Перевод с якутского
тыын
аат тыл, туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы дышать.
English spirit, soul, life
Ис хоһооно · 17
1 туохтуур #
Салгыны тыҥаҕынан эҕирий уонна таһаар
Нууччалыы Дышать. Тыыннаххына, тыыныҥ сырылыы-сырылыы маҥан былаат буолан унаарар. Суорун Омоллоон. Ынаҕа -- "буус" гына тыынан баран, сытынан кэбистэ. М. Доҕордуурап. [Хаппыт Суруксут:] Тыыным хаайтарар, тыынаары гыннахпына сэбиргэҕим анньар. Күндэ. Үчүгэйиэн көҥүл сылдьар, бу сир ийэ түөһүгэр көҥүл хаамар, бу ыраас салгынынан көҥүл тыынар! Т. Сметанин. // көсп. Тугунан эмэ (хол., сылаас эбэтэр тымныы салгынынан) салгый. Обдавать, овевать чем-л. (напр., тёплым или холодным воздухом). Силиппиэн Харайдаанап күнү быһа сиилэс угуутугар үлэлээн, сылайа быһыытыйан, -- өссө да сып-сылааһынан тыынар кырдалынан дьиэлээн истэ. Софр. Данилов. Өлүү… аргыарынан тыынан Оҕолоох ийэҕэ сыылар. П. Тобуруокап. Сэтинньи маҥнайгы аҥаарынааҕы кэмнэр хаҕыс тыалынан тыыннылар, үрүҥ хаарынан үллүктэннилэр. М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Бэйэҕиттэн буруону эбэтэр паары таһаар (хол., чаанньыгы этэргэ)
Нууччалыы Выпускать дым или пар (напр., о чайнике)
Саа, өрө кэҕийэн кэбиһээт, тунаархай буруонан төлө тыынар. Амма Аччыгыйа Кыракый буор оһох уота улахан хардаҕаһы кыһыл тылынан сылайбыттыы салаан ыла-ыла, күөх буруонан тыынан быгыахтыыр. М. Доҕордуурап Чаанньык үрүҥ паарынан тыынан, сыыгыныы тыаһыы турар Улдьаа Харалы
3 туохтуур #
Саҥар, эт
Нууччалыы Говорить
Онуоха айыы аймахтара, күн улуустара эттилэр: "Э, дьэ, биэбэйбит! Эттэҕиҥ, тыыннаҕыҥ, саҥардаҕыҥ тоҕо баҕас одурууннааҕай эбитэй?" Ньургун Боотур. [Омуннаах Уйбаан:] Дьэ, бу эмээхсин тыла уһуктаммыт даҕаны доҕор. Киһини тыыннарымаары гынаҕын дуо? Н. Неустроев Чэ эрэ, дэриэтинньик, тыына баҕалаан көр эрэ. Искин дэлби үктээн кэбиһиэм ээ Эрилик Эристиин
4 туохтуур #
Тугунан эмэ үлүһүй, улаханнык баҕаран, интэриэһиргээн туран дьарыгыр
Нууччалыы Увлекаться чем-л., проявлять большой интерес, быть расположенным к чему-л
Аан дойдуга биллэр ааттаах бөдөҥ учуонайдар наука тирээн турар боппуруостарыгар мөккүөрдэрин истэҕин. Онно туох барыта науканан тыынар. Бары наука интэриэһинэн олороллор.
Н. ЛугиновКарловскай аата бу дьыалаҕа суоҕун суох да буоллар, таарыйа хайдах-туох олорорун, тугунан тыынарын көрөн ааһар тоҕо табыллыбат буолуой? В. Гаврильева Ис сүрэҕиттэн сөбүлүүр үлэтэ -- киниэхэ кыайан көстүбэтэҕэ. Кини өйө-санаата, этэ-хаана спордунан тыынара С. Федотов
5 этии #
Нууччалыы соотв. в одну дуду дудеть (букв. одним дыханием дышат)
Этиилэр
Биир тыынынан тыыналлар
бары биир санааны этэллэр, туохха эмэ толору сөбүлэһэллэр Бу сырыыга оҕолор бары биир тыынынан тыыннылар.
Тэҥн. биир куолаһынан саҥар.
Кыл бычык тыын көр кыл
Ыарыһах киэһэнэн бэргээн, кыл бычык тыынан барда. Балайда өр сүүрэммин кыл бычык тыынар буоллум.
Муннунан да, айаҕынан да тыыммат көр мурун
Эмээхсин кулубалаахпын диэн кынчайан да көрбөт, муннунан да, айаҕынан да тыым мат. И. Гоголев Таня аҕатыныын дьиэлэригэр кэлэн киирбиттэрэ, ийэлэрэ муннунан да, айаҕынан да тыыммат буолбут. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Онтон киэһэ оҕонньор муннунан да, айаҕынан да тыыммата. ХС
Оройунан тыыммыт
оройунан көрбүт диэн курдук (көр орой II).
Ити оройдорунан тыынар одьунаастар курдук мин даҕаны уол оҕо аатыран сылдьыбытым күн бэҕэһээҥҥигэ дылы. Софр. Данилов.
Тыын быһаҕаһынан тыынар
түргэн-түргэнник эппэҥнээн тыынар, бөтүөхтүүр (сүүрэн, хааман).
Дышать с трудом (от быстрой ходьбы, бега), запыхаться.
Мордосов кэпсээн бүтэриитэ, ийэтэ Варвара Николаевна тыын быһаҕаһынан тыынан директорскайга көтөн түстэ. Далан Аҕата оҕонньор утаакы буолбат, тыын быһаҕаһынан тыынан, көхсүн тыаһа күрдүргээн бу умса-төннө түһэн татыгыраан кэлэр. Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
Өр-өтөр буолбатахтар, уолаттар тыын быһаҕаһынан тыынан, өрө мэҥиһэн кэлбиттэр. ХС
Уолугунан тыыммыт
оройунан көрбүт диэн курдук (көр орой II).
Уолан киһи обургу
Уолугунан тыынна, Уһугунан дугунна, Оройунан оонньоото.
Ама да кини бүгүҥҥү күнэ буолбутун, кырдьыбытын-буорайбытын, муҥу көрбүтүн, кини да уол оҕо буолан, уһугунан дугунан, уолугунан тыынан сылдьыбытын өйдөттө. Амма Аччыгыйа Дьэ, өрө көрөн, уолуктарынан тыынан, хаҥыл ат курдук, халыан дьон…
Н. Лугинов
Хабахха тыын
ончу саҥарыма, бэйэҥ санааҕын көҥүл этимэ.
Не иметь возможности свободно говорить, высказывать свои мысли.
