Перевод с якутского
итэҕэс
аат тыл, даҕааһын, сыһыат
Нууччалыы недостаток, изъян, отрицательная черта кого-чего-л
English lack
Ис хоһооно · 8
1 аат тыл #
Ким, туох эмэ омсото, кыаллыбатах өттө, туолбакка хаалбыта
Нууччалыы Недостаток, изъян, отрицательная черта кого-чего-л
Дьон итэҕэстэрин эрэ аҥаардастыы бэлиэтии үөрэнэн, үтүө өттүлэрин өйдөөн көрбөт буола охсубут. Амма Аччыгыйа Дьокуускай итэҕэһэ онтон билиҥҥэ диэри биир: киниэхэ күөх, от-мас суох.
Суорун ОмоллоонҮлэ итэҕэстэрин арыйаллар уонна олору туоратар суоллары ыйаллар. Софр. Данилов. Ситиһиилэри сэргэ итэҕэстэр эмиэ бааллар Кыым
Өссө холобурдар (3)
Итэҕэс ойдо быһыылаах. Амма Аччыгыйа Тойонуом, сэттэ буукка холоон ыллаҕыҥ дии, сэттэ бууттан итэҕэс тахсыа суоҕа.
КүндэЫнах баһыгар иккилии сүүс кыраам үүтү итэҕэс ыабыт буолан таҕыстылар В. Яковлев
2 аат тыл #
Эрэбиисийэ түмүгэр көстүбүт мас-сал, үп-харчы ороскуоттаммыт сууматыгар сөп түбэспэтэ, тиийбэтэ
Нууччалыы Отсутствие нужного количества денег, имущества, обнаруженное проверкой, недостача
Эрэбиисийэ итэҕэһи арыйбыт. Хайдах да гыммытын иһин, алта ат түүлээҕиттэн итэҕэһи ылбаппын, оччоҕо дьыаланы дьыала оҥоробун. Саха фольк Биир бириэмэҕэ Айаан маҕаһыыныгар улахан итэҕэс көстөн, уол хаайыыга түбэспитэ. Н. Габышев
Өссө холобурдар (6)
Подотчеппар итэҕэс суох. Дьэ үчүгэй М. Попов Туох эмэ тиийбэтэ. Θ Неполное количество чего-л., недостаток. Мин холкуос мантан ылбыт массыыналарын итэҕэһин ыла киирбитим. А. Софронов Сопхуос буолбутун кэннэ оннооҕор ортоку үлэһит икки-үс мөһөөхтөн итэҕэһи өлөрбөт Далан Итиннэ итэҕэс биинтэлэр нууччалыы ааттара киирбитэ буолуо. А. Софронов Кулут-тойот саарыстыбатыгар төрөөммүн, итэҕэс өйдөөх иринньэх бөлүһүөк буоллаҕым, онон билэрим аҕыйах, көрөрүм элбэх буоллаҕа.
П. ОйуунускайТөһө да барытын сиэри таһынан сытыырхаттар, киниэнэ куруутун оруннаах буолааччы. Баҕар, кини итинэн бэйэтин ханнык эрэ итэҕэс өттүн сапта сатыыра буолаарай?
Н. Лугинов
3 даҕааһын #
суолт. Ситэтэ суох, толорута суох
Нууччалыы Недостаточный; неполный
4 сыһыат #
Тиийбэт гына, ситэтэ суох
Нууччалыы Недостаточно; меньше, менее
5 аат тыл #
Куһаҕаннык, ситэтэ суох
Нууччалыы Хуже. Итиччэ дьон эйигиттэн итэҕэс оттуохтара үһү дуо? А. Софронов. Нараҕаннаах Ньургуһуну бэйэлэрин оҕолоруттан итэҕэс санаабаттар этэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ыал аатын ыллахпына, буруо таһаардахпына, дьонтон итэҕэс олорботорбун үчүгэй этэ. М. Доҕордуурап. Мин эйигиттэн итэҕэс үһүбүн дуо? Күннүк Уурастыырап
6 сыһыат #
иирэ суолтатыгар туттулуннаҕына: "өссө итинтикэтэ тиийбэт, мантыката тиийбэт" диэн суолталанар
Нууччалыы В качестве сказуемого приобретает экспрессивное значение "этого еще не хватало"
Ыраас үппүн сиэн бараҥҥын, аны дьыалаҕа түбэһиннэрэриҥ итэҕэс дуо? Н. Неустроев Аны бэйэҥ аатын Алдьанара итэҕэс буолан Айгыстан олороҕун дуо?!
П. ОйуунускайАны бандыыттар буулдьаларын ыстааммытыгар хомуйан ыларбыт итэҕэс эбит. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Аны эйигин атаҕастыыра итэҕэс эбит дии В. Протодьяконов
7 этии #
Этиилэр
Киһи итэҕэһигэр кэлбит (төрөөбүт) киһи (дууһа) көр киһи
Киһи ахсаана итэҕэһин ситэрэ кэлэ сылдьар киһи көр киһи итэҕэһигэр кэлбит (төрөөбүт) киһи (дууһа). Ити барбах киһи ахсаана итэҕэһин ситэрэ кэлэ сылдьар киһи. Н. Заболоцкай
Киһи итэҕэһин толоро сылдьар көр киһи итэҕэһигэр кэлбит (төрөөбүт) киһи (дууһа)
Туохтан саҕаламмытын чопчу билбэтэрбин даҕаны, оскуолатааҕы сылларбыттан бэйэбин куруутун киһи итэҕэһин толоро сылдьар курдук сананабын. Н. Лугинов
8 этии #
Нууччалыы Ребенок-недоносок, выкидыш
Этиилэр
Итэҕэс оҕо
тоҕус ыйын толору сиппэккэ төрөөбүт оҕо