Перевод с якутского
албын
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы хитрый, изворотливый; плутовской, жуликоватый
English deception, cunning
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
Сымыйалаан, угаайылаан бэйэтин сыалын ситиһэр, үктэтэр; киитэрэй; туохха да киирэн биэрбэт, ылларыгаһа суох, билэн-сэрэйэн куотан биэрэр (хол., бултанар кыыл)
Нууччалыы Хитрый, изворотливый; плутовской, жуликоватый
Албын Суудап наһаа улгумнук, бас бэринэрдии туттар. Амма Аччыгыйа [Маайыс:] Бу биһиги холкуоспут иһигэр биир түөкүн, албын киһи баар. С. Ефремов Албын саһыл, мындыр кырса Булбаталлар ханнык диэн Сүтэн хаалла, тунал хаарга [хабдьы]. ДТ. Үс күн, түөрт күн сонордоһон Үлтү сылатан, Илдьи сытыйан Албын киис бэрдин ситэҕин, Үөхсүү бөҕөнү түһэрэҕин П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (9)
Бэрт буола сатыыр, ньылаҥныыр (үксүгэр бэйэтин ис дьиҥин саһыаран). Θ Подхалимствующий, угодничающий; виляющий, ласкающийся (напр., о собаке). Байбааскы хамначчыт сылдьан, кулаак, тойон сирэйин-хараҕын кэтэһэн, албын ыт курдук ньылаҥнаан-ньылаҥнаан, сордонон сылдьан баран аан дойдуну киэптиэх курдук сананан турар.
П. ОйуунускайДьэргэҕит бүгүн атын киһи буолбут. Адьас албын саһыл курдук киһи быһыылаах Болот Боотур Кубулунан уларыппыт, истиҥэ суох (хол., куолас, күлүү). Θ Притворный, напускной; деланный, неискренний (обычно о взгляде, улыбке, голосе). "Тыый, тукаам, Бурхалей эбиккин дуу? Аата көмүспүн, оҕоккобун көрүөм баар эбитэ ээ", - диэн Мугучай албын куолаһынан ымманыйда. Эрилик Эристиин Тоҕо дууһа күлүүһүн Дуйдаах сыһыан хатаабат, Оттон албын күлүүнү Арай ийэ сатаабат? Күннүк Уурастыырап Сыҕаайап оҕонньор түөһүллэн турда, сүрдээх албын, чаҥ курдук харахтарынан туруллаҥната-туруллаҥната эттэ Амма Аччыгыйа Ылыннарыылаах, сымнаҕас эрээри ис дьиҥэ сымыйа (тыл-өс, хол., дьону уоскутаары, аралдьытаары этиигэ). Θ Мягкий, успокаивающий, но неискренний, притворный (обычно о словах утешения). Маайа -- бу кыыһырбыт дьону уҕарытаары бэрт аҕыйах албын тыллары саҥартаата Эрилик Эристиин Билиҥҥи сымыйа, билиҥҥи албын оччоҕо эрэ [Сэбиэскэй былаас туругурдаҕына] күл буолан көтүөхтэрэ.
П. ОйуунускайДьукаах олорор ойуунун албынын тутаары, эмискэ ыалдьыбыта буолан кыырдан баран, чачыгыраччы күлбүтүнэн ойон турбут. Амма Аччыгыйа Билигин баайдар хара норуоту албыннарыгар үктэтэн таптыылларын хоту эргитэ сылдьаллар
Күндэ
2 даҕааһын #
Дьиҥнээҕэ буолбакка, үтүгүннэрэн оҥоһуллубут
Нууччалыы Не настоящий, поддельный
Албын оҥоһук. Албын кэмсинии. Албын докумуон. Көҥдөй албын киэргэлин, Көлдьүн дуйун килбиэнин Оттон-мастан дуйдаан ылан, Ордорбокко хастыы ыһан, Киэмсийбитин кэмсиннэрэ, Кимин-тугун биллэр эрэ! Күннүк Уурастыырап Чааркаанын иннинэн албын сыҥаах оҥорон баран, тыҥкырайын онно иҥиннэрэн кэбиһиэҕэ Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
Албын албыны албыннаабат (өс ном.). Анараа дойду албыннарын алдьатарга анаммытыҥ буолуо этэ, түгэх дойду түөкүннэрин умсарарга оҥоһуллубутуҥ буолуо этэ. Ньургун Боотур. Эн албыҥҥын, түөкүҥҥүн мин билбэт үһүбүн дуо? С. Ефремов Ньылаҥнаһааччы, ньылаҥнааччы, илин-кэлин түһээччи, бэрт буола сатааччы. Θ Подхалим, льстец, угодник. Албын тыла мүөттээҕэр минньигэс (өс ном.)
3 аат тыл #
Кырдьыгы соруйан токурутуу, сымыйа
Нууччалыы Ложь, обман, искажение истины
4 аат тыл #
Сымыйаччы, тылыгар турбат; угаайылаах, үктэтиилээх, киитэрэй киһи, түөкүн
Нууччалыы Лгун; плут, мошенник
5 этии #
Ааһар былыт албына - албын-түөкүн ааттааҕа Бу Ааһар былыт албына, Соххор харахтаах Соллоҥноох удьуора Тумсун тууһун, Айаҕын абатын истиҥ эрэ! Суорун Омоллоон. Ааһар былыт албына -- сыллаһар киһиҥ мин дуо? П. Ойуунускай
Нууччалыы Отъявленный мошенник - плут (обычно в фольк.)