ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

былыт

аат тыл

Нууччалыы облако; туча

English cloud

1 аат тыл #

Атмосфераҕа уу паардара сойон хойдон мунньустубуттара

Нууччалыы Облако; туча

  • Быстах былыт. Туман былыт.
  • Өрүс халҕаһатын курдук логлоруттаҕас былыт үрдүнэн көтөн иһэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Былыттар быһыттан, үрэллэн, тарҕанан, Быданан-убанан хаалтара.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
  • Былыт диэн син биир туман. МНА Ф
    Г. Тюрк
  • булыт, булут

2 этии #

Нууччалыы Как гром среди ясного неба

  • Былыта суохха этиҥ сааллыбытыныы - туох эмэ күүтүллүбэтэх, куһаҕан соһумардык буоларын этэргэ Фашисткай Германия биһиэхэ сэриинэн түспүтүн туһунан сурах былыта суохха этиҥ сааллыбытыныы нэһилиэги бүтүннүүтүн соһуппута. "Кыым". Былыттаах халлаан курдук киһи - биир бигэ тыла суох, уларыта сылдьар киһи. Θ У него семь пятниц на неделе. Былыттаах халлааҥҥа быкпатах (быгымына) - олус күндүтүк тутан, бүөбэйдээн, саһыаран, кистээн улаатыннар (олоҥхоҕо кыыс туһунан этэргэ). Θ Воспитать очень бережно, не показывая посторонним (о героинях - девушках в героическом эпосе якутов - олонхо). Былыт баттыыр - тыал-хаар, ардах буолаары гыннаҕына, ыараа, ыарытыйан бар (аалларан ыалдьааччылар, дьарҕалаахтар тустарынан). Θ Чувствовать себя плохо, болеть перед непогодой, ненастьем (напр., о хронических больных). Уу-чуумпу бөһүөлэккэ Улуйаллар, арай, ыттар, Былыт баттаан дьон бэркэ Бырда суох утуйбуттар.
    ХС
  • Былыт Кыыһа - былыргы сахалар итэҕэллэринэн, улуу ырыаһыттары кытта аат-суол былдьаһан, күрэстэһэн ыллаһар үөһээҥи абааһылар кыыстара. Θ По поверьям древних якутов: дочь верхних демонов, которая поет, соревнуясь с великими певцами. Баатар Дьаакып ааттаах ырыаһыт. Кинини кытта Былыт Кыыһа ылласпытыгар: “Кугас ынах Кутуругун төрдө, Кулгааҕын төбөтө _ _ Хойуулаах убаҕаһа, Хор, Хоттум ээ, мин киһи, Хоох-ух, хоох!” диэн куоппута үһү.
    Күннүк Уурастыырап
  • Былыт Кыыһын Быһа кыйдаан ылан Дьиэрэҥкэйдэтэн, дьэһиэкэйдэтэн, Суомах дьоммун соһутаары, Сорунан суламмытым.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (2)
  • Быыкаабыттан истэрим - Былыт Кыыһа ыкса киэһэ, Ый Күн алтыһыыта, Аһаҕас эттээх-хааннаах Айар илбис эҥэрдээх Айыы оҕотун кытары Аат былдьаһан ыллаһарын.
    М. Тимофеев
  • Былыттан тардыс - хойуутук буруолаа, үөһэ таҕыс (оһох буруотун туһунан - баайдык-дуоллук, байылыаттык олоруу бэлиэтин быһыытынан). Θ Густо дымить, подниматься высоко (о дыме из печи - как признак зажиточной жизни). Улуу нуучча омук норуота Бырааттыы илиитин ууммута, - Унаар күөх, аал уоппут буруота Былыттан тардыһар буолбута. Күннүк Уурастыырап

