. ЛугиновУрукку архах сэллигэ көптө, түүн аанньа утуйбат буолан сордонно Н. Павлов
6 туохтуур #
Сүтэн баран хат баар буол
Нууччалыы Вновь обнаруживаться, вновь возникать
Валентин Петрович эмиэ көбөн кэлбит санаатын киэр үүрэ сатыыр. Н. Якутскай Хата, холуочугар көрө-нара ордук көбөр, тыла сөллөр. Н. Габышев Контрреволюционнай үөрдэр эмиэ көбөн турбуттара. СССБ Т. Ср
Өссө холобурдар (1)
тюрк. көп ‘пухнуть’
7 этии #
Этиилэр
Иҥсэтэ көбөр көр иҥсэ
Минньигэс ас сыта билиннэҕинэ, кини иҥсэтэ көбөр, сыҥааҕын уута сүүрэр. И. Федосеев
Күнэ тахсыа, күөрэгэйэ ыллыа, күөнэҕэ көбүө көр күн
Бу төрөөбүт буора ааттаах сиргэ дьолу булбата. Баҕар, онно, атын сиргэ, кини күнэ тахсыа, күөрэгэйэ ыллыа, күөнэҕэ көбүө! Н. Якутскай
Сүрэҕэ көбөр көр сүрэх
Аҕылаабытым күүһүттэн сүрэҕим көбөн, кулгааҕым тыаһа кус кынатыныы куһугуруур. "ХС"
8 даҕааһын #
даҕ
Көп түүлээх ыт. Н. Заболоцкай Тииҥ көп кутуруга Мастан маска субуруҥнас. С. Данилов Көп оттоох сыһыы. Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (1)
Көп бытыгын имэрийбэхтиир Н. Габышев
9 даҕааһын #
Уһун, хойуу (хол., туох эмэ түүтүн этэргэ)
Нууччалыы С длинной, густой шерстью, волосами; мохнатый, лохматый; густой
10 даҕааһын #
Халыҥ, сымнаҕас
Нууччалыы Толстый и мягкий; пушистый
Көп хаар саба түһэн кэбиспит. Амма Аччыгыйа Көп бэриинэҕэ оҕонньор умса түһэ сытара. Л. Попов Суорҕаны чөкө тутан, көп оттоох кэтэҕириин ороҥҥо уурда. С. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Ср. казах. -тат. күпшэк ‘мягкий, рыхлый’
11 этии #
Нууччалыы Значительно покрывая дно посуды
Көп түгэҕинэн - иһит түгэҕин лаппа сабар курдук Кыра кытыйаны көп түгэҕинэн бэс үөрэни испитэ. Эрилик Эристиин Эргэ тымтайга көп түгэҕинэн ньоҕор былаастаах кыһыл харах балыгы сүөкээтэ. А. Федоров Көп түспүт - 1) түгэҕэр түспүт, түгэҕин эрэ сабар буолбут. Θ Уменьшаясь, убывая, оставаться только на дне, лишь дно слегка покрыть, на донышке (оставаться - напр., о воде). Күөх далайа Көп түспүтэ буолаарай диэн, Күлүмэх үгүс Көмүөл мууһу Күүстээх күөммүнэн Көҥү үтүрүйэн киллэрдим.
Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (3)
Үрэхпит быйыл, ардаҕа суох сайын буолан, көп түгэх түһээхтээбит. Н. Босиков Күн киэһэриитэ, оҕолор иһиттэригэр көп түгэх эрэ отонноох кэллилэр. П. Аввакумов; 2) санаата түһэн санньыйбыт, санаарҕаабыт, курутуйбут. Θ Падать духом, приходить в уныние; вешать голову. Коля санаарҕаан көп түгэх түспүтүн өйдөөбөппүн. И. Федосеев Иракли уолчаан, көрүдьүөс бэйэтэ көп түһэн, күлүүтэ-салыыта уурайан кыл тыынынан иһэр дии. П. Егоров
12 этии #
Көп түү - ньуолах түү диэн курдук
13 #
ааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, кө- диэн саҕаланар олохторго сыстар: көп-көнө, көп-көбүөхтэс
Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательного, присоединяемая к основам, начинающимся на кө: көп-көнө ‘очень прямой’, ‘совершенно ровный’, көп-көбүөхтэс ‘запыхающийся, тяжело и неровно дышащий’, ‘вздымающийся, колыхающийся’
Эмтиэкэ иһэ тобус-толору киһи, биир кэм көп-көбүөхтэс.
Суорун ОмоллоонКөп-көнө систээх ат өрө хантайан баран кистии турар эбит Н. Заболоцкай