[Балбаара:] Саҥарба! [Сүөкүлэ:] Көр эрэ маны! Хотун баарына хабахха тыыныыһыкпыт дии. И. Гоголев
Этэн-тыынан турда көр эт I
Киһибит, саҥата суох бэйэтэ, дьэ этэн-тыынан турда ээ!
6 этии #
Нууччалыы С удовольствием, вдыхать что-л. (напр., свежий воздух, аромат цветов), каждой клеточкой своего тела
Этиилэр
Өрө тыын көр өрө
Улахан сүгэһэри санныттан түһэрбиттии, дьон өрө тыыммыттара. Н. Заболоцкай Таня хайдах эрэ холкутуйбуттук өрө тыынан ылла уонна суунан баран остуол аан орон диэки өттүгэр кэлэн олордо. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
Настаа, маҥнай утаа куттанан баран, эмээхсин сэргэхсийбититтэн өрө тыыммыта. Н. Борисов Сайа тыын үрд., поэт. – эккин-сииҥҥин бүтүннүүтүн курдаттыы киирэрин курдук дуоһуйа, астына тыын (сибиэһэй салгынынан, туох эмэ, хол., сибэкки үчүгэй сытынан) Хонуу уутун, ынах түүтүн уонна киитин сыта былааһыктаах тыллан эрэр сэбирдэх, күөгэйэ тэлгэммит сибэкки, саҥа бытыгыраабыт күөх от сыттара, -- Симон этин-хаанын сааһын аахтара барытынан сайа тыынан киирэргэ дылылар. Л. Попов Кини [харыйа] иннэлэрэ күн-дьыл мүөттээх салгынынан сайа тыыммыттара, хараан киэһэлэр чуумпуларын иһиллээбиттэрэ дуо?
Күндэ
Үөһэ тыын
1) салгыны күүскэ эҕирийэн тыын.
Вдыхать в себя воздух, вздыхать.
Быраас иһиллээри: "Үөһэ тыын", – диэтэ; 2) мунчаар, санаарҕаа. Грустить, тосковать. Маайа ааспыт олоҕун санаан, үөһэ тыынан ылар. Н. Якутскай Доҕоруом, үөһэ тыыныма Кыыс оҕо сааскын сайыһан, Оонньооботох оонньууларгын, Үҥкүүлээбэтэх үҥкүүлэргин, Таҥныбатах таҥастаргын Ааспытын кэннэ аһыйан. С. Данилов
Өссө холобурдар (2)
Маарыйа аҕыйах хонуктан ыла, бэркэ ону-маны сэргэҕэлиир, түүн аанньа утуйбат, туой үөһэ тыынар, улаханнык санааргыыр быһыылаах. ХС Ср. ДТС, тюрк. тын ʽдышатьʼ
7 аат тыл #
Тыыннаах харамайдар тыынар уорганнарынан, тыҥаларынан салгыны эҕирийиилэрэ уонна таһаарыылара (кислороду иҥэринээри уонна углекислай кислотаны таһаараары)
Нууччалыы Дыхание. Муостара адаарыҥнаан, тыыннара күдээриҥнээн, сотолоро хараарыҥнаан, табалар субу өрө мэҥийэн кэлээт, -- тоҥуу хаарга тохтуу биэрдилэр. Амма Аччыгыйа. Тымныыта бэрдиттэн киһи тыына тута туман буолан бургучуйан тахсар. Н. Лугинов. Биһиги, быраастар, киһи олоҕун иһин кини тиһэх тыыныгар диэри охсуһуохтаахпыт. И. Федосеев
8 аат тыл #
Салгын тэмпэрэтиирэтэ хамсааһынын түмүгэр ууттан тахсар гаас, паар
Нууччалыы Пар. Өрүс кырас тыына тымныы, Сүүрүгэ да тыйыс, нэс. С. Данилов. Үрэх тыына охсон, хаһыҥнаан хаалымтыа буолуо. М. Доҕордуурап. Муора тыына уорааннаах буолан оннооҕор сөтүөлээбэк кин. ДФС КК. // Салгын итиитэ-тымныыта. Температура воздуха. Кыһын обургу тымныы тыына күнтэн-күн кырыгыран-кыйыһыран иһэр. Амма Аччыгыйа. Үкэр куйаас тыына сырылаччы саккыраата. Суорун Омоллоон. Салгын тыына дьыбарсыйан Шура кулгааҕын, сирэйин тымныынан даҕайбахтаата. А. Фёдоров. Сарсыардааҥҥы сөрүүн салгын чэбдик тыына биллэрэ. И. Федосеев
Муҥ саатар, кыратыттан иннэ-сүүтүк, чэй-табах, улаханыттан саа сэбэ курдук тыын табаардары бырахтара сатыам. Болот Боотур Ити уочаркаларга кини оччотооҕу тыа сирин саамай тыын боппуруостарын ылара уонна олорго ааҕааччылар болҕомтолорун түмэ тардарга кыһаллара. КНЗ ТС. Сиэссийэҕэ өрөспүүбүлүкэ олоҕор тыын суолталаах боппуруостар көрүллүөхтэрэ Кыым
9 аат тыл #
Тыыннаах буолуу, олох
Нууччалыы Жизнь. [Сайсары:] Кэпсээн суох
Бу ханна бардыҥ, ити туоххун лиһиргэтэҕин? [Бокуом:] Бу диэки кэллим. Бу тыыным харабылын, саабын лиһиргэтэбин.
Суорун ОмоллоонЧааһыҥ кэллэ да, [хотуурдаах хотун] хотуурунан тыыҥҥын быһа далайан кэбиһиэ буоллаҕа… Амма Аччыгыйа [Абыраамап:] Биһиги тыыммытын көмүскэнээри эрэ сааланабыт-сэптэнэбит Л. Попов
Өссө холобурдар (2)
Киһи ис санаатынан айылгыта, дууһата. Θ Душа (человека). Өссө кыыс арыйбыта Уол дириҥ дууһатын, Кини уйан тыынын, Аһыныгас сүрэҕин. Н. Харлампьева Эн биһи кэпсэтиэх биир тыла суох – Сүрэхпитинэн, тыыммытынан өйдөһөн! Д. Апросимов
10 аат тыл #
миф. Этэ-сиинэ суох, айылҕаны таһынан дьиктилээх күүс, иччи
Нууччалыы Бесплотное сверхъестественное существо, дух
Куһаҕан тыын дьалбарыйдын диэн дьиэ, ампаар тоҥ муннуктарын буруонан арчылыыллар. А. Фёдоров [Төрүт былыргы дьон] айылҕаҕа дьон курдук эрээри быдан модун күүстээх "тыыннар" олороллор, ол "тыыннар" чаҕылҕанынан тамнааттаналлар, тыалы түһэрэллэр дии саныыр буолбуттара. КФП БАаДИ. Булчут муораҕа киирэн мэлийэн хааллаҕына, кинини куһаҕан тыыннар илдьэ бардахтара дииллэрэ. Ю. Рытхэу (тылб.)
