Перевод с якутского
олох
аат тыл, сыһыат
Нууччалыы совершенно; совсем
English absolutely, at all
Ис хоһооно · 10
1 сыһыат #
Нууччалыы совершенно; совсем
English absolutely, at all
олох билбэппин я совсем не знаюI don't know at all
2 аат тыл #
Нууччалыы сиденье
English seat
3 аат тыл #
Дьон төрөөн-үөскээн, үлэлээн-хамсаан сылдьыылара, сылдьар усулуобуйалара
Нууччалыы Совокупность условий жизнедеятельности человека, жизнь
Киһи олоҕо. Норуот олоҕо. Олох уларыйыыта. Олох тупсуута. Оҕо олоҕо - биһиги олохпут, Оҕо дьоло - Биһиги дьолбут Эллэй
4 аат тыл #
Дьиэ иһигэр киһи олороругар аналлаах сир эбэтэр анал оҥоһук (хол., олоппос, сыҥаһа орон)
Нууччалыы Место для сидения внутри дома или приспособление для сидения (напр., нары, табуретки, стулья)
Тойон олоҕор тураах олорор. Өс хоһ. [Бадин:] Дорооболоруҥ, табаарыстар! Чэ, олоххутун булан олоруҥ С. Ефремов
5 аат тыл #
Ыал дьиэ-уот туттан олорор сирэ
Нууччалыы Отдельно стоящий дом со всеми пристройками, изгородями, усадьба
Ньукулай оҕонньор кыһыҥҥы олоҕуттан сайыҥҥы олоҕор бараары биэрэккэ турар тыытыгар киирдэ. С. Тарасов [Уйбаан:] Аҕабыыт харчынан биэрбэтэ диир, биир эрэ оҕуһу биэриэх буолла, онуоха үс олоҕор эбиэнньэ ыллатар, эрэйим да элбэх тахсар диир А. Софронов
6 аат тыл #
Тугу эмэ уурар, туруорар анал оҥоһук
Нууччалыы Подставка, постамент, пьедестал
Чааскы олоҕо. Чаанньык олоҕо. Тэлэбиисэр олоҕо. Пааматынньык олоҕо
7 аат тыл #
миф. Ойуун Үөһээ уонна Аллараа дойдуларга кыырарыгар айанын олуктарыгар тохтоон сынньанан ааһар туспа анал онно (хас айанын аайы оннук тоҕус олохтоох)
Нууччалыы По мифологическим представлениям якутов: ступени отдыха шамана, когда он камлает верхним добрым духам (божествам) или нижним абаасы (см. абааһы)
Таких ступеней бывает девять (и в Верхнем мире, и в Нижнем мире). Орон аайы иһийдилэр, Ойуун бастакы олоҕор, Олбоҕор, аас тэллэх үрдүгэр, Оҥостон тохтоон олорор Дьуон Дьаҥылы
8 этии #
Нууччалыы Ломать жизнь
Олоҕо алдьанна (олоҕун алдьатта) - олох сүнньэ сатарыйыыта, тосту уларыйыыта Балтыҥ олоҕо алдьанан эрэрэ баар дии улахан иэдээн.
