ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тунах

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы молочная пища, обилие молочных продуктов в пору отёла; якутский летний праздник с обилием молочной пищи, кумыса

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Сайын эрдэ, үрүҥ ас дэлэйиитэ; ол кэмҥэ үрүҥ аһы тэниччи тардан тэриллэр ыһыах

Нууччалыы Молочная пища, обилие молочных продуктов в пору отёла; якутский летний праздник с обилием молочной пищи, кумыса

  • Тураҕас биэбит Тунаҕа барҕардын, Улаан биэбит Уйгута дэбилийдин.
    С. Васильев
  • Баай Барыылаах Тойон эһэм! -- Аҕам ынах хаһаас арыытынан, Туҥуй бургунас чулуу тунаҕынан – Аһатан-сиэтэн эрэбин. "Чолбон". "Бэйэм биэбин ыыбын, тунахха кымыһынан аһаары", – дии-дии, оҕонньор бакыллан турда
    ХС

2 аат тыл #

Туох эмэ ыраахтан биир кэм туртайан, тунааран кэрэтик көстүүтэ

Нууччалыы Пелена, завеса, покров, марево чего-л. издали

  • Сайыҥҥы күөх тунах түһэн эрэр.
    П. Тобуруокап
  • Киэҥ халлаан күөх тунаҕынан унаарыйар.
    И. Данилов
  • Бары барыта туус маҥан тунахха сууламмыт
    Н. Борисов
Өссө холобурдар (3)
  • Түптэ тунах буруотунан унаарыйар хараан түүннэргэ күөх налыыга үрүҥ, хара сүүрүктэр үөрдээн киирэн аһыыллар.
    П. Степанов
  • Тыаны, чыыстайы сырдатар Туос маҥан тунах лабыктам!
    М. Тимофеев
  • Үрүҥ тунах былыттар Үөһэнэн усталлар, Аллаах сэлиик долгуннар Аллара сырсаллар. Хоһоон т

3 даҕааһын #

суолт. Ыраахтан биир кэм туртайан, тунааран кэрэтик көстөр

Нууччалыы Молочно-белый вид чего-л. издали

4 этии #

Тунах ыйа кин. – бэс ыйа Софр. Данилов. Хаҥаластар окко ким-хайа иннинэ киирбиттэрэ, уу ылар уохтаах буоругар тунах ыйыгар от уһуу охсоро. "Чолбон".

Нууччалыы Месяц изобилия молочной пищи в пору отёла – июнь. [Бэс ыйын сүүрбэ биир күнэ] тунах ыйын иккис аҥаара – биһиги тыйыс хотугу кыраайбыт саамай кэрэ кэмэ

Этиилэр

Үрүҥ (тунах) илгэ көр илгэ I

  • Үрүҥ тунах илгэ Үллэ-балла сүүрбүт.
    Күннүк Уурастыырап
  • Үрүҥ илгэ тунаҕынан Үлэ дьонун Үөрдэбит, Сүөгэй, арыы, кымыс гынан Күүс-уох уган биэрэбит. Дьуон Дьаҥылы

«Т» буукуба