11 аат тыл #
Туох эмэ саамай сүрүнэ, төрүтэ
Нууччалыы Основа, суть, сущность чего-л
Ити кини бастакы кинигэтэ буолан дуу, кинигэтин тыына барыта таптал уонна уодаһын, эрэл уонна муунтуйуу, эдэрдии сайаҕастык уонна көнөтүнэн төлкөлөөһүн былааһыктааҕа. ХС Испэктээк тыынын бүтүннүүтүн Бэйиэт уобараһа сүгэр Кыым Киһи олох олороругар, тыыннаах буоларыгар саамай сүрүн суолталаах туох эмэ (хол., сахаларга – ынах сүөһү). Θ Что-л., имеющее важное значение для обеспечения жизнедеятельности человека (напр., для якутов – рогатый скот). Сүөһү биһиги баайбыт, аспыт, быһата, тыыммыт. Е. Неймохов
Өссө холобурдар (2)
[Даарыйа эмээхсин:] Бэйэбит оҕобут диэн, ити бэстилиэнэй тыыммытын [түүлээҕи] эйиэхэ туттарар быһыыбыт ээ, сэгэриэм.
КүндэАс киһи тыына, Үөһээ Сырдык Айыылар киһиэхэ ыыппыт бэлэхтэрэ буолар В. Кондаков
12 аат тыл #
Дьон-норуот олоҕу, айылҕаны, уопсастыбаны анааран өйдөөһүнэ
Нууччалыы Система мировоззренческих взглядов и идей, идеология. [Хомсомуол] Умайар кутаа уот кыһаҕар, Уһаарыы тыыныгар күөттэнэн буспутум
[Эрилик Эристиин] айымньылара ааҕааччылары норуоттар доҕордоһууларын тыыныгар иитэллэр. Н. Тобуруокап Мин бэйэм атеистическай тыыҥҥа иитиллибит буолан, туох да итэҕэлгэ болҕойбот, итэҕэли билиммэт этим. ДМЕ ИТ
13 аат тыл #
Туох эмэ (хол., саас) буолаары гыммытын, чугаһаабытын сибикитэ, билгэтэ
Нууччалыы Примета, предвестие чего-л. (напр., весны)
Ити быыс кэм этэ: дэлэй олох тыына саҥа биллэн эрэрэ. Далан Манчаары чуҥкуйбут, тулаайахсыйбыт сүрэҕэр олох, таптал тыына кый ыраахтан ил гына илгийэр. И. Гоголев Илинтэн арҕаа хас килэмиэтири бардахтарын ахсын алдьархайдаах сэрии амырыын тыына ордук биллэн испитэ. Софр Данилов
14 аат тыл #
Ким, туох эмэ (хол., норуот култууратын) бэлиэ уратыта
Нууччалыы Отличительная особенность чего-л. (напр., народной культуры)
Ырааппакка пааркаларбытын, стадионнарбытын, киирии ааркаларбытын ылан көрүөҕүҥ. Ханан да сахалыы тыын сыстыбатах тутуулара. Барыта биир халыып, үтүктүү. АЭ ӨӨКХ. "Мин хоту сири, кини дьонун-сэргэтин, кини ураты тыынын сөбүлээтим", – Аайа саҥа кырыйтарбыт бүрүчүөскэтин туттан көрдө. "Чолбон". Андрей Саввич аҕыйах сыл иһигэр Саха драматическай тыйаатырыгар саҥалыы тыын укта ЭК
15 даҕааһын #
суолт. Сүрүн, тутаах суолталаах, төрүт
Нууччалыы Главный, решающий, основной
16 этии #
Нууччалыы Кого-л. неотступно преследует болезнь, кого-л. замучила болезнь (букв. чёрт (злой дух) преследует)
Этиилэр
Биир тыынынан көр биир
Ойуун табаҕын тардан бүтүүтүгэр кутуруксут чорооҥҥо кымыс аҕалан биэрбитин биир тыынынан биэстэ-алтата омурдан киллиргэтэн баран, оргууй аҕай олбоҕор тиийэн олорунар. Күннүк Уурастыырап Биэс биэрэстэ сири уһаппакка-кэҥэппэккэ биир тыынынан сатыы быһа охсон кэбистэ. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Маннык ахсаан чабырҕаҕын биир тыынынан ким төһө элбэҕи этэригэр куоталаһа оонньооһун буолара. Дьүлэй Бүөкээн.
Куһаҕан тыын (абааһы) буулаабыт
кими эмэ ыарыы булан баран арахпат, ким эмэ наар ыалдьан тахсар Оҕонньор эрэйдээҕи куһаҕан тыын буулаабыт.
[Баһыыкка:] -- кыыспытын Абааһы буулаабыт, Ойууну ыҥыран, Дьалбыта тардыахха.
Суорун ОмоллоонНууччаны абааһы буулаабат, нуучча нуучча ыарыытыгар эрэ ыалдьар буоллаҕа дии. Болот Боотур
Кыл тыынынан көр кыл
[Кыргыттар] кыл тыыннарынан сыыһа-халты аһаат, үлэлэригэр тэбинэллэрэ.
Г. КолесовОҕонньор аны өй булан төттөрү түһүө, ыыталыа суоҕа дии санаан, оҕолор кыл тыыннарынан хомунан, таба буута быстарынан ойутан хааллылар. С. Никифоров
Өссө холобурдар (3)
Уһун Баһылай, ойоҕор кэлэн кыл тыынынан чэйдээт, кыһыллар эккирэтэн иһэллэрин Силиппиэн этэрээтигэр баран тыллаабыта. А. Бэрияк Суон тыын, халыҥ тыын нор. айымнь. – үрүҥ (хара) тыын диэн курдук. [Айыы Дьураҕастай бухатыыр:] Дьэ, убайдаах эдьиийим! Эһиги эппит тылгытыттан туоруом суоҕа. Халыҥ тыыммын харыйдаатыгыт, суон тыыммын толуйдугут. Саха фольк [Айыы Умсуур эдьиийим!] Дьэ, ыраах да буолларгын чугас буол, суох да буолларгын баар буол! Суон тыын толуура, халыҥ тыын хардайа буол эрэ! Ньургун Боотур.
Сыккырыыр (суккуруур) тыына эрэ көр сыккыраа
Сеня ийэтэ сөтөл буолан, суккуруур тыына эрэ сылдьар. Н. Босиков. Бааһырбыт Сивцев хараҥанан туһанан ойуурга түспүт, суолга тахсыбакка, тоҥуу хаарынан куоракка сыккырыыр тыына эрэ тиийэр. В. Чиряев. Маайа сүрдээх өр уһуннук сатыы хааман -- Дьокуускай куораты суккуруур тыына эрэ булбута. "ХС". тыынын толук уурар – кими, тугу эмэ быыһаары олоҕун биэрэр, өлөр.
