Перевод с якутского
албас
аат тыл
Нууччалыы хитрость; уловка
English cunning, trick, ruse
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Нууччалыы хитрость; уловка
English cunning, trick, ruse
албаска түбэс попасться на уловкуto fall for the bait
2 аат тыл #
Туох эмэ табыллар сүбэтэ, тугу эмэни оҥорорго ураты ньыма, сатабыл
Нууччалыы Особое средство, метод, прием для выполнения какого-л. сложного дела
Былыргы саха уоту хататынан, эстэриик чокууру саҕан эрэ ылара. Мантан атын албаһа, кыаҕа суоҕа.
Суорун ОмоллоонМин бачча улахан дьону күүспүнэн да, албаспынан да тохтотор, кинилэр сойбут сүрэхтэрин хат сэргэхситэн аралдьытар кыаҕым суох буолла. Н. Заболоцкай Эдэр булчут ол кэһэкэнэ буолбут саарбаны аны туох албаһынан бултуурун толкуйдуу сатыы олордо В. Протодьяконов
3 аат тыл #
Уодаһыннаах, оҕуруктаах угаайы, үктэтии
Нууччалыы Хитрый, коварный ход, уловки, ухищрения
Билэбин уодаһын албаһын Көнө тыл, эр санаа кыайарын. С. Данилов Кини Нөөрүктээйи нэһилиэгин ааһан, бүтүн улуус үчүгэй сирдэрин барытын араас албаһынан хам тутан тыһыынчанан ааҕыллар сүөһүнү ииттэрэрэ. МНН. Албаһынан муспут, Абынан хомуйбут, Соххор-доҕолоҥ Субай хаанын Супту уулаабыт С. Зверев
4 аат тыл #
Ап, хомуһун
Нууччалыы Волшебство, чародейство
Албаһынан таҥнары ытыйан түһэрэн, бу түүнүктээх Ньүкэн Үөдэн хаайыытыгар Ап-чарай быатынан тиһэн туруорар [абааһы]. Ньургун Боотур. Ааһар албаһа Аҕыйыах этэ, Тоҕус уон тоҕус Куотар кубулҕата Куччуох этэ.
П. ОйуунускайСөхпөтүм кырдьаҕас факиргын, Аатырар алыбын, албаһын, Мин сөхтүм бүгүрү норуоккун, Мындырын, тарбаҕын сүр ууһун И. Гоголев
5 аат тыл #
спорт. Тустууга утарылаһааччыны быраҕарга туттуллар анал ньыма
Нууччалыы Прием, применяемый при каком-л. виде борьбы
Үөрэнээччилэр ыалдьыттарга көҥүл тустуу албастарын, оҕунан ытыыны көрдөрдүлэр. И. Федосеев Саша Такедалыын тустарыгар -- анал албаһынан миэлиҥсэлээн бастакы эргииргэ баһыйа туппута. НЕ
6 этии #
Этиилэр
Ааһар былыт албаһа көр ааһар былыт албына
Кыыс Ньургун бухатыыр диэн Ааттаах-суоллаах дьахтар Аҕыс уон аҕыс Ааһар былыт албаһынан Алкыйан ылбытын эккирэтэн түһэн иһэр этим. Күннүк Уурастыырап Мачайар Баһылай айанныыр суолуҥ туора турар мэһэйдэринэн Үөһээ, Аллараа дойдулар абааһыларын ааһар былыт албастара, куотар былыт кубулҕаттара буолбатах. Эрчимэн
7 этии #
Албас хаартыта - ураты бэлиэлээх, албынныырга анаммыт хаарты Дьодороп тахсаары туран Сааһааннаахха үс холуода албас хаартытын бэлэхтээтэ. Эрилик Эристиин
Нууччалыы Крапленые, шулерские карты