ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

илгэ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы дар богов, придающий силу и богатство; божественная благость, сок

Ис хоһооно · 11
I

1 аат тыл #

миф. Былыргы саха өйдөбүлүнэн: күүс-уох киллэрэр, уйгу-быйаҥ төрдө буолар таҥара биэрэр аптаах сөлөгөйө (Айыы бухатыыра абааһы бухатыырыныын охсуһан эстэн-быстан хааллаҕына, Үрүҥ Айыы Тойон удаҕанынан илгэни биэрэр, оччоҕо бухатыыр урукку күүһэ-уоҕа чөлүгэр түһэр)

Нууччалыы Дар богов, придающий силу и богатство; божественная благость, сок (когда богатырь добрых племен в борьбе со злыми существами-чудовищами теряет силу, Юрюнг Айыы Тойон [Белый Создатель-Господин] через шаманку подает ему илгэ, что тотчас восстанавливает былую силу и ловкость богатыря)

  • Тэҥн. араҕас илгэ (1, 2;), үрүҥ илгэ (1)
  • Симэһиннээх илгэ сиик түстэ, түүҥҥү салгын лаппа ырааһырда.
    Д. Таас
  • Саргылаах сааһы көрсө тыллыбыт сибэккилэр илгэ сайыҥҥа чэчирии үүммүттэрин кэриэтэ, эчи, үчүгэйкээн да ыччаттар эбит!
    Л. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Тимир аккыт күдэҕинэн Тиэрэ ууруҥ илгэ буору. Икки илии эрчиминэн, Бухатыырдар, дьоруой буолуҥ!
    Л. Попов

2 аат тыл #

Быйаҥ, уйгу, өҥ-тот

Нууччалыы Плодородие, изобилие; зажиточная жизнь, благосостояние

  • Илгэтинэн ииппит Элиэнэ эбэккэйим Кырааска кумахтаах Кытыытыгар тураммын Дорообо туттардым.
    А. Софронов
  • [Интэлигиэнсийэ] билигин промышленноска уонна тыа хаһаайыстыбатыгар инженер, техник, агроном, зоотехник эҥин быһыытынан быһаччы кыттан, материальнай илгэни оҥорооччу буолла. МАЕ КТТС. Киэҥ Лена хотун Ирбэт тоҥ буорун Илгэнэн тыыннаан, Эн күнүн тыгар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Егоров курдук агроном Үгэһигэр үөрэнэн, Сир ийэм илгэтин Ситэн хомуйар сыралаах Үгүс кэрэ дьоннордоох
    С. Зверев
Өссө холобурдар (3)
  • Ийэ буорун илгэ күөҕэ Силигилии ситиитэ, Итии, чуумпу сырдык түүҥҥэ Сииктээх оту оймуу кэһэн, Дьонун, дьиэтин дэлби ахтан, Дойдутугар кэллэ ити.
    Күннүк Уурастыырап
  • Иирэ талах анныгар, Илгэ симэх ардыгар Күөгэлдьийэ нусхайар Сүүмэх солко налыйар.
    А. Абаҕыыныскай
  • Эмиэ илгэ ыһыахтарга, Сынньанаахтыыр лааҕырдарга Ыччат күүһүн тэрийиэхпит!
    Дьуон Дьаҥылы

3 аат тыл #

Туох эмэ иэнэ, киэлитэ

Нууччалыы Простор, широта, территория чего-л

  • Үгүс дьону үүрэ сылдьан Үлэһит оҥостубут Идэмэрдээх баайы кытта Иирсэбин диэн Ийэ сир илгэтиттэн тэлэһийэргэ, Орто дойду дьолуттан мунарга Уураахтанным ээ, доҕоччугуом.
    С. Зверев
  • [Сайсары:] Өстөөх сүнньэ олуллан, эйэлээх, дьоллоох олох биһиги Ийэ сирбит илгэтигэр, сааскы намыын күн курдук, туругурарын иһин!
    Суорун Омоллоон
  • Эстибити быыһыыр, Эчэйбити эмтиир Илгэ салгын сабыдыаллаах Ийэ сир эйгэтиттэн Өлөн эрэри өрүһүйэр Өйөбүллээх үрдүк көҥүл Өрөгөйдөөх үтүө күнэ Өрө үүнэн кэлбитэ.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
  • Тоҥмуккун даҕаны ычча, ычча, Иттиий, быраатыам, иттээхтээ. Иттэн бараҥҥын таптыыр Чурапчыҥ Илгэ уутуттан испэхтээ.
    И. Эртюков
  • Сытыы мүөттэй сымартан, Сылаас илгэ салгынтан Астынаахтаан абыранан, Сүрэхийбит сүөдүйэн -- Улуу дойдуну ыллаатыбыт
    А. Абаҕыыныскай

