Перевод с якутского
тунаар
туохтуур, аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы неясно белеть, смутно просвечивать издали или в темноте
1 туохтуур #
Ыраахтан эбэтэр хараҥаҕа маҥхайан, сырдаан көһүн
Нууччалыы Неясно белеть, смутно просвечивать издали или в темноте (о чём-л. белом)
Күөл мууһа, күөх халлаан курдук көҕөрөн, тунааран көстөр эбит. Н. Заболоцкай Сүөдэр оргууй төбөтүн өндөтөн көрбүтэ – ийэтин оронун сыҥаһатыгар хараҥаҕа маҥан таҥас тунаарара. П. Аввакумов Хаар үрүттэммит үүт курдук тунаарар. А. Фёдоров
Өссө холобурдар (1)
Ср. каракалп. түнериу ‘мрачнеть, помрачнеть’
2 аат тыл #
Туох эмэ ыраахтан сырдаан көстүүтэ
Нууччалыы Лёгкая застилающая как дым пелена чего-л., дымка
Күөх хонуу үрүҥ тунаарынан бүрүллэн көстөр. П. Аввакумов Халлаан оройо күп-күөх тунаар, онтон саҕахха намтаан истэҕин ахсын кылбайдар-кылбайан тымныынан тыйыһырбыт. Э. Соколов Туундара! Эргиччи хаар да хаар, уҥуоргута-улаҕата көстүбэт үрүҥ тунаар! ГНА ТС
3 даҕааһын #
суолт. Ыраахтан сырдаан көстөр
Нууччалыы Застилающий пеленой, дымчатый
Куораты үрдүнэн эмиэ да былыт, эмиэ да туман – тунаар күдэн ыйаммыт этэ. Далан Туруук хайа тумсугар Тунаар буруо унаарыйда. Эллэй. Тунаар толооннору үрдүлэринэн туйаарар чыычаахтар туойан дьырылаттылар Д. Таас