ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

итэҕэллээх

даҕааһын

Нууччалыы верный, надёжный, внушающий доверие

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

даҕ

  • Ол тойотторго чуо-бааччы туһааннаах суорумньу, итэҕэллээх илдьит буол эрэ.
    Саха фольк
  • Эһигиттэн, дьиҥ итэҕэллээх табаарыстарбытыттан, тугу кистиэмий!
    П. Ойуунускай
  • Уруккута торбос ыстааннаах, ыал хамначчыта уол – билигин сэбиэскэй былаас итэҕэллээх үлэһитэ
    Амма Аччыгыйа

2 даҕааһын #

Киһи дьиҥнээхтик эрэнэр; чахчы эрэмньилээх

Нууччалыы Внушающий доверие, верный; надежный (тот, на кого можно положиться)

3 даҕааһын #

Ханнык эмэ итэҕэли тутуһар, итэҕэйэр

Нууччалыы Приверженец какой-л. религии

  • Христианскай итэҕэллээх киһи.
  • Павловскайы аан бастаан манна эргэ итэҕэллээхтэр -- олохтообуттара үһү.
    БИ

4 этии #

Нууччалыы Доверенное лицо

Этиилэр

Итэҕэллээх киһи

дьокутаакка хандьытаатынан турбут киһини быыбардааччылары кытта билиһиннэрээччи

«И» буукуба