Принести в жертву свою жизнь.
Нуучча норуотун чулуу уолаттара, кыргыттара -- аан дойду сэриилэригэр төһөлөөх мөлүйүөнүнэн охтоннор, сырдык тыыннарын толук уурбуттара буолуой.
Суорун ОмоллоонКиһиэхэ төрөөбүт дойдута Таптыыр оҕотун тэҥнээҕэ: Кини кэскилин туһугар Тыынын да толук ууруоҕа. С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Өрүһүллүбүт, быыһаммыт махталлаах норуот Ийэ дойдуларын туһугар тыыннарын толук уурбут саллааттар кэриэстэрин умнубат. "Кыым".
Тыыммар (дууһабар) өһүм суох
тыыннаах сылдьыахпын баҕарабын; өлөр кутталга киирэн биэрбэппин.
Я не хочу умереть; я не пойду на смертельный риск (букв. я не враг своей душе).
Бэйэ тыыныгар бэйэ өһө суох (өс хоһ.). Бэйэлээх бэйэм тыыммар өһүм төрүт суохха дылы. В. Скрябин
Тыыммын уолдьаһыннарда
өлөрө сыста.
Чуть не убил.
Бу киһи холуһун, тыыммын уолдьаһыннараары гынна.
Тыына-быара хаайтарар
туохтан эмэ (хол., тугу да гыммат буолууттан) тэһийбэт-тулуйбат.
Испытывать тоску, изнывать (напр., от безделья).
[Сүөкүлэ:] Уолум майгытыттан, сигилититтэн кэлэйэн, кыыһыран, тыыным-быарым хаайтаран, кэлиэх-барыах суолбун булбакка олоробун. А. Софронов Кыыс буолак иһигэр тыына-быара хаайтарыах курдук буолан, ярангаҕа тахсан саҥа таба олбоххо тиэрэ түһэн сытта. Болот Боотур
Тыына-быара ыгыллар
1) туохтан эмэ ыксыыр, ыгылыйар (хол., куттанан).
Испытать чувство безысходности, паниковать (напр., от страха).
Тогойкин иэнэ тымныйталаан ылла, баттаҕа адаарыҥныы хамнаан, бэргэһэтин өрүтэ сүкпэхтииргэ дылы гынна, тыына-быара ыгылынна. Амма Аччыгыйа Болугур оҕонньор үйэлээх сааһыгар хаста-хаста буурҕаҕа ылларда, хаар анныгар сытта, өлө сыста этэй! Ол тухары, бу бүгүҥҥү курдук, кини тыына-быара ыгыллыбыта суоҕа. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
Айан киһитэ көхсө кыараҕастыйан, тыына-быара ыгыллан барда. Н. Заболоцкай; 2) тыына-быара хаайтарар диэн курдук. Киһи тыына-быара ыгыллыах, бадыкы-бүдүкү киэһэтэ эргийбитэ. Күннүк Уурастыырап Тугу да үлэлээбэккэ, таах олороруттан тыына-быара ыгыллара. Н. Якутскай
Тыына-быара ыксыыр
туохтан эмэ (хол., ыарыыттан, куйаастан) ханна да барыан, хайдах да буолуон билбэт буолбут.
Изнемочь (напр., от болезни, жары).
[Кэтириис:] Сүөдэр, ороммор илдьэ тарт, тыыным-быарым ыксаата. А. Софронов Күнүс олус куйааска, бырдахха, сүөһү ордук тыына-быара ыксыыр бириэмэтигэр, Доропуун оҕонньор сүөһүнү сөрүүн сиргэ хорҕотон, сынньатан абырыыр. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (4)
Тыына-быара ыксаабыт [муус көтөҕөн иһэр] Хачыгыр көтөн түһэн дьиэ ортотугар тиийэн эрдэҕинэ, били аан аспыт уол эккирэтэн кэлэн, этэрбэһин соһуллан иһэр быатыттан үктээтэ. Эрилик Эристиин Тыына быһынна (тымныйда) кэпс. – өллө, суох буолла. Умереть, скончаться. [Ол курдук] Тыһыынчанан суол омук Тыына тымныйбыта баар үһү.
Өксөкүлээх Өлөксөй[Мотуона испиискэтин хаатын] тыына быстаары аҕай сытан, кырдьаҕас эбэтигэр саҥата суох туттаран кэбиспит. Күннүк Уурастыырап Муҥнанан-муҥнанан баран нөҥүө күнүгэр оҕо тыына быстыбыта. Болот Боотур
Тыына уһаата
1) аҕылаан, эппэҥнээн баран холкутук тыынан барда.
Начать дышать ровно, выровнять дыхание.
[Ат] Үөрэммит сиригэр, Үүммүт салгыныгар Тыҥата кэҥээтэ, Тыына уһаата. П. Ойуунускай; 2) холкутуйа, кыратык уоскуйа түстэ (хол., улахан ыарыһах ыарыытын кэмигэр). Успокаиваться, получать временную передышку от чего-л. (напр., от сильной боли). Саһыл ааһа көтөр, куобах төттөрү ыстанар. Ол аайы куотааччы тыына уһуур, эккирэтээччи эрэйэ элбиир. Амма Аччыгыйа Өс киирбэх, онтон ыла сыыйа-баайа тыына уһаан, ыарыыта намыраан үтүөрэргэ барбыт. "Чолбон". Тыына ыараабыт кэпс. – киһини өлөрөн ыар көрүҥнэммит; ханнык эмэ ыар айыыны оҥорон санаатыгар-оноотугар таһаҕас оҥостубут. соотв. камень на душе лежит. Миигин да өлөрөн ордук үтүө ааттаныаҥ суоҕа… Дьөссө тыыныҥ ыарыа, күлүгүҥ хараарыаҕа. Ньургун Боотур. Үтүөҕэ тиксиэҥ суоҕа, Хата, Тыыннааҕы быстахпына, Тыыным ыарыа, Күлүгүм хараарыа. А. Софронов
Өссө холобурдар (2)
Оччоҕо, оҕотуктуҥу буолан, тылым ситэ иччилинэ, тыыным ситэ ыарыы илигэ. Күннүк Уурастыырап Тэҥн. күлүгэ хараарбыт 2, тымныы (хараҥа) күлүктэн.
Тыына эрэ баар
арыычча тыыннаах эрэ.
Едва жив.
