Перевод с якутского
итэҕэл
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы уверенность в исполнении чего-л
English belief, faith
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Тугу эмэ чахчы толорорго, туох эмэ чахчы буоларыгар эрэл
Нууччалыы Уверенность в исполнении чего-л
Ол хоһооннорун хас биирдии устуруоката өстөөххө өһүөнүнэн, саҥа революционнай буурҕа өссө күүскэ күүдэпчилэнэригэр бигэ итэҕэлинэн тыынара. Софр. Данилов. Мин күүһүм, Мин көтөр кынатым - Эн кыайыылаах кырдьыккын өйдүүрүм, Эн кэхтибэт кэрэ кэскилгэр итэҕэлим С. Данилов Баһыыба! Петр Егорович! Эрэлгэр... Итэҕэлгэр... Хайаан да, хайаан да эн тылгын, эн баҕаҕын толоруом!
Г. Колесов
2 аат тыл #
Бэйэ көнө суобаһынан, кыһамньытынан дьон билиниитин ылыы
Нууччалыы Завоевание своей добросовестностью, искренностью признания людей
Норуот үрдүк итэҕэлин ылан дьокутаат буолбута. М. Попов Булчуттар итэҕэллэрин ылан эрэр. И. Бочкарев Урут итэҕэйэр дьоннорум, доҕотторум мин харахпар тоҕо эрэ итэҕэллэрин сүтэрэн эрэллэр С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Сылын аайы сүүрбэлии-отуттуу сүүһү итэҕэл дьоннорунан ыыта турбутум Эрилик Эристиин
3 аат тыл #
Абааһыны, таҥараны о. д. а. дьиктилээх-алыптаах күүстэри итэҕэйии
Нууччалыы Вера в нечистую силу, бога и др
Ойуун итэҕэлэ иччиттэн, абааһыттан куттанарга тиэрдэр. Саха фольк Абааһы-таҥара итэҕэлэ үүнэри-үөскүүрү хам баттыырын, умса миинэрин туһунан кэпсэтэ истибит. Амма Аччыгыйа Итэҕэл, абааһы туһунан сымыйа сэһэннэри тарҕатан, хараҥа дьон санаатын булкуйар Н. Габышев
4 аат тыл #
Итэҕэйэр үгэскэ олоҕурбут үһүйээн
Нууччалыы Суеверное предание, поверье
Былыргы дьон итэҕэллэринэн, саҥа үүммүт ыйга харчы көөчүктээтэххэ, ол ый устата харчыҥ эбиллэ туруохтаах үһү. Н. Якутскай Индустар былыргы итэҕэллэринэн, Саҥа дьыл күн ким да кыыһыра-тымта сылдьыа суохтаах. Бастакы күн хайдах ааһар да, сыл бүтүннүүтэ оннук буолуо дииллэр ДьДьДь
5 даҕааһын #
суолт. Киһи чахчы эрэнэр, эрэмньилээх
Нууччалыы Верный, преданный, внушающий доверие
6 этии #
Итэҕэл сурук эргэр. – дэбиэринэс Итэҕэл суругу биэрэбин. ПЭК СЯЯ. Икки уолтан улахана итэҕэл суруктаах этэ. Н. Неустроев
Нууччалыы Доверенность