4 аат тыл #

поэт. Көй салгын, хойуу салгын

Нууччалыы Свежий, чистый воздух, ветерок

  • Ийэ дойдум, мин тиийбиппэр, Иэйэн аргыый тыалырда, Итииргээбит мин түөспэр Илгэтинэн аҥыйда.
    С. Данилов
  • Эйэ илгэтинэн тыынар, Күөх саас сыллара унаардылар
    И. Эртюков
  • Мин эһигини этэр тылгыт Алгыстаах илгэ сылааһын, Иллээх көрүүгүт сырдыгын Сүрэхпэр илдьэ барабын. Эллэй. Куруҥ тиит курдук кылгас да кэмҥэ илгэ сылааһынан сырайан, күлүбүрэччи умайан бүппүт ордук. СТЫМ. Төрөөн-үөскээн төлөһүйбүт Ийэ муорам илгэ тыына – Буурҕа буолан сирэлийэр, Тула көтөн күдээрийэр
    А. Бэрияк

5 аат тыл #

Олох; ким эмэ олоххо ылар балаһыанньата, олоҕун эйгэтэ

Нууччалыы Жизнь; благо жизни (социальное положение кого-л.)

  • Батталлаах баһылыгы киэр гынан, Бар дьон баай илгэтин барҕардыаҕыҥ!
    П. Ойуунускай
  • Өскөтүн үлэлээн иитиллээччилэр -- тыыннаах буолар илгэлэриттэн маппыт буоллахтарына, хаппыталыыска хабалаҕа киирэргэ күһэллэллэр
    ДИМ

6 даҕааһын #

Быйаҥнаах, уйгулаах

Нууччалыы Плодородный, щедрый

7 даҕааһын #

Элбэх, дэлэгэй туохтаах эмэ; баай (үксүгэр поэз. тут-лар)

Нууччалыы Богатый, обильный; пышный (преимущественно в поэзии)

8 даҕааһын #

Аптаах, эмтээх

Нууччалыы Волшебный, целебный, лечебный

9 аат тыл #

үрд. Киһи дуоһуйар, уоскуйар гына, сүрэҕэр-быарыгар киирэрдии сайа биэрэр

Нууччалыы Приятно обволакивающий (теплом, свежестью), доставляющий приятное чувство, удовольствие, удовлетворение, чарующий (о теплом чувстве, воздухе и т. п.)

10 этии #

Нууччалыы Дар богов, придающий силу и богатство, имеющий по представлениям древних якутов желтый цвет и овальную форму размером с яйцо утки гоголя. [Үөһэттэн түспүт дьахтар айыы бухатыырыгар] "Айыы аймаҕын аһыттан аҕаллым, орулуос кус сымыытын саҕа араҕас илгэни бырахтым

Этиилэр

Илгэ быйаҥ

1) уйгу-байым; туох барыта дэлэгэй баара.

Изобилие, полный достаток; благодать.

  • Төрөөбүт дойдубут Төлкөтүн буллубут, Иитиллибит Ийэ дойдубут Илгэ быйаҥын элбэттибит. Нор. ырыаһ. Аан ийэ дойду дьоллоох ньуурун быртаҕыппатыннар, илгэ быйаҥын эмпэтиннэр, чэлгийэр күөҕүн суһуктаппатыннар кинилэр!
    Амма Аччыгыйа
  • Ийэ сайын илгэ быйаҥын сомсон ыларга соруммут ыччаттар сайылыкка тахсарга бэлэмнэнэллэр.
    С. Федотов
Өссө холобурдар (3)
  • 2) өҥ-тот, уйгулаах. Плодородный, изобильный; благодатный. Илгэ быйаҥ сайыммыт Илин диэкиттэн эргийдэ.
    С. Васильев
  • Онон, сир-ийэ илгэ быйаҥ иэнигэр бурдук үүннэрэн, от оттоон, сүөһү иитэн эһигини иитиэм-аһатыам.
    Н. Якутскай
  • Илгэ быйаҥ эҥэрдээх, Илин итии дойдуттан -- Элиэлиирэ кыылларбыт Эҥэр кэрэ тыалары Эргийээхтээн тэлээрэн, Элийээхтээн кэллэ.
    И. Эртюков

Олоҕун илгэтэ

ким эмэ олоххо балаһыанньата.