3 этии #

Нууччалыы Небольшое облако, небольшая туча

  • Босхо (быстах) былыт - кыра лоскуй былыт Сөрүүн тыал үүрдэ Этиҥи кытта Босхо былыты Арҕаа мырааҥҥа, Араас өҥнөнөн Кылбаара кыыста Арылы кустук.
    С. Данилов
  • Таас сир кыараҕас үрэҕэ босхо да былыттан таһымнаан барааччы.
    Н. Заболоцкай
  • Быстах былыт күнү бүөлээтэ.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (21)
  • Сөрүүн тыал кэлэрэ Ол киэҥ алаастан Самыырдаан ааһара Быстах былыттан.
    В. Иванов
  • Итир былыт - үөһэнэн сылдьар үрүҥ чараас кэрдиистиҥи көрүҥнээх уһун синньигэс былыттар (үксүгэр сайын ыраас, куйаас кэмҥэ көстөөччүлэр). Θ Перистые облака в ясные летние дни. Итир былыттары, киэҥник силэйэ тарыйан, толору ый мылас гына түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • [Күн] Илин халлаан иититтэн, Итир былыт кэнниттэн Сарыал уота чаҕылыйан, Көтөн-ойон күөрэйдэ, Күлүм-дьирим күөгэйдэ.
    С. Васильев
  • Күндэли алаас үрдүнэн - үрдүк, тунал халлаан. Чап-чараас, үп-үрүҥ итир былыттар онно-манна буруолууллар.
    Л. Попов
  • Күдэн (күдэрик, күдээр) былыт - тумаҥҥа маарынныыр, намыһах, түргэнник устар былыттар. Θ Низкие, быстро плывущие туманообразные облака. Аан тайҕа таҥнары сатыылаата, Күнү көрдөрбөт Күдээр былыт Күүгүнүү көттө.
    П. Ойуунускай
  • Күдэн былыт быыһыттан Күммүт күлэ тыгара.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Самолет] Күүгүнүү, күйгүөрэ көттө: Күөх күдэрик былыттары Быһыта силэйтэлээн, Сындыыстыы сыыйыллан истэ.
    С. Зверев
  • Сатыы былыт - намыһаҕынан устар былыт. Θ Низкое облако. Үчүгэй Үдьүйэн Алла-булла кутуруктаах араҕас атын миинэн баран көтөн тахсыбыт, Үөһээ дайдыга. Сатыы былыкка таҕыста.
    Саха фольк
  • Тэкки Одулок ыам бырдаҕын туһунан эппиттээх этэ: “Туох тыынар тыыннаах ааттаахха сатыы былыт буолан кэлэн саба түһэн, кыа хааннарын уулууллар”.
    Н. Заболоцкай
  • Сис былыт - кыһын ортотугар (тохсунньу эргэтигэр) кэлэр хас да хонуктаах былыт, ол былыт кэлиэҕиттэн ыла тымныы күүһэ мөлтүүр. Θ Облака в середине зимы (в конце января), с появлением которых ослабляются сильные морозы. Ол түөкүн саһыл биллибэт буолан хаалла. Сис былыт кэлиэр диэри бүктэҕэ буолуо.
    Амма Аччыгыйа
  • Хаардаан-сиирдээн, сис былыт ааһар.
    Баал Хабырыыс
  • Бу үнүргү Кириһиэнньэ сис былытын иннинэ үктээбит диир.
    М. Чооруоһап
  • Сыстаҥ былыт - кэлим ардах былыта кэлиэн иннинэ киистэнэн убаҕас кыраасканан субуйа тарпыт курдук чараас былыттар. Θ Облака, похожие на полосы как бы начертанные тонкой акварельной кисточкой. Таҥалай (тараах) былыт (тар) - чараас таҥалайдыы кэрдиистээх былыттар. Θ Слоисто-кучевые облака. Мин тиэрэ түһэн, кэтэх тардынан, күһүҥҥү халлааҥҥа тардыллыбыт таҥалай былыттар, үөрбүт харахпар, үрүҥ көмүс симэх буолан көстөллөрүн одуулуу сыттым.
    Т. Сметанин
  • Араҕас сабыдыал халлаан Тараах былыт курдук Таҥнары найҕаран түһүүтүгэр _ _ Кытай Бахсылааны олохтообуттара эбитэ үһү.
    П. Ойуунускай
  • Тоҥ былыттар - сайыҥҥы логлоруттаҕас, өрүтэ өрөһөлөммүт үрүҥ былыттар. Θ Кучевые облака. Тула өттүбэр Эркин хайалар иҥиэттэллэр, Төбөлөрүн Тоҥ былыттарга кистииллэр.
    С. Данилов
  • Кыдьымах курдук тоҥ былыттар өрө адаарыһан таҕыстылар.
    Т. Сметанин
  • Тор былыт - ардах былыта (быстах былыт). Θ Туча. Уулаах былыт - харааран көстөр, ардыахтаах кэлим былыт. Θ Темная дождевая туча. Халлаан дириҥэр, уулаах былыт кэтэҕэр, дөрүн-дөрүн, этиҥ ньириһийэр, чаҕылҕан күлүмнүүр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Уулаах былыттар Куугунаан аастылар, Утаҕы ханнарар Таммахтар куоттулар. Эллэй. Улуу Тукулаан арҕаһынан Уулаах былыттар соһуллаллар.
    С. Васильев
  • Чуо былыт - соҕотох тоҥ былыт. Θ Одинокое облако. Этиҥ былыта (этиҥнээх былыт) - хараҥа өҥнөөх олус халыҥ, этиҥнээх чаҕылҕаннаах, дохсун ардахтаах, үксүгэр күүстээх тыаллаах былыт. Θ Грозовая туча. Түһээтэхпинэ дьиэм таһыгар тахсан турар эбиппин, онно эмискэ, хоту диэккиттэн этиҥ былыта таҕыста.
    А. Софронов
  • Арҕааттан най хара этиҥ былыта халлааны хараҥарда халыйан таҕыста.
    Т. Сметанин
  • Этиҥ былыта хара быарынан хайалар сытыы чыпчаалларын кыһарыйан ааһар. П. Аввакумов

«Б» буукуба