Перевод с якутского
итирик
даҕааһын, аат тыл, сыһыат
Нууччалыы пьяный, изрядно выпивший
English drunk
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
Улаханнык арыгы испит
Нууччалыы Пьяный, изрядно выпивший
Итирик киһиттэн оннооҕор ыт куттанар (өс ном.). Кини итирик салайааччылаах массыынаҕа түбэһэн, хас да сиринэн сиһэ тостубут. Амма Аччыгыйа Турахин эдэр ойоҕо итирик куолаһынан саҥаран тыыбырҕаан баран, оҕонньорун санныгар өйөнө түһэн кэбистэ. Эрилик Эристиин Тааҥкалар кэннилэриттэн хара синиэллээх итирик эсесовецтар кэрээнэ суох сырсан хорохочуһалларын көрөҥҥүн этиҥ саласпыта ССС
2 аат тыл #
суолт. Өлүөр өйүн сүтэрэр, булкуллар курдук арыгылаабыт киһи
Нууччалыы Человек, выпивший много спиртного; пьяный
Итирик итириги сөбүлүүр (өс ном.). Итириктэр хаартылаары үллэҥнэстилэр. Амма Аччыгыйа [Охоноос:] Ноо, итириктэр бааллар дуо? Л. Попов Бу арыгы баар алдьархай төрдө. Өстөөхтөрбүт итириктэри көрө-көрө холуннарыы, хомпуус оҥостоллор П. Филиппов
3 сыһыат #
суолт. Улаханнык арыгылаан
Нууччалыы Изрядно напившись
Итирик киирэн кэллэхпинэ, Катя олус соһуйуо, мөҕөрө да буолуо. Амма Аччыгыйа Саша киэһэни көтүппэккэ кэриэтэ хойутаан, арыт холуочук, арыт итирик кэлитэлээбитэ. Н. Якутскай Манна ол кырдьаҕас хаһан эмэ көһүннэҕинэ да, икки хараҕын чал курдук көрөн, күөл итирик кэлээччи. НС ОК
4 этии #
Нууччалыы Мертвецки пьяный; лыка не вяжет. [Дьөгүөссэ:] Бэйэтэ өлөр итирик
Этиилэр
Өлөр итирик
атаҕар уйуттубат, кыайан да саҥарбат итирик А.
Софронов. Толстоухов өлөр итирик. Н. Якутскай