Перевод с якутского
туманныр
туохтуур
Нууччалыы туманиться, мутнеть
1 туохтуур #
туманнан диэн курдук. Ый ньуура туманнырда. Күннүк Уурастыырап. Туманнырбыт мыраан үрдэ. Р. Баҕатаайыскай. Эбэ урсуна барыта кини хараҕар туманныран көһүннэ. И. Гоголев
2 туохтуур #
Үчүгэйдик көрбөт, өлбөөркөй буол (уйадыйбыт, ытаары гыммыт киһи хараҕын туһунан)
Нууччалыы Туманиться, мутнеть (о глазах расчувствовавшегося, готового заплакать человека)
Дьон -- уйадыйбыт сүрэхтэрэ ыган, харахтара туманныран барбыта. М. Доҕордуурап [Саргы] сылаанньыйбыт иэйиитэ, сырдык эрэлэ симэлийэ охсон, хараҕа туманныран барда. И. Егоров Наҕыл Байбал -- харахтара улам ууланан, туманныран бардылар В. Скрябин
3 туохтуур #
Сиигирэн, туманынан бүрүлүн (хол., таас, өстүөкүлэ туһунан)
Нууччалыы Становиться мутным, тусклым, затуманиваться из-за влаги (напр., о стекле)
Дьиэлэр сииктээх түннүктэрэ түүҥҥү уокка туманнырар. Чэчир-80. Кыһын ачыкы тааһа мууһурбатын, туманнырбатын наадатыгар уулуссаҕа тахсыах иннинэ ачыкы тааһын кураанах глицериновой мыыланан сотуохха наада ДьХ