Перевод с якутского
ылбай
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы слабо просвечивать сквозь облако (о солнечных лучах); медленно пробиваться между облаками
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Былыт бүтэй сырдаан көһүн; былыт быыһыттан аргыый быган таҕыс (күн туһунан)
Нууччалыы Слабо просвечивать сквозь облако (о солнечных лучах); медленно пробиваться между облаками (о солнце)
Күн былыт быыһынан ылбайан эрэр ПЭК СЯЯ
2 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ үчүгэй баҕайытык, сымнаҕастык, сылаанньыйа сыһыаннас
Нууччалыы Быть благожелательным, мягким, приятным (по отношению кому-л.)
Ол кыыска наһаа ылбайар. Ср. ДТС йал ʽгоретьʼ, монг., бур. йалба ʽгоретьʼ
3 аат тыл #
Балык ыамата, оҕото, искэхтэн тахсан саҥа улаатан эрэр быыкайкаан балык
Нууччалыы Малёк, молодь (рыбы)
Биир ылбайы сэттэтэ уоппукка дылы (өс ном.). Ол үрэххэ икки балык сылдьара, Икки балык оҕото, икки ылбай. И. Чаҕылҕан Кэргэттэрбин, ыалдьыттарбын Күстэҕинэн, ылбайынан Күндүлүүрүм, маанылыырым Кыра эбит, адьас кыра М. Тимофеев
4 аат тыл #
түөлбэ. Күөнэх
Нууччалыы Мелкая озёрная рыба, вид гольяна
Мин Уу кыыһынабын, Балык балтынабын, Майаҕастан мааныбын, Ылбайтан ырааспын Күстэхтэн күүстээхпин! С. Данилов Уойбут ылбайы тууттан таһаараат, буһаран сиир үчүгэй да буолара. ХС Ср. шор., койб., саг. йылмай ʽбелый кускуч (рыба)ʼ