Оҕонньор эрэйдээх тыына эрэ баар. тыына эрэ орпут – улаханнык ырбыт-быстыбыт, нэһиилэ тыыннаах эрэ хаалбыт. Сильно истощиться, едва остаться в живых. [Туртас] кытыыны былдьаһа сатаахтыыра да, күүһэ-күдэҕэ бараммыт, сыккырыыр тыына эрэ ордон иһэр быһыылааҕа. И. Федосеев Уолаттар ийэлэрин булан өрүһүйэ барбыттар да, аараттан сыккырыыр тыыннара эрэ ордон, төннүбүттэрэ. И. Данилов
Тыын былдьаһыга (былдьаһыыта) көр былдьаһыы
Тыынар тыыннаах тыын былдьаһыгар куотар, Ханна эмэ хаспаҕы булан саһар. С. Данилов Атым аны тыын былдьаһыгар ууга баттыа диэн дьиксинэр. С. Дадаскинов
Тыын быстарынан (быстыаҕынан)
улахан ыксалынан, тиэтэлинэн.
В крайней спешке.
Хайа, бэйэлэрэ даҕаны тыыннара быстарынан сылдьаллар ини. Д. Таас Аттарым эрэйдээхтэр тыыннара быстыаҕынан -- ыстанан кэбистилэр. В. Башарин
Өссө холобурдар (1)
Арай -- эбэм уҥа сыһыыны хайы-үйэ ортолообут. Биһиги кини кэнниттэн эмиэ тыын быстарынан ыстаммыппыт. Д. Васильев
Тыын быһаҕаһынан тыынар
аҕылыыр, бөтүөхтүүр (тугу эмэ олус түргэнник, ыксыы-ыксыы оҥорон).
Запыхаться (делая что-л. поспешно, торопливо).
"Оо дьэ, күүс эһиннэ… өллүбүт!" – Дьэкиим, тыын быһаҕаһынан тыынан, быстах-быстах саҥарара иһилиннэ. Д. Таас Балбаара ыаллара саһан сытар бүтэҥи сыбар тыаларыгар тыын быһаҕаһынан тыынан биир оҕонньор тиийэн кэлбитэ. Б. Лунин
Тыын киллэрдэ көр киллэр
Ньургуһун тыын киллэрэн, илиитин хамсатан баран эмиэ нам барар. Суорун Омоллоон. Балбаара сарылаабытынан сиргэ сууллан түһэн өр соҕус талбаара сытан баран, тыын киллэрэн ыҥырҕаан ытаан барда. Эрилик Эристиин. Томмот хаста да өйүн сүтэрбитэ. Ону тыын киллэрэ-киллэрэ, дьүһүлээбиттэрэ. "ХС". Тыын көһүттэн түөлбэ. – быстаран, хоргуйан өлөөрү олорор киһи эбэтэр ыал туһунан этэллэр.
Оголодать, изголодаться (о человеке, семье).
[Куба] ааттаһардыы тоҥхолдьуйа-тоҥхолдьуйа утары хайыспытыгар -- сах сиэтин, манан да уһуннук тыын көһүттэр биллибэт дии санаат, туран кэлбитим. ИИА К
Тыын салҕаа I
өлөөрү сытары ситэри өлөрөн кэбис.
Добивать кого-л. (раненого).
Бөрө, айаҕа таптаран өлөөрү да сытан, Тыынын салгыы кэлбит булчуттан Кутуругун купчутан ааттаспат, Аһыытын килэтэр, суоһурҕана көрсөр! И. Гоголев [Хандыы:] Биир биэбит маска түспүтүн бэҕэһээ тыынын салҕаатыбыт. А. Фёдоров
Өссө холобурдар (1)
Дьон сонно тута, ураҕастарын быраҕаат, быһахтарын оруу-оруу, дөйүтүллүбүт муҥнаахтары [табалары] тыыннарын салгыы охсон тэл мастарга соһоору сырсан кэллилэр.
А. Кривошапкин
Тыын салҕаа II
улаханнык ыксаабыты, муҥур уһукка тиийбити өрүһүй, абыраа.
Выручать, спасать кого-л., попавшего в большую беду (букв. продлить жизнь).
[Сэллик атыыһыт] аҕыйах манньыатынан тыын салҕаныах айылаах, күн тура-тура иэстэрин ирдээн, тэлиэгэлээх атынан куораты биир гына айаннатан таҥкынатара.
Н. Лугинов[Сыа хаар] Көтөргө-сүүрэргэ Күүстээх тымныыга Көмүс ньээкэ уйа буолар, Тымныынан аҥылыйбытын иннигэр Тыын салгыыр, абырал буолар. И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
Элбэх киһи махталын ылбыта, элбэх киһиэхэ тыын салҕаабыта. И. Федосеев
Тыын сирин таарыйтарбыт
өлөрдүү бааһырбыт.
Быть смертельно раненым (букв.
у него задето жизненное место). Тайах тыын сирин таарыйтарбыт.
Тыын сирэ
кыыл эбэтэр киһи тыыннаах буоларыгар сүрүн суолталаах уоргана.
Жизненно важный орган (животного, редко – человека). Эмээхсин, сонньуйаат, кэпсээтэ: "Мин уолум ньыгыл таас кэриэтэ.
Сэгэрим хонноҕун анныгар Арай биир сымнаҕас, тыын сир баар". И. Гоголев Тыын сиригэр таптарбын диэн чыыбыспын тардан кэбиспиппэр, [эһэм] часкыйбытынан ыстанан турбута, иккиһин ыппытым – умса баран түспүтэ. ВА ИиТ. Сиэгэн -- тайахха үрдүгэр ыстанан, дириҥник батары харбаан тыҥырахтарынан кытаахтаат, били ыстаал бөҕө тиистэринэн туппут кыылын тыын сирин – моонньун, сүнньүн быһа кэрбиир. ХС
Тыын таһаарбакка
кыратык даҕаны, ончу ордорбокко (эс, суох гын).
Без остатка, вчистую (уничтожать).
Бу алааска куобах үөскээри гыннаҕына, тыын таһаарбакка, бултаан эһэн кэбиһэллэр. ГНС СТСДТ. Тыын толуга эргэр. – өлөртөн быыһанаары бэриллэр туох эмэ. Жертва ради спасения жизни. Бэйэ мэнньийиитэ буолбут, Тыын толуга буолбут Үстээх хаардаах Хара дьаҕыл атыыры Үтэйэн иһэбин. Саха фольк
Тыын тыыҥҥа харбас
тыыннаах хаалаары тугу да оҥороргун кэрэйимэ.
Идти на всё ради спасения своей жизни.
[Бииктэр:] Туох гынаары кини кэлтэччи биһи сүрэхпитигэр быһахтанарый, синэ-биир – тыын тыыҥҥа харбас – Дьууру сайылаан кэбиһиэх!
Суорун Омоллоон
Сэрии сокуона кытаанах
"тыын тыыҥҥа харбас" диэн ол буоллаҕа.
