Перевод с якутского
иҥсэ
аат тыл
Нууччалыы чрезмерное стремление, желание есть, жадность, обжорство
English greed
1 аат тыл #
Аһыахха-сиэххэ наһаа баҕарыы
Нууччалыы Чрезмерное стремление, желание есть, жадность, обжорство
Куттаннар даҕаны, иҥсэтэ тулуппата, сэрэнэн, эмиэ эмэн барда. Болот Боотур Иҥсэлэринэн, сиэмэхтэринэн абытай көтөрдөр этилэр. И. Федосеев Онуоха абааһылар иҥсэлэрин ханнарар гына, кинилэргэ айыы дьонун ымсыытын-оботун көрдөрбөт курдук, түһүлгэ дьуухалатын барытын хомуйуохха наада. С. Курилов (тылб.)
2 аат тыл #
сөбүлээб. Бэйэҕэ туһанар эрэ туһугар үлүһүйүү; кыраҕа баҕа туолбат буолуута, өссө аһара наадыйыы
Нууччалыы Неудержимое желание удовлетворить свое корыстолюбие; алчность, жадность к чему-л. [Баһылай:] Түҥэтиккэ син бэйэбитигэр тиксиэ диэн иҥсэлэригэр ити айылаах оҥороллор
Иҥсэ, өс, сэрии суоҕа буоллар, дьон дьоллоох олоххо тиийбитэ ыраатыа этэ.
Суорун ОмоллоонИҥсэтин көр эрэ! Биир саарба биир түөһүгэр күннээх хара саһыл, тоҕус кугас саһыл киниэхэ аны мыыныылаах буолбут. В. Протодьяконов Эйигин [тайаҕы] биир киһи иҥсэтэ Олохтон араарда, Эрэн дуу, билигин кэтиэхпит, Ол дьаарай тохтуоҕа. Н. Босиков
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. обот, соллоҥ
3 этии #
Нууччалыы Страдать обжорством
Этиилэр
Иҥсэ кэбистэрбит
наһаа оботтоохтук аһыыр, туох да аска топпот буолбут Кини сиэнэ Сээчик кэллэҕинэ, ити иҥсэ кэбистэрбит көтөрдөртөн сорох-сорохторун хайаатар даҕаны сайылатар санаалааҕа.
И. Федосеев.
Иҥсэтэ көптө
1) аһыан-сиэн наһаа баҕарда.
Разыгрался аппетит у кого-л.
Буспут собо минньигэс сыта аччык дьон муннуларыгар дьар гына түһэр, иҥсэлэрин көбүтэр. Н. Якутскай Аччыктаабыт куртаҕа ас киирбитин билэн түүрүллэҥнээн, иҥсэтин көбүттэ. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
Дьэ, Мичил, мииммитин иһиэххэ дуу?.. Сыта дыргыйан, минньигэһэ диэн сүрдээх. Мааҕыттан мин иҥсэбин көбүтэн ахан биэрдэ. Г. Колесов; 2) туохха эмэ ымсыыран баҕарда (ыла, сии, тутта охсоору). Быть, стать алчным, страстно возжелать чего-л. Сүөдэр Бэһиэлэйэп Лэглээрдэр "Дулҕалаахха" оттообут отторугар иҥсэтэ көбөр. Амма Аччыгыйа Аан дойду торҕон бөрөтө, бастыҥ ороспуойа ньиэмэскэй фашизм ыкса ыалын ыйыстан, чугастааҕы ыалын кураанахтаан баран, иҥсэлээх иҥсэтэ көбөн -- көҥүл күн айыы сиригэр – Сэбиэскэй Сойууска саба түспүтэ.
Суорун ОмоллоонСр. казах. еҥсэ ‘иметь страшную жажду’