ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

обот

аат тыл

Нууччалыы обжорство, ненасытность, чрезмерное желание есть

English greed

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Иҥсэ көбүүтэ, аһара иҥсэрии

Нууччалыы Обжорство, ненасытность, чрезмерное желание есть

  • Эһэ олус обото киирбит көрүҥнээх, ыт курдук кыҥнаҥныыр, санаабар балыктаах биэдэрэбин кыҥастаһар, сыраана таҥнары санньылыйар.
    Н. Заболоцкай
  • Обоппун кыайан туттумматым чахчы.
    Ф. Постников
  • Сордоҥ оботун омунугар Оннооҕор оҕотун ыйыстар
    Айталын

2 аат тыл #

Ымсыы, топпот-туолбат быһыы

Нууччалыы Алчность, чрезмерная жадность

  • Уон тарбахпар оботто уган кулу, биэс тарбахпар мэнэгэйдэ кэбиһэн кулу. ПЭК ОНЛЯ I. Батталтан барҕарбыт кулаактар, Туолуо суох эһиги обоккут.
    Эрилик Эристиин
  • Бу дойдуга оҕуруктаах соҕус дьоннор оботторо оонньообута
    П. Филиппов

3 этии #

Нууччалыы Вселяющий ужас, гудящий, высекающий искры кнут

Этиилэр

Обот (иҥсэ) кэбистэр көр иҥсэ

Иһим үллүөр диэри уу-хаар, соҕоон аһы иһэн бордурҕатабын да, ордук обот кэбистэрэн иһэбин. Ф. Постников. Обото көптө (хамсаата) кэпс. - иҥсэрдэ, ымсыырда.

Проявлять жадность, алчность (букв. жадность его всплыла, зашевелилась).

  • Тууһу сиир табалар оботторо көбөр. ПСБ ГБҮ. Сарсыарда көөнньөрбөнү сиэтии сүөһүгэ олус туһалаах, иһин-үөһүн уһугуннарар, оботун көбүтэр. "Кыым". Обото хамсаатаҕына охсуоланар кутуругун хомуна тардан кумуччу туттар. "ХС"

4 этии #

Нууччалыы Шелковистый пух у основания хвоста птиц над сальными железами

  • Обот түү (быччархай) зоол. - кус, көтөр кутуругун төрдүгэр сыа быччархайын үрдүгэр үүнэр ньуолах түү Кус кутуругун төрдүгэр биир чөмөх ньуолах обот түүтүн быһа тардан быраҕар.
    Амма Аччыгыйа
  • [Чыычаах] түүтүн куурдуммут, тумсунан биирдии сыыйан ыраастаммыт, арыынан оҕунуохтаммыт, арыыта обот түүтүгэр баар.
    Суорун Омоллоон
  • Тирии быччархайдарыттан кутуругун төрдүгэр баар обот быччархайа эрэ сайдыбыт: ол быччархайыттан көтөр, тумсунан арыы таммаҕын ыган таһааран, түүтүн оҕунуохтанар. ББЕ
    З. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • кирг. ободой ‘жадность, ненасытность’

«О» буукуба