ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

итир

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы напиваться допьяна; пьянеть

English to get drunk, to become intoxicated

Ис хоһооно · 6
I

1 туохтуур #

Өлүөр өйгүн сүтэрэр, булкуллар курдук арыгыта ис

Нууччалыы Напиваться допьяна; пьянеть

  • Кинээс хайыы-үйэ итирэн, хараҕын миин курдук көрбүт, хоолдьуктаах төбөтө айдам босхо барбыт.
    Күннүк Уурастыырап
  • Онтон хаста да арыгытыттан кутан иһэн баран, сирэйэ кытаран, хараҕын ээл-дээл көрөн, итирбит быһыыта билиннэ.
    Эрилик Эристиин
  • Итирэн баран, аҕыраада таһыгар хаһыытыы сырыттаҕына дьон кырбаабыттар үһү диэн эмиэ биир айдаан буолла
    М. Доҕордуурап

2 туохтуур #

Күүстээх иэйииттэн өрө күүр, долгуй, манньый (үксүн поэз. тут-лар)

Нууччалыы Приходить в восторженное состояние, в возбуждение, экстаз от какого-л. сильного впечатления, переживания

  • Дьолбуттан итирэн, Долгуйа илистэн, Сүрэҕим умайда, күүрдэ, Сүрүм-кутум, дууһам өрукүйдэ!
    Күннүк Уурастыырап
  • Оой, арылыйар алааһыам, Уйгу сайынтан итирдим, Көҥүл санаабын батыһан Күн көрүгэр көҕүйдүм.
    С. Данилов
  • Үлэни таптыыр артыалтан Үөрэн, сүрэҕим итирдэ
    Күннүк Уурастыырап

3 этии #

Хараарчы итирбит кэпс. – тугу да билбэт буолуор, өйүн сүтэриэр диэри итирбит Арыгы бөҕөнү испит. Онтон хараарчы итирэн өйүн сүтэрэн кэбиспит. Н. Якутскай

Нууччалыы Напиться до потери сознания (пульса)

4 этии #

Нууччалыы Безалкогольные напитки

Этиилэр

Иирдиҥ дуу, итирдиҥ дуу? көр иир I

Итирдибэт утахтар

арыгыта суох утахтар Итирдибэт утахтары дэлэтэн эрэллэр.

  • Итирдибэт утахтары оҥоруу кэҥэтиллэр. ССРС АҮө
    П. Тюрк
  • исүр, эсир
II

5 аат тыл #

Сүөһү ханнын бүрүйэ үөскүүр чараас сыа

Нууччалыы Тонкий сальник у рогатого скота, брыжейка

  • Тиэрбэс хаана Дэриэбинэ ыалы Тилэри диэлийдэ; Уоп итир Отох дьоҥҥо Остуол буолла.
    Саха фольк
  • Улахан кыыстара, ийэтигэр ис ырытыһа сылдьан, харын итирин биир чохоону толору муста.
    А. Софронов
  • Ханнын сыатын (итирин), бүөрүн, быарын, сиһин үөһүн, сүрэҕин -- быһан ылан, эмиэ курумҥа анаан ууруллар.
    Я. Семенов
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. чоҕочу. Ср. тоф. едер ‘жировая рубашка поверх желудка рогатого скота’

6 этии #

Этиилэр

Итир былыт көр былыт

  • Илиҥҥи саҕахха итир былыт кытара кыыспыт.
    Н. Якутскай
  • Алаарап иттэннэри түһэн, төһө да киэһэрдэр, бэс ыйынааҕы сып-сырдык халлааҥҥа итир былыттар ибигирэһэллэрин одуулуу сытар.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Итир былыт онон-манан тунааран көстөр. А. Сыромятникова

«И» буукуба