Перевод с якутского
тумарык
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы непрозрачный воздух (из-за тумана, пыли, дыма, сумерек), завеса тумана, пыли и т. п., мгла
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Туох эмэ туманныран, күдэннирэн көстүүтэ (туман, быыл, буруо, борук-сорук быыһынан)
Нууччалыы Непрозрачный воздух (из-за тумана, пыли, дыма, сумерек), завеса тумана, пыли и т. п., мгла
Уу үрдэ көстөр-көстүбэт чараас тумарыгынан бүрүллүбүт. Софр. Данилов. Соня тымныы тумарыгын бүрүнэн, омооно эрэ көстөн, элэҥнээн иһэрэ. М. Доҕордуурап Арай бу хара тумарыкка, ыыс-быдааҥҥа -- ый кэлтэкэтэ чомполоно умсаахтыыр В. Сыромятников Бу сарсыарда былыттаах, тумарык күн саҕаланан эрэр. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
Уҥуоргута биллибэт киэҥ тумарык толооннор бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан истилэр. Эрилик Эристиин Биирдэ эмэтэ суор обургу, тумарык халлаанынан көтөн күпсүйэн иһэн -- дьөлө кыланан ааһар. “ ХС
2 аат тыл #
Киһи хараҕар бары барыта силбэһэн чуолкайа суох буолан көстүүтэ
Нууччалыы Муть в глазах. [Томмот] хараҕын саба тууйбут тумарык арыый дьайҕарда
Софр. Данилов. [Уол] хараҕар уу киирэн, тумарык буолбахтаан ылар. В. Яковлев Барыта дьиибэтик, быһаарыыта суохтук, Пьер хараҕар тумарык буолан хаалла. Л. Толстой (тылб.) Арай биирдэ эрчимнээх баҕайы илии миигин үрдүктүүк-үрдүктүк өрүтэ күөрэҥнэппитин туһунан тумарык өйдөбүл санаабар иҥэн хаалбыт. Софр Данилов
3 даҕааһын #
Хоп-хойуу хараҥа туманынан, күдэнинэн бүрүллүбүт
Нууччалыы Покрытый густым туманом
4 аат тыл #
Үчүгэйдик өйдөммөт, бутуурдаах
Нууччалыы Неясный, смутный
5 этии #
Нууччалыы Отливающий голубизной, зеленью, голубая даль, сплошная зелень перед глазами (о небе, растительности, тумане, водоёме)
Этиилэр
Күөх тумарык
туох эмэ ыраахтан биир кэлим көҕөрөн көстүүтэ (халлаан, от-мас, туман, уу туһунан) Ыраах үөскэ, күөх тумарыкка, үрүҥ борохуот көстөр-сүтэр.
От-мас көҕөрөн сыһыыларга күөх тумарык түспүт. ББ Хайалары дабайан таҕыста күөх тумарык былыты быыһынан. ХС
Өссө холобурдар (1)
ДТС, тюрк. тунарых, тумарык