ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тумарыктый

туохтуур

Нууччалыы казаться издалека покрытым пеленой, завесой тумана

1 туохтуур #

Ыраахтан күдэннирэн, туманныран көһүн

Нууччалыы Казаться издалека покрытым пеленой, завесой тумана

  • Дьэҥкир ыраас салгын, туох барыта сүрдээх ыраахха диэри чуолкайдык көстөр, кыччыыр эрэ, түүппэҕирбэт, тумарыктыйбат.
    Амма Аччыгыйа
  • Күнэ суох былыттаах халлаан, күнүһүн кылгастык сырдаабыта аатыран тумарыктыйа түһээт, хаттаан хараҥарбыта.
    Болот Боотур
  • Ый тулата төп-төгүрүк гына тумарыктыйда. Тэки Одулок (тылб.)

2 туохтуур #

Бүрүллэн, үчүгэйдик көрбөт, өлбөөркөй буол (харах туһунан)

Нууччалыы Туманиться, мутиться (о глазах)

  • Сылаарҕаан тумарыктыйбыт да буоллар, хараҕа мындырдык, иччилээхтик чаҕылыйар. КА СЛТК. Аан дойдуну тумарыктыйбыт хараҕынан анаархайдык анаарар киһи, -- төһө да күн сырдыгын көрөрүн иһин, тыыннаах аатырыан сатам мат
    Чолбон

«Т» буукуба