Н. Лугинов[Маня:] Үгүстэр миигин сүөргүлүүллэр быһыылаах. Маннык бэйэлээх тоҕо тыаҕа тахсан бэйэтин олоҕун алдьаттаҕа буолуой диэн. С. Ефремов Олоҕор (уйатыгар) уу киирдэ - ыксаллаах, кутталлаах балаһыанньаҕа киирдэ. Θ Попадать в критическое положение. Уйбачаан кулуба олоҕор уу киирэн, Түргэн дьаһалы ылынан, Миигин сойуолаан туттара Сир аайы дьоннору ыыталыыр. А. Бэрияк
Өссө холобурдар (6)
Олоҕо суоҕунан көрдө - мээнэнэн, кураанаҕынан көрдө. Θ Смотреть отсутствующим взглядом. Киирбит киһи олоҕо суоҕунан көрөн турда. Олоҕун аргыһа (доҕоро) - ким эмэ кэргэнэ. Θ соотв. спутник жизни. Олоҕун аргыһыныын баччааҥҥа диэри эйэ дэмнээхтик олорон кэллилэр. НАГ ЯРФС. Олоххун биэр - тыыҥҥын харыстаама (туох эмэ туһугар). Θ Отдать, положить свою жизнь (ради чего-л.). Ийэ дойдутун иһин олоҕун биэрбитэ. НАГ ЯРФС. тиһэх суолугар атаар калька. Өлбүт киһини көмүүгэ сырыт, көмүс. Θ соотв. провожать в последний путь. Санитарканы көмөлөһүннэрэн, балай хаан-сиин буолбут барахсаны сууйан-тараан, таҥыннаран олоҕун тиһэх суолугар атаарбытым. А. Коптяева Олох долгунугар охсулун (оҕустар) - олоххор араас ыарахаттары көрүс. Θ Испытывать удары судьбы. Онтон, орто дойду одурууннаах Олоҕун долгунугар охсуллан, Күн сирин күүстээх Күтүр сүүрүгэр күлкүттэрэн... Оҕо бэйэм Оҕонньор буолан олорон, одуулаан көрбүтүм... А. Софронов Олох долгунугар охсуллубутум иһин, хаһан эрэ мин даҕаны албан ааттанан, суон сурахтанан, хонор хоноһо курдук көстөр, ыар ыалдьыт курдук ытыктанар этим. Болот Боотур Олох очуругар оҕустарда (тэптэрдэ) - олоххор туох эмэ быстах суолтан тэптэрэн, табыллыма, тэмтэрий. Θ Терпеть неудачу на жизненном пути, падать духом. Ол онтон санаата оонньообут аатыран, Ол онтон олоххо тэптэрбит аатыран, Куоракка бас-баттах сырытта, Барыылаах-кэлиилээх баһаары манаата. А. Бэрияк Ол гынан баран олох очуругар оҕустардаҕа. И. Гоголев Омоллоон олоҕо, Дьэргэстэй ыһыаҕа - күүтүллүбэтэх табыллыы, сатаныы; толору ас-үөл; бэһиэлэй олох. Θ Неожиданная пожива и удача; пир горой; веселая и расточительная жизнь. Ол түүн дэриэбинэҕэ Омоллоон олоҕун, Дьэргэстэй ыһыаҕын түһэрэн, нөҥүө күн сарсыардатыгар баарсалаах дьон ахсын төбөтө суох куурусса, куулунан хортуоппуй дэлэйбит этэ. И. Никифоров
9 этии #
Нууччалыы Благосостояние, обеспеченная жизнь (семьи, хозяйства)
Олох илгэтэ - ыал, хаһаайыстыба бигэ туруга Ким баҕарар тугу да оҥороругар дьон дириҥ өйүгэр, үтүө үгэһигэр, олоҕун илгэтигэр тирэҕирэр. Н. Якутскай Олоххо киллэр - тугу эмэ оҥорон-ситэрэн, үлэлиир, туһаныллар турукка тиэрт. Θ Ввести в эксплуатацию, реализовать, провести в жизнь. Таҥара олоҕо - таҥара долбуура, таҥара күлүгүн туруорар долбуур. Θ Полка для икон. Тойон таҥара олоҕун диэки көрөн кэбистэ. М. Доҕордуурап Харах олоҕо - сирэй уҥуоҕар харах олорор оҥхойо. Θ Глазница. "Ыччат толоос, бардам уонна кырыктаах буолуон, кини хараҕын олоҕуттан дьиикэй кыыл одуулаһыан баҕарабын", - диир кини. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Биһиги, саха, ааспыт олохпут, киһи хараҕын олоҕо ыалдьарынан, хараҥа иин түгэҕэ буолбат этээ! Суорун Омоллоон
10 #
Букатын, адьас, төрдүттэн
Нууччалыы Абсолютно, совершенно
Ахсым атынан дибдигирэтэн, Арҕаа суолунан бардылар. Ойуур быыһынан элэҥнэтэн, Олох көстүбэт буоллулар. С. Васильев Олоҥхо - олох былыр үөскээбит эпос Эрчимэн