Перевод с якутского
оҕуур
аат тыл
Нууччалыы шест с веревочной петлёй на конце; аркан
1 аат тыл #
Сүөһүнү тэйиччиттэн иилэ быраҕан тутарга аналлаах, ураҕаска баайыллыбыт уһун быа (төбөтө бобо тардыллар гына туһахтыы баайыллыбыт буолар)
Нууччалыы Шест с веревочной петлёй на конце; аркан
Дьон хоһууттара мустаннар тохтотоору баһыгар оҕуур быраҕаллар, ону быаларын быһыта көтөн иһэр. Саха фольк Бу оҕууру кэнниттэн үөмэн тиийэҥҥин иилэ бырах уонна ыһыктыма. Далан Бытыктаах бэкир киһи бүтэй үрдүгэр ыттан туран оҕуур быатын быраҕан күөрэппитэ. ИН К К. Тэҥн
Өссө холобурдар (1)
маамыкта
2 аат тыл #
Өйү, сүрэҕи сүүйэр оҕуруктаах санаа күүһэ, угаайы
Нууччалыы Хитрость, уловка, козни. [Айаан] миигин өссө күүскэ таптыа уонна тапталын оҕууругар улам сөллүбэттик кэлгиллэн иһиэ
Софр. Данилов. Оҕотук, өс киирбэх буолан Ол оҕуруктаах оҕуурга Көхсө кыараан киирэн биэрдэҕэ. И. Баишев Харытыана билбэт сиригэр баай оҕууругар хаптаран баран, үҥсэн кырдьыгын булунар. ФЕВ УТ У. Ср др. -тюрк. аҕ ‘силок, ловушка’, тув. урук ‘шест с петлёй для поимки лошадей’