Перевод с якутского
кылбачыт
кылбачый диэнтэн дьаһ. туһ. Наҥнаҕар бэстэр хойуу төбөлөрүн күн уота алтан өҥүнэн дуйдаан кылбачыппыт. Л. Попов Ойуун иэҕэс гынаат, түнэ этэрбэһин сототуттан удьурхай уктаах быһаҕын кылбачытан таһаарда. И. Гоголев Кини -- куобах истээх түнэ үтүлүгүттэн атыыр көҕөн кур баттаҕын кылбачытан таһаарда, көһүөлээх харахтарын тиэрэ-маары сотунна. И. Никифоров