ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

албыннаа

туохтуур

Нууччалыы искажать правду, намеренно обманывать, лгать

1 туохтуур #

Кырдьыгы токурут, сымыйалаа

Нууччалыы Искажать правду, намеренно обманывать, лгать

  • Үрүҥнэр, бэл, күрүүр күннэригэр биһигини албынаабыттар ээт: кыргыһа бардыбыт диэн баран, күрээн хаалбыттар.
    П. Ойуунускай
  • Тоҕо бу албынныы олоробунуй? Кырдьыгынан кэпсээн биэрдэхпинэ... Софр. Данилов. Куттанан албыннаабакка кырдьыгынан көрдөрүүй: Этэрээтигэр саллаат-дьон төһөнүй?
    Күн Дьирибинэ

2 туохтуур #

Угаайылаан, үктэтэн, киитэрэйдээн бэйэҥ сыалгын ситиһэ сатаа

Нууччалыы Путем плутовства, обмана, мошенничества добиваться своей цели

  • Сыҕаайап норуоту албыннаан, Лухаҕа сымыйанан кыыһырбыта буоларын туһунан тыл эттэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Кинилэри, хараҥа тьыа дьонун, албыннаабыттар, кини уолугар тиийэ үктэппиттэрэ.
    Н. Заболоцкай
  • "Эн кыра дьону албыннаан ааккын билбэт гына байдыҥ", - диэн утары эттэ Друзьянов
    М. Доҕордуурап

3 туохтуур #

Ханнык эрэ буолбута буол, кубулун

Нууччалыы Принимать (какой-л) вид, притворяться

  • Хайа алы гынан, албыннаан, баар-суох баттаҕын үргээн ылан, сиргэ түһэрбэккэ эрэ, хоонньубар симпитим буоллар...
    П. Ойуунускай
  • Киһим миигин албыннаан утутаары, утуйбут буолан муннун тыаһата сытта.
    Амма Аччыгыйа
  • "Эн үрүҥҥүн дуу, кыһылгын дуу? Дьэ эт эрэ, үчүгэй оҕо буоллаҕыҥ дии", - Хампаахап албыннаан ыйытта
    Дьүөгэ Ааныстыырап
Өссө холобурдар (3)
  • Ылыннарыылаахтык, сымнаҕастык этэн, тылгар киллэрэн түөкэйдээ, төбөтүн иирт. Θ Своими мягкими увещеваниями вскружить голову кому-л.; соблазнять кого-л. Албынныан быатыгар сыстаҥнаабыта, санаабын эрийэ охсубута түргэниэн. Дьүөгэ Ааныстыырап. Сүбэлээбиттэрин курдук кэпсэтэн, Манчаарыны албыннаан, дьиэбэр киллэриэх буоллум. МНН. Аан маҥнай, күнүс, Албынныырын саҕана, “Түүнүнэн түүлгэр киирэн, Күнүһүнэн атынан кэлэн, Көрөн барар буолуом”, - дии-дии, Сырдыгынан сылаанньыта турбута. Саха нар. ыр. II
  • Тугунан эмэ сымыйа суолунан санааҕын аралдьыт, санааҕын минньит. Θ Утешать себя чем-л. необычным, обманывать себя иллюзиями. [Маайа:] Аны эн миигин кэргэннээхпин диэмэ, мин даҕаны киһилээхпин диэн санаабын албынныам суоҕа.
    А. Софронов
  • Мин бэйэм бэйэбин албыннаан Минньигэс санаанан сүрэхпин сылытан, Кыра да сыһыаҥҥа, биир мэник ууралга Улахан суолтаны биэрэбин, быһыыта
    Т. Сметанин

«А» буукуба