Купуулар туттахтарына, биһигини аһымматтара чуолкай, онон тыын тыыҥҥа харбас. Е. Неймохов
Тыын хорбох
таах сибиэ, халтай, туһата суох.
Зря, напрасно (букв. в ущерб духу, энергии).
Ээ, [тыраахтар чүмэчитин ыла барбыт уол] кэлэрэ чугаһаабыта буолуо. Бостуой, тыын хорбох… Р. Кулаковскай
Тыын ук
1) туохтан эмэ (хол., ыалдьан, аччыктаан) ыксаабыт, муҥур уһукка тиийбит киһиэхэ көмөлөһөн арыый да гын, быыһаа.
Помогать, спасать кого-л., попавшего в беду (букв. вложить жизнь).
Иэдэйиэх киһини Иккис күн, киэһэлик, Дьонноро кэлэннэр Тыын уган тураллар. С. Данилов Куличкин -- төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн аччыктаан быстарбыт табаарыстарыгар тыын укпутун туһунан кэпсиир. Н. Тобуруокап
Өссө холобурдар (2)
Ыарыы буулаан, санааҥ түһэр, Ыраас күнүҥ саппаҕырар. Арай маннык мүнүүтэҕэр Амарах эмчит тыын угар. С. Спиридонова; 2) тугу эмэ ханнык эмэ (үксүгэр саҥа) ис хоһоонноо. Вносить во что-л. новое содержание. Ойуунускай саха литературнай тылын байыппыта, онуоха кини ийэ тылтан бэл сорҕото умнуллан, эргэрэн эрэр өттүлэрин кытта сатаан туһанан, ол тылларга саҥа тыын укпута. Н. Заболоцкай Биһиги хуорбутун сүнньүнэн торумнаабыппыт, дьардьаматын эрэ бэлэмнээбиппит. Онон билигин кинини симиэхпитин-киэргэтиэхпитин, тыын угуохпутун, мөссүөннүөхпүтүн, уобараһын айыахпытын наада. АҮ. Биһиги суруйааччыбыт Юрий Чертов айымньытыгар, чуолаан, Хотугу сиргэ дьон кэлэн олохсуйуута, ол сири баһылааһына, уларыта тутуута, саҥалыы тыын уган биэриитэ көрдөрүллэр. "Кыым". Тыыныгар топпут түөлбэ. – тыын быһаҕаһынан тыынар диэн курдук. Эмээхсин эрэйдээх, оҕолору сырса сатаан, тыыныгар топпут.
Тыыныгар тур (тиий)
кими, тугу эмэ өлөр.
Лишать жизни, убивать кого-л.
Өскө кыайан куоппатахпына, ити дьиикэй тутатына тыыммар туруо. Р. Кулаковскай [Таабылап:] [Өлөксөөс] аҕатын дьарыйбыппын биллэҕинэ, түүлэ-битэ да суох, кырдьык тыыммар турар киһи буолуо. Н. Туобулаахап
Өссө холобурдар (2)
Харчылаах дьахтар диэннэр талыахтарын, кырбыахтарын, биитэр тыыныгар туран баран кистиэхтэрин да сөп. ХС Тэҥн. тыынын быс.
Тыын ыл
кыратык сынньана, уоскуйа түс.
Перевести дух, передохнуть, отдышаться.
Кыратык тыын ылаат, Эмиэ үҥэн барара, Кыччыгыйдык сыҕарыйаат, Эмиэ сыта түһэрэ. Күннүк Уурастыырап Мин кыратык тыын ыла түһээт, эмиэ киһибин соһоору оҥостон эрдэхпинэ талах быыһыттан биир киһи утары сүүрэн кэллэ. С. Никифоров
Өссө холобурдар (2)
[Ыттар] бастакы уохтарыгар наһаа омуннаахтык түһэн күүстэрэ тахсан хаалааччы, ону тыын ыллара түһэр үчүгэй буолар баҕайыта. С. Ту мат. Тыынын атыылыыр кэпс. – ким, туох эмэ туһугар тугу да оҥорорун кэрэйбэт, туохха барытыгар сөбүлэһэр. соотв. продавать душу кому-л. Ийэ барахсан оҕо иннигэр бу курдук тыынын атыылыыр. Эрилик Эристиин Болот, төһө да тыынын атыылаан туран мииннии-оттуу сатаатар, Огдооччуйаны кыайан өрүһүйбэтэҕэ. Н. Заболоцкай
Тыынын биэрэр
олохтон туоруур, өлөр; туох эмэ туһугар олоҕун сиэртибэлиир (үксүгэр кыргыһыыга сылдьан).
Умереть, скончаться; жертвовать жизнью во имя чего-л.
(обычно в поле боя).
Наада кэлиэ
Дойдукам, Тыыммын биэриэм Эн тускар!
Эллэй. Аҕаларбыт сэриигэ сэргэстэһэ кэриэтэ сылдьан сырдык тыыннарын биэрбиттэрэ. Н. Габышев Мин аҕам сэттэ уон иккис сааһыгар диэри хаһан да ыалдьыбатах бэйэтэ биир күн аһаабыт кэннэ, ороҥҥо өйө суох охтубута, ол кэннэ, биир күөс быстыҥа буола илигинэ таҥараҕа тыынын биэрбитэ. УАЯ А. Тэҥн
Өссө холобурдар (1)
олоххун биэр.
Тыынын былдьаһар көр былдьас
Бэһис палаатаҕа Степанов сордоох билиҥҥэ диэри өйдөнө илик. Иһиллибэт гына тугу эрэ баллыгырыыр, хаһыытыыр, тыынын былдьаһан өрө мөхсөр.
Н. ЛугиновТыын былдьаһа сытар киһини утары көрөр диэн баар – итини тулуйуохха наада. Күрүлгэн. Баһылай адьас мөлтөөн, тыынын былдьаһан чиччигинээтэ уонна аргыый мас төрдүгэр уйуттумуна түһэн барда. ХС
Тыынын быс
тыыныгар тур (тиий) диэн курдук.
Бу дойдуга киһи тыынын быһаары кэтээччи-манааччы эрэ элбэх: буурҕа, аас-туор олох, муора үрүҥ эһэтэ, торҕон бөрө үөрэ. Н. Якутскай – Бачча сыл тухары көлөһүммүн босхо сиэбитин үрдүнэн, аны тыыммын быһара хаалбыт эбит буоллаҕа, – диэн баран, киһим саҥата суох бөтөн барда. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
Өстөөх -- сүүһүнэн тыһыынча киһи хаанын тоҕор, тыынын быһар. ХС Тэҥн. тыынын иһиллээ (тыҥыраҕын хастаа).
