ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыл

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы конский волос

English horsehair

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Сылгы сиэлин уонна кутуругун биир утаһына

Нууччалыы Конский волос (из гривы или хвоста лошади)

  • Сылгы аалыммыт маһыгар хаалар кылы хомуйан бары туһах хаталлар.
    Амма Аччыгыйа
  • Соҕотох кылы бэл диэтэр Туллукчаан быһа көтөр, Сүүс кылтан сылгы үтүөтэ Быспат өтүүтүн өрөллөр.
    ХС
  • Сиэл -- уһун кылынан олус үйэлээх бөҕө көнтөс, муоһа, ыҥыыр холуна, сөрүө, араас быа-туһах өрөн, хатан, тигэн тутталлар
    АНП ССХТ

2 аат тыл #

көр кылыс. Ону [туораах бурдугу] аны кылыттан, бэкиинэттэн ыраастыырга дьиэ кэргэнэ бүттүүн кыттан, биирдиилээн талан муҥнаналлар. Күннүк Уурастыырап. Сиэмэлэртэн кылларын аналлаах массыыналарынан имитэн араарыллар. "Кыым"

  • Аан бэтэрээ чанчыгар, аналлаах атах маска, аттарыы лэпсэлээх, симэхтээх көмүс ыҥыыр. Ыҥыыр хоҥсуоччутугар үүн, быалаах кымньыы, кыл дэйбиир.
    Суорун Омоллоон
  • Кэмниэ-кэнэҕэс дьон улаҕатыттан били маҥан кыл сэлээппэлээх киһи туран тыл көрдөөтө.
    А. Бэрияк
  • Ср. тюрк. кыл 'конский волос'

3 аат тыл #

Музыкальнай инструменнар устурууналара

Нууччалыы Струны музыкальных инструментов

  • Гитара кылларын тардыалыы олордо, Музыка тыаһыгар сөрү-сөп дьиэрэтэ Ыллаата... Дьуон Дьаҥылы. Кырыымпа чиккэччи тардыллыбыт кыллара бары мүччү бардылар. Л. Толстой (тылб.)

4 даҕааһын #

суолт. Кылтан оҥоһуллубут; кыл курдук кытаанах, хоччорхой

Нууччалыы Жесткий, как конский волос. [Үрүҥ эһэ] Үс-түөрт кыл бытыгын Үөрэ-көтө салбанна

5 этии #

Нууччалыы Дышать тяжело, с трудом, едва дышать (о тяжелобольном или находящемся при смерти человеке)

Этиилэр

Кыл тыынынан көр кыл тиэтэлинэн

Бэйэтэ чугас, бэрт улахан кэпсэтиилэргэ эрэ кыл тыынынан сылдьан кэлэрэ. Болот Боотур. Уруога эрэ бүттэр, дьиэтигэр кыл тыынынан тэбинэн кэлэр оҕо этэ. Н. Заболоцкай. [Кыргыттар] кыл тыыннарынан сыыһа-халты аһаат, үлэлэригэр тэбинэллэрэ. Г. Колесов. Кылы тарпыт курдук - көбүс-көнө, тэбис-тэҥ.

Очень прямой, ровный.

  • [Кыыл] айан-сэлии икки ардынан атаралаабыт суола, кылы тарпыт курдук, көбүс-көнөтүк дыргыйа сытар.
    Л. Попов
  • Бөһүөлэк, кылы сыыйа тарпыт курдук, суос-соҕотох көнө уулуссатын чугастааҕы дьиэлэрин элэктэриичэстибэ уота элэҥ-сэлэҥ сырдатара. Н. Заболоцкай

6 этии #

Нууччалыы Органы передвижения у низших организмов, похожие на тонкие волоски

Этиилэр

Кыл тымыр көр капилляр

Кыл үөн зоол. - оһоҕос көҥдөйдөөхтөр кылаастарыгар киирсэр, балтараа сэнтимиэтиргэ диэри уһуннаах, кыл курдук быһыылаах, ууга олохтоох паразит-чиэрбэ.

Паразитический водяной червь, похожий на волос. длиною до 1,5 см из класса первичнополостных червей.

  • Кыймаҥнас кыл үөн. Кыл хаа бэй. туһ. - балыгы кутарга аналлаах сыарҕа устатыгар сөп гына оҥоһуллубут улахан, ньолбуһах быһыылаах кылынан өрүллүбүт мөһөөччүк. Большой овальный волосяной мешок для рыбы во всю длину саней. Ньукуус дьиэ диэки күөх окко олорон, кыл хаа абырахтыыр.
    Күндэ
  • Хараанай эмээхсин кыл хааҕа толору собо тиксибититтэн тоҥмута ааһан хаалла.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (4)
  • Кыл хааһах бэй. туһ. - балыгы кутарга аналлаах кылтан өрөн оҥоһуллубут орто кээмэйдээх мөһөөччүк. Средний по размеру сетчатый мешок для рыбы, сплетенный из конского волоса. Ньукууһа оҕонньор тутан турар кыл хааһаҕын икки уолга биэрдэ. Олор хааһаҕы ылан, айаҕын атытан, балыгы куттардылар.
    С. Васильев
  • Кыл хамыйах бэй. туһ. - ойбон мууһун ыраастыырга уонна муҥха балыгын үллэрэргэ кээмэй быһыытынан туттуллар төгүрүк иигэ иҥиннэриллибит кыл сиэккэлээх уһун уктаах тэрил. Черпак с волосяной сеткой на круглом ободке с черенком, предназначенный для очистки проруби ото льда и используемый как мера при дележке добытой неводом рыбы. Ордьоох [киһи аата] кыл хамыйаҕынан (ойбоҥҥо бырахпыт баҕаларын) баспахтаан көрдө да, таба харбаамына хаалла.
    Амма Аччыгыйа
  • Илимнии, ардьаахтыы сатаан баран, [балыгы] кыл хамыйаҕынан чарт тымтайга таах баһан ылааччылар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Тыһы кыл - синньигэс кыл. Тонкий конский волосок. Киһи иннигэр тыһы кылы көрөр, бэйэтин иннигэр бэрэбинэни да билбэт (өс хоһ.). Мин өлбүт таба этин тула өттүттэн күрүөлээн кэбистим уонна аҥаар өттүн сатаҕай хаалларан саанан айа тартым, көрбөтүн диэн, маҥан синньигэс тыһы кылынан сыһыылаан кэбистим. Н. Заболоцкай

«К» буукуба