ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньымаат

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы обман, хитрость подкупающая. - Туох ньымаата кэлиэй

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

1. аат. Албыннаһар өҥө, албыннаһыы

Нууччалыы Обман, хитрость подкупающая. - Туох ньымаата кэлиэй

  • Билэр киһигэр үтүөнү оҥордоҕуҥ дии.
    Болот Боотур
  • Баабылап Өлөксөөс сытар балааккатыгар киирэр. Кини үтүө санаалаах киирбэтэҕэ, ханнык эрэ албынынан, ньымаатынан Өлөксөөһү өлөрөр баҕалааҕа.
    Н. Якутскай
  • Дьиэлээх Уйбаанчык кэпсээнинэн, билиҥҥи тойотторго биэрэр "ньымаат" сиэр быһыытынан дьоҕус үһү
    П. Филиппов

2 аат тыл #

түөлбэ. Бултаабыт бултан бэрсии

Нууччалыы Дар, подарок охотника из своей добычи (традиционный обычай северных народов)

  • "Тороппуун, эйиэхэ Дьэргэ кэһиитин икки кыыл этин ньымаат ыыппыт", - Ньургучаан киирэн эттэ.
    Болот Боотур
  • Кэргэним ыарахан буолан, дьонтон ньымаат (булду босхо биэрии) ылан иитиллэн, -- дьиэ бөҕө буолан сытыахпын баҕарбатаҕым.
    Н. Абыйчанин
  • Ньымаат - булт бастыҥа, балык үтүөтэ, түүлээх талыыта буолар
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (4)
  • "Атаарыы малааһынын өссө ылыаҕыҥ дуу?" - диэн Түү Сирэй ньымаат куолаһынан этии киллэрбитэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Даарыйа ыалдьытымсах, бэрт сайаҕас, кэпсэтинньэҥ, ньымаат тыллаах, аһыныгас майгылаах киһи.
    ХС
  • Мэлдьи иһиллии сылдьар, ньымаат куоластаах -- иезуит, адьас кыараҕас да быыһы-хайаҕаһы булан, эриэн кыыллыы ньылбырыйан киирэрин сатыыра. АЕВ ОҮ
    И. Ср
  • др. -тюрк. нимат ‘милость, благодеяния, дары; блага мирские, удовольствия жизни, блаженство’

3 аат тыл #

Уол бэйэтин эбэтэр дьонун аатыттан кыыстаах ыалга кэлэн уолга кэргэн кэпсэтэр киһи; суорумньу

Нууччалыы Сват, сваха

  • Инники балтыһах остуолга Олордо кийиит күтүөттүүн, Аттыларыгар - ийэ, аҕа, Түҥүр, ходоҕой бүүс-бүттүүн. Оттон ол остуол чугаһыгар Дуруускаһыт, сыбаат, ньымаат Бары орун оннуларыгар Олорбуттар эрээт-эрээт.
    И. Эртюков
  • "Мин кинитэ [Татыйыга] суох сатаан киһи буолуо суохпун. Аҕам, баран кэпсэппэккин ээ. Эбэтэр ньымаатта ыыт", - диэн Табыйык аҕатыттан ис-иһиттэн иэйэн көрдөстө
    Чолбон

4 даҕааһын #

суолт. Албын, угаайылаах (хол., кэпсэтиигэ)

Нууччалыы Обманчивый, хитрый (напр., голос, речь)

«НЬ» буукуба