Тыынын иһиллээ көр иһиллээ
Дьэ, хайа түргэнинэн, бу Айаал ороспуонньугу, сир да анныгар буоллар ситэн, -- тутан аҕала охсуҥ, тириитин тэнитиэхпин, тыынын иһиллиэхпин, тымырын баттыахпын.
Суорун ОмоллоонАны мин истэрбэр Глаша туһунан ону-маны саҥарыаҥ да, тыыҥҥын иһиллиэм. Л. Попов
Өссө холобурдар (2)
[Уйбаан Хахынаайап:] Нохоо, кинээһиҥ уолун тоҕо кырбаатыҥ, тыыҥҥын иһиллииллэрэ буолуо. М. Доҕордуурап Тэҥн. тыынын быс.
Тыынын тарт
тыыныгар тур (тиий) диэн курдук.
[Уот Уһутаакы:] Уой да, тойон убаккаам! Тахса охсон тыынын тардыый!
Суорун ОмоллоонЭһигини аллара таҥара дьиэтин таһыгар, ыстаапка илдьэбит. Онно дьону хайдах кэбилээбиккит курдук бэйэҕитин кэбилээн туран, тыыҥҥытын тардыахпыт. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Айыы тойон таҥара, тылбын иһит.
Ньукуус уола Тимэппий
тыыннаах абааһыны, Уоһук кыыһа Өрүүскэ дэриэтинньиги тыыннарын тарт!
Тэҥн. тыынын быс.
Тыынын таһаарар
тугу эмэ гынан (хол., ытаан) мунньуллубут кыһыытын-абатын, муунтуйбутун кыччатар, чэпчэтэр; дуоһуйуор диэри кимниин эмэ кэпсэтэр-ипсэтэр.
соотв.
отвести душу.
Мин ийэбин хомоттум
төрүт да кэпсэтэр киһи баҕалаах буолан олорор эмээхсини күлүү гынан сыыстым дии саныыбын уонна кэпсэтэн, муунтуйбутун аһаран, тыынын таһаарабын. Далан. Сахаар оҕонньор билигин даҕаны -- дьыл баһыгар-атаҕар хайаан да тыынын таһаара, чэпчии-сэргэхсийэ, кэргэнин уҥуоҕар тиийээччи. В. Яковлев. Кыысчаан сылтан ордук кэмҥэ ыар баттык гыммыт санаата чэпчиэр, тыынын таһаарыар диэри күүскэ ытаабыта. И. Федосеев. // Хас да күн устата тэптэн туран тыалыран, силлиэрэн баран уоскуйар, налыйар (күнү-дьылы, халлааны этэргэ).
Прояснеть, успокоиться, побушевав в течение нескольких дней (о погоде).
Тоҕус күн хачааллаан, Тоҥорбут бу халлаан Дьэ тыынын таһаарда, Дьэҥкэрдэ, ылаарда. Болот Боотур Үнүр түүннээх күн тухары силлиэрбит халлаан чуумпуран, тыына тахсан баран, аны, түүннээх күн хаардаан намылыппыта. В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
Сир-дойду чэмэлийэ сырдаата, киэҥ халлаан тыына тахсан, киэлитэ кэҥээн, киһи хараҕа саатар саҥа түспүт ыраас хаара кылбааран сытта. С. Никифоров
Тыынын тымныт
тыыныгар тур (тиий) диэн курдук.
Элбэх киһи тыынын тымныппыт баҕайы. Тэҥн. анараа дойдуга атаар, баһын хатар, буору уоптар, ийэтигэр-аҕатыгар атаар (ыыт), күн сириттэн (күнтэн) сүтэр, өбүгэлэригэр ыыт, сиһин үөһүн быһа тарт (үктээ), тыынын быс, тыынын иһиллээ (тыҥыраҕын хастаа), тыынын тарт, умса (умсары) уур, үрүҥ күнтэн сүтэр.
Тыынын тыыннанан
дуона суохтан, кыраттан өлө сыһан, өлөр кутталга киирэн.
Подвергаться смертельной опасности, рисковать из-за пустяка, мелочи.
Бу оҕону өлөрүөхтэрэ суоҕа, онон биэриэххэ, биир оҕо тыынын тыыннанан бары өлүөхпүт дуо. Эрилик Эристиин – Киһи баҕайы саарба тыына тыыннанан, хара тыаны батан, үөҥҥэ-көйүүргэ сиэтэн, тыҥырахтаахха тырыта тыыттаран, баран истэҕэ, – диэтэ Кууһума. Н. Павлов
Өссө холобурдар (1)
Халлаан дьоноҕут. Кус тыынын тыыннана, доруобуйаҕытын сүтэрэ сыстыгыт. Улдьаа Харалы.
Тыынын уһат
тыын салҕаа II диэн курдук.
Күн ийэм, Күөмэйбин көлдүөрүт, Тыыммын уһат, Тылбын сымнат! А. Софронов Саханы тыынын уһаппыт, бу уһун тымныы кыһыннаах сиргэ олохсуйарыгар көмөлөспүт сүөһүнэн Дьөһөгөй оҕото – саха сылгыта буолар. В. Кондаков
Тыынын хабахха үрбүт
бэйэтин санаатын көҥүл саҥарар кыаҕа суох буолбут, саҥата суох сылдьар (хол., кимтэн эмэ олус буойуллан, мөҕүллэн).
Не иметь возможности свободно высказывать свои мысли, быть вынужденным молчать.
Тыынын хабахха үрбүт (өс хоһ.). Дьэ оччоҕуна [Лэкэттэлэр сайылыкка көстөхтөрүнэ] кини ыраас чэбдик салгынынан сайа тыыныах этэ, билигин киниэхэ халбас харата, этэргэ дылы, тыынын хабахха үрэн олорор. ИН ХБ. Тыыҥҥар тот түөлбэ. – 1) тыыныҥ хаайтар, аҕылаа, боптор. Страдать одышкой, задыхаться. Хайа, тыыҥҥар тотон олороохтуугун дуу?; 2) ыксаа, тиэтэй. Торопиться, спешить. Тохтоо, бэйи, олус тыыҥҥар тотума. Тыыҥҥар турун кэпс. – бэйэҕэр тиийин диэн курдук (көр бэйэ). Ол киһи тыыныгар турунан өлбүтэ.
Тыыҥҥын (кэтэн) манан көр манан
"Адьас тыатааҕы оҕонньор уораҕайын үрдүгэр сылдьар курдук санан, – Уһун Лэппиэрэй уолун эмиэ такайан барда, – хара тыа харахтаах, хонуу сир кулгаахтаах: тыыҥҥын манана сырыт". Л. Попов [Тииҥ Мэйии] киһиэхэ көмөлөһөрдөөҕөр бэйэтин тыынын мананара. Г. Угаров
Өссө холобурдар (1)
Мин ордук тоҥон өлбөт кыһалҕаттан ыаллар кыһынын дьукаахтаһан олорон тыыннарын мананар кыһалҕалаах олохторун таабырыннаһан, остуоруйалаһан, араас номохтору кэпсэтиһэн киэргэтэр түгэннэрин өйдүүбүн. "Кыым".
