Перевод с якутского
кылгаа
туохтуур
Нууччалыы стать коротким, короче (обычно о длинном и тонком предмете), укорачиваться
English to shorten
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Урукку Устаҕынан аччаа (үксүн уһун синньигэс туох эрэ туһунан)
Нууччалыы Стать коротким, короче (обычно о длинном и тонком предмете), укорачиваться
Харандааһым олус кылгаабыт. Чыычаах [киһи аата] сирэйэ саҥа хатыҥынан кыһан оҥорбуттуу кубарыйан, эбирдээх сынтаҕар мунна ордук кылгаан, сэҥийэтэ тоҕо эрэ уһаан көһүннэ. И. Гоголев Мэйии сигналынан былчыҥнар кумуйаллар, атыннык эттэххэ кылгыыллар уонна сонууллар КЗА АҮө
2 туохтуур #
Аҕыйаа, кылгас буол (кэм туһунан)
Нууччалыы Уменьшаться, сокращаться, убывать (о времени)
Өлбөт үйэлээх айылҕа Өлөр тыыннаах ыччата, Мин барахсан, бу дойдуга Бото болдьоҕум кылгаата. С. Данилов Күммүт аны кылгаата, Күлүк түүммүт уһаата. Н. Тарабукин Арыгыны батыһа сылдьан наһаа чаастатык иһэр киһи олоҕо кылгыыр, эрдэ кырдьар ЛЛА АКДС
3 туохтуур #
Тиийиммэт, түгэммэт буол, мөлтөө
Нууччалыы Нуждаться, испытывать нехватку в чем-л., лишаться возможностей что-л. делать
Дьахтар кининэн барамматах. Дьэ киһилии олороо инибин, онто суох, кини ыалдьыбытын тухары бэркэ кылгаатыбыт, дьадайдыбыт. Н. Неустроев Ыксыыр, кылгыыр саххытыгар Ыраас сырдык сыдьаайдаах Ыркый ойуур быыһыгар Ымыыларда ыллатыҥ - Ыраах хаалбыт кыраайгыт Ыйдаҥара түһүөҕэ. Күннүк Уурастыырап Көлөһүммүт буорга тохто, Көнөр оннугар, күн-түүн кылгаан, Суол-суол аайы сутаан охто Буорайан испит күммүт ааста Дьуон Дьаҥылы
4 туохтуур #
тыл үөр. Суруйарга кыра миэстэни ыллын уонна саҥарарга дөбөҥсүйдүн диэн, бастакы дорҕоонноро эбэтэр сүһүөхтэрэ эрэ холбонон кылгаа (холбуу тыл туһунан)
Нууччалыы Иметь буквенное сокращение, быть сокращенным (напр., о буквах)
Маныаха хомсомуол, холкуос, политссыльнай, ССКП курдуктар ханнык тыллар кылгаабыттарыттан үөскээбиттэрин биллэрии оҕо тыла сайдарыгар, тыл этимологиятын өйдөөн туран саҥарарыгар уонна суруйарыгар улахан көмөлөөх. ПНЕ СТ. Аһаҕас дорҕооннор ахсаан өттүнэн, атыннык эттэххэ, уһуулларынан, кылгыылларынан уратылаһаллара эмиэ баар ВМС СДО
5 туохтуур #
мат. Ханнык эмэ чыыһылаҕа түҥэтиллэн, кыра чыыһылаларынан бэрилин, көрдөрүлүн (дробь туһунан)
Нууччалыы Сокращаться (о дроби)
Дробь кылгыыр саамай улахан уопсай түҥэтээччилэрэ буолар ВНЯ М-5
6 этии #
Нууччалыы Опешить, растеряться попасть в трудное положение
Иннэ кылгаабыт - иннэ чугаһаан (кылгаан), кэннэ ыраатан (уһаан) диэн курдук (илин I). Дьөгүөрчээн оҕонньор кэннэ ырааппыт, иннэ кылгаабыт киһи. С. Никифоров Утуйбакка эрэйдэнэбин - инним кылгаан, Улам аҕыйаан иһэллэр олоруохтаах күннэрим. С. Тарасов Сир-халлаан икки ардыгар чороҥ соҕотоҕун, уот сиэбит төҥүргэһин курдук туран хаалбыт, иннэ кылгаабыт киһи санаата киэҥин, холкутун, сүрэҕэ сылааһын сөҕөҕүн. КНЗ ТС. Уһун санаата кылгаата - ыксаата, кытаанах суолга түбэстэ, тугу да гыныан булбата Дойду иччилэрэ, ойуу-бичик уолаттар, кыргыттар көмүс уйаларын үрүҥ-маҥан ньээкэлэрин дэлби тэбистэрээри уһун санаалара кылгаата, киэҥ көҕүстэрэ кыараата. Саха фольк
Өссө холобурдар (3)
Күн тулунна, Күһэҥэ быһынна; Киэҥ көхсүм кыараата, Уһун санаам кылгаата; Өлүү бөҕө дьэ үтүрүөтэ, Алдьархай бөҕө дьэ ааҥнаата. Ньургун Боотур. Кини киһи да буоллар, Киэҥ көхсө сүүтүктээҕэр кыараата, уһун санаата саптааҕар кылгаата. Ньургун Боотур. Тыһа кылгаата (ыт тыһын курдук кылгаабыт, ыт тыһыныы кылгаабыт) - кыаҕа тиийбэтэ; кыаҕын таһынан буолла. Θ Быть, иметь ограниченные возможности, оказаться оказаться несостоятельным, в чем-л., не хватило пороху у кого-л. "Арай ыт тыһыныы кылгаабыт диэн олоробун. Салбаныкы, Сүөдээх итиччэ сордонон тутан биэртэрин кэннэ... " - Никифоров кинээс сыналыйа соҕус саҥарда. М. Доҕордуурап Мастаах оскуолата түөрт эрэ кылаастааҕа. Ханна эмэ ыраах баран үөрэнэргэ тыс кылгаан биэрбитэ. Багдарыын Сүлбэ. Син бултаамахтаабыт киһи хаар бөҕө баттаан, ыыра кыараабыт, тыһа кылгаабыт быһыылаах. М. Чооруоһап Тэҥн. тыһа тиийбэтэ
7 этии #
Нууччалыы Дышать тяжело, с трудом, задыхаться, еле переводить дыхание (от болезни, усталости, чрезмерного возбуждения и др.). [Уйбаанчык] тыына кылгаата, уҥуохтара кычыгыланна, этэ умайда, хараҕа хараарталаан ылла
Тыына кылгаата (тыынара кылгаата) - бөтүөхтээн, аҕылаан тыынар (ыалдьан, сылайан, олус өрүкүйэн о. д. а.)
П. ОйуунускайКислородунан тыынан сытар эбит. Онтукатын уоһуттан араардар эрэ муннун төбөтүгэр, уостарын тулатыгар күөхтүҥү күлүктэр көбүтэлээн тахсаллар, тыына кылгаабытынан бараахтыыр. Амма Аччыгыйа [Ньургуһун:] Аттыбар кини кэллэр эрэ Тоҕо иҥим миэнэ итийэрий, Уҥуоҕум хамсаан кэлэрий? Туохтан тыыным кылгыырый, Этим-сииним дьырылыырый?
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
Төһө, да кыһаммытын, букунаспытын иһин, тыына кылгаан, тыҥата эргэрбит күөртүү харбыҥнаан барда Н. Заболоцкай