Социальное положение кого-л.

  • Ким баҕарар тугу да оҥороругар дьон дириҥ өйүгэр, үтүө үгэһигэр, олоҕун илгэтигэр тирэҕирэр.
    Н. Якутскай
  • Суут аһыллыбыта: судьуйа үҥсээччилэр уонна туоһулар ааттарын-суолларын, саастарын, олохторун илгэтин, тугу-ханныгы үлэлииллэрин ыйыталаата.
    А. Бэрияк
Өссө холобурдар (1)
  • Бу күннэргэ холкуоспут саҥа сопхуоска уларытыллан тэрилиннэ. Итини олохтоохтор, үлэһиттэр олохторун илгэтин салгыы тупсарыыга саҥа улахан кыһамньы быһыытынан сыаналыыбыт. "Кыым".

Үрүҥ илгэ (үрүҥ тунах илгэ)

1) миф. былыргы саха өйдөбүлүнэн: күүһү-уоҕу, дьолу-соргуну, баайы биэрэр аптаах утах.

Божественная жидкость; божественный напиток, придающий человеку силу, богатство и счастье.

  • Эрэйтэн быыһаабыт Сайаҕас салгыннаах, Салбанар минньигэс Үрүҥ илгэ түспүт Үтүө дойдута эбит...
    П. Ойуунускай

Онуоха бухатыыр:

"Ат-татай, оҕолор! Бу дойду аартыга үрүҥ илгэ сүдүрүннээх эбит дуу," – дии санаата да кыһаммата, көтүтэн куугунатан истэ. Ньургун Боотур. Уҥа хонноҕун анныттан Улдьаа хамыйаҕы ылан Үрдүк өрөгөр муостаах Үксүүр төлкөтө буоллун диэн Үрүҥ илгэ тунаҕы Өлүөнэ өрүс кытылын Үрдүнэн ыһан унаарытта. С. Васильев; 2) үүтү, үүт аһылыгы ойуулааһын.

Эпитет молока и молочных продуктов.

  • Хайҕаллаах үтүө үлэҕэр, "Дьаана кымыһа хаачыстыба знактаах инникитин өссө оҥоһуллан, өссө элбээн – сопхуос үрүҥ илгэтэ – уохтаах кымыһа буолан дэбилийдин!" – диэтэ кини.
    В. Протодьяконов
  • Пиэрмэҕэ үрүҥ илгэ өрүс буолан сүүрдэр.
    И. Данилов
Өссө холобурдар (3)
  • Иван Дмитриев үрүҥ илгэни үксэтиигэ өрөспүүбүлүкэ ыччаттарын көҕүлээбит биир бастыҥ ыанньыксыт быһыытынан биллэр. "ЭК"; 3) өҥ-тот, уйгу-быйаҥ. Достаток, изобилие, благодать. Тоҕой сэлэ иһиттэн, Үрүҥ илгэ үрдүнэн, Үөмэр-чүөмэр үктэнэн, Ойон-көтөн биэриэххэ, Оонньоон-күлэн иһиэххэ!
    П. Ойуунускай
  • Үлэ диэн үтүө киһи, Үйэлэргэ өлбөт мэҥэ; Үлэ диэн киһи чиэһэ, Өрөгөйдөөх үрүҥ илгэ.
    С. Данилов
  • Ханна дьоннор таһаарыылаахтык үлэлиир, культурнайдык сынньанар, дьаныардаахтык үөрэнэр сирдэригэр, онно үрүҥ илгэ үллэр, уйгу-быйаҥ угуттуур, дьоллоох олох туругурар. И. Данилов
II

11 аат тыл #

, эргэр. Биир төрүттээх уус, уруу-аймах

Нууччалыы Род, родня

  • Бар дьоммор мааным баранан, Матаамсык аатырбытым, Илгэм эстэн, Ийэ ууһугар Илээт аатырбытым.
    А. Софронов
  • Ийэбит-аҕабыт илгэтин, Иитиллэр ийэ буор сирбитин Өстөөхтөр тэпсээри кэллилэр, Өлөрө-өһөрө иһэллэр
    П. Ойуунускай

«И» буукуба