Тыыҥҥын тэскилэт
улахан иэдээнтэн, өлөртөн тугу да быраҕан туран куот, быыһан.
Спасаться бегством от беды, смерти.
Хас да сүөһү өлө сытар, биир ат кэлин сотото тостон баран, тостубутуттан алларааҥҥытын онньоҕунан барбыт этэрбэс курдук онньоччу үктэнэ-үктэнэ, тыын тэскилэтэн куотаары тула эргийэ сылдьар. Эрилик Эристиин [Бандьыыттар] табаларын, наарталарын, астарын-үөллэрин, саппаас сааларын барытын хаалларан, тыыннарын эрэ тэскилэттилэр. ВНГ ГОПХ. Кинини уҥуох тутуохтааҕар Киргиэлэй бэйэтин тыынын нэһиилэ тэскилэтэн турар. ХС
Өссө холобурдар (1)
Үрүҥ тыыммын өллөйдөө фольк. – хара тыыммын харыстаа диэн курдук. Хара тыыммын Харыйдаан хаххалаа, Үрүҥ тыыммын өрүһүйэн өллөйдөө!
П. Ойуунускай
Үрүҥ тыын өллөйө көр өллөй
Өйдүүр инигин, били эн биһи Өлөртөн саспыт тааспытын Биһиэхэ иһэн, киниэхэ түһэн Буулдьа чаһырҕаан ааспытын. Оччоҕо үрүҥ тыыммыт өллөйө, Хара тыыммыт харыһыга Буолбут курдуга, үрдүү үллэйэр, Буордаах тааспыт боһомото. И. Эртюков. "Үтүөнү үтүөнэн боруостуох буолларгын, мин эйигин ол эккирэтэн иһэр тоҕус аттаах дьонтон быыһыам этэ", – диир оҕонньор үрүҥ тыын өллөйө буолаарай диэн. Л. Габышев. Үрүҥ тыынын өрүһүй фольк. – кими эмэ улахан иэдээнтэн, өлөр өлүүттэн быыһаа.
Спасать кого-л. от гибели, спасать чью-л. жизнь (букв. белое его дыхание спасать).
"Ол тоҕо кэллиҥ?" диэтэххинэ – эн үрүҥ тыыҥҥын өрүһүйэ, халыҥ тыыҥҥын халхалыы кэллим. Ньургун Боотур. Алдьархайга түбэспит Айыым аймахтарын Үрүҥ тыыннарын өрүһүйэн көрбөккө эрэ Төннөрүм аата диэн суох!
Суорун Омоллоон[Эдэр ойуун – Дыгыҥҥа:] Дьэ биһиги кырдьаҕастарбыт эйигин үрүҥ тыыммытын өрүһүйэр киһилээхпит диэн эрэнэр этилэр. "Чолбон".
Үрүҥ (хара) тыын
киһи олоҕо.
Жизнь (человека).
Хара тыыммын Харыйдаан хаххалаа, Үрүҥ тыыммын Өрүһүйэн өллөйдөө!
П. ОйуунускайОҕоҥ үрүҥ тыынын субу илиибэр тутан турабын.
Күндэ
Өссө холобурдар (2)
[Эдэр ойуун – Дыгыҥҥа:] Дьэ, биһиги кырдьаҕастарбыт эйигин үрүҥ тыыммытын өрүһүйэр киһилээхпит диэн эрэнэр этилэр. "Чолбон". Хара тыыммын харыстаа фольк. – өлөртөн быыһаа, абыраа. Защищать, спасать кого-л. от смерти, гибели (букв. чёрное дыхание моё защити). Хара тыыммын харыстаа, үрүҥ тыыммын өллөйдөө! Саха фольк Субу дьорҕоот дьоннорунан Чурумчукуга Чупчуруйдаан үрүҥ тыынын өллөйдүүр, хара тыынын харыстыыр сурук суруйбут эбит. Эллэй
17 этии #
Нууччалыы Ездовой или упряжный скот (конь, олень), на замену выдохшегося для выполнения срочного дела
Этиилэр
Тыына кылгаата көр кылгаа
[Местников] кислородунан тыынан сытар эбит. Онтукатын араардар эрэ, муннун төбөтүгэр, уостарын тулатыгар күөхтүҥү күлүктэр көбүтэлээн тахсаллар, тыына кылгаабытынан бараахтыыр. Амма Аччыгыйа Онтон улам ыраатан истэхтэрин аайы, тыыннара кылгаан, көлөһүннэрэ сарт түһэн барбыта. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
Маҥнай ыалдьааччы үлэлии үөрэммит үлэтиттэн ордук илистэ сылайар буолбутун итиэннэ күүскэ хамсаннаҕына (түргэнник хаамтаҕына, кирилиэһи дабайдаҕына) аҕылыырын, тыына кылгыырын бэлиэтиир. АВД РОХ
Тыын ат (таба)
суһал сырыыга сылайбыт миҥэни солбуйар саҥа, сэниэлээх миҥэ (ат, таба) Онно Сутуруоха төрдүгэр кинини билсэр биир баай эбээн тыын табалары бэлэмнээн олорор буолуохтаах.
Ньукулаас, илин дал кэтэҕэр тыын аты бэлэмнээн турабын. А. Бэрияк Кинээс кинээһи хайаан дьүүллүө баарай, инньэ гынан били хаһаахтарга ас-таҥас уонна эттээх тыын аттары биэрэн, Дьокуускай куоратыгар тэрийэн ыыппыта үһү. ФГЕ СТС
Тыына хаайтарар
тыынарыгар салгына тиий бэт.
Дышать с трудом, задыхаться.
[Хаппыт Суруксут:] Тыыным хаайтарар, тыынаары гыннахпына сэбиргэҕим анньар…
КүндэТибиэт үрдүк хайаларын салгына убаҕас, кислорода аҕыйах буолан киһи мэйиитэ эргийэр, тыына хаайтарар, аҕылыыр, баһа туох да сүрдээхтик ыалдьар. Х АаКА. Соня тыына хаайтараары гынан, сүрэҕин хам тутунна, куттанан уонна долгуйан кубарыйан хаалла, уҥуоҕа босхо барда, кириэһилэҕэ олоро түһэн ытаата.
Л. Толстой
Тыын былдьаһыга
тыынар тыыннаах өлүөн иннинээҕи туруга.
Предсмертная агония.
Оҕонньор тыын былдьаһыгар сытаахтыыр. Ср. ДТС, тюрк. тын ʽдуша; дыханиеʼ