Перевод с якутского
соллоҥ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы алчность, чрезмерная жадность
English greed
1 аат тыл #
Туохха барытыгар муҥура суох иҥсэлэнии, бэйэ эрэ иҥсэтин өйдүүр буолуу
Нууччалыы Алчность, чрезмерная жадность
Ыал омуктар ымсыылара ыраатта, Ойоҕос омуктар Соллоҥноро олустаата.
Өксөкүлээх ӨлөксөйКэччэгэй баай ааспыт хараҥа үйэҕэ тус бэйэтин соллоҥун толороору ылан, кыһыл көмүскэ уларытан, хара буорга көмпүт эбит. Д. Таас Соллоҥҥутун кыанымнаҕыт, сыраан курдук эттээх тамыйаҕы өлөрөн тураҕыт Р. Кулаковскай
2 даҕааһын #
суолт. Муҥура суох иҥсэлээх
Нууччалыы Алчный, ненасытно жадный
Лэгиэнтэй атыыһыт Саха сиригэр саҥа үөскээн эрэр эргиэн хапытаалын биир соллоҥ бэрэстэбиитэлэ. Н. Якутскай Оо, тукаам! Күн сирин иэнигэр Икки күүс Эйигин эрийэр: Соллоҥ баай сиилэҕин сиэн, эһэр, Симиэрдиҥ өлөргүн кэтэһэр... Эллэй. Кырдьаҕас соллоҥ суор обургу эдэркээн уол ип-итии, уот хаанын иһэ охсоору хааҕырҕаабытынан -- түһэн, чугаһаан барда. ХС Ср. тур. солукан ‘червь (земляной)’