ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

алып

аат тыл

Нууччалыы волшебная сила, волшебство; очарование

English deception, cunning

аат тыл

Киһи санаатын, иэйиитин сүүйэр, баһылыыр күүс

Нууччалыы Волшебная сила, волшебство; очарование

  • Айылҕа алыбын этигэр-хааныгар иҥэриммит киһи олус ыраас санаалаах буолар.
    И. Гоголев
  • Күннээх саас, мутукча тылларын саҕана, Мин таптал алыбын аан бастаан билбитим. Эллэй. Айаал дойдутугар таптала окко-маска иҥэн хаалан баран дьикти алыбынан илгийэргэ дылы
    Н. Лугинов
  • Киһини сөрүүр, үктэтэр кубулҕат, албын-көлдьүн быһыы. Θ Коварство, обман. Ити таҥас-сап, мал-баай барыта албын алып.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (3)
  • Аллараа бөҕө ааҥнаатаҕына Албыннаһар алып ас, Көстүбэт бөҕө күөтээтэҕинэ Көрдөһөр көҥсү ас кини [арыгы] буолла
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Киһини сөхтөрөр албас, күүстээх ньыма. Θ Эффективное, впечатляющее средство, способ. Ууттан уоту уматар Улуу алып бу эбит!
    С. Зверев
  • Биһиэхэ суох олоҥхолор Кэпсиир алып албастара, - Үрүҥ тыыҥҥа өллөй буолар Үс салаалаах кымньыылара
    И. Эртюков

«А» буукуба