ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылай

туохтуур

Нууччалыы светиться ярким пятном издали или просвечивать из-за чего-л. сверкать

1 туохтуур #

дьүһ. туохт. Ыраахтан, эбэтэр туох эмэ иһиттэн мөлтөхтүк чаҕылыйан көһүн (үксүн кыра эбэтэр туох эмэ быыһынан көстөр уот, сырдык туһунан)

Нууччалыы Светиться ярким пятном издали или просвечивать из-за чего-л. сверкать

  • Күн саҥа кылайа тахсан эрдэҕинэ, эмискэ тымныы тыал сирилэччи үрэн барар.
    Н. Якутскай
  • Арай холумтан түгэҕэр икки кыһыл чох куоска хараҕыныы кылайар.
    И. Гоголев
  • Айанньыттар саҥата суох суолга туруннулар. Аҕыйахта хаамааттарын кытта ыраахтан уот кылайан көһүннэ
    И. Данилов
Өссө холобурдар (2)
  • Олус кыра буолан нэһиилэ көһүн. Θ Едва виднеться, просматриваться из-за чего-л. (о чем-л. мелком). От быыһыгар кылайбыт уйаҕа атахпыт курдурҕаччы үктүүр тыаһынан суоһуу чугаһаатахпытына эрэ, [ийэ чыычаах] тырыбынайа көтөн тахсара.
    П. Аввакумов
  • Сэмэнчик саҕатын туруорунан баран, тулуубунан саба сууламмыт, хараҕа эрэ кылайан көстөр
    Н. Якутскай

2 этии #

Этиилэр

Кылайан турар кырдьык көр кыларыйан турар кырдьык (кыларый)

  • Мин хаһыат алҕаһы таһаарда диэни олох ылымаппын. Кылайан турар кырдьыгы суруйбуппут диэн баран букатын төлөрүппэппин. "Кыым"

«К» буукуба