ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

миэрэ

аат тыл

Нууччалыы мера наказания

I

1 аат тыл #

Буруйдаахха накаастабыл, сэмэ

Нууччалыы Мера наказания

  • Административнай миэрэ.
  • Холкуос отун харыстаабат, ынахтарыгар үрдүттэн тэбистэрэ сылдьан аһатар, -- онон табаарыс Дмитриановаҕа тоҕоостоох миэрэ ылыллара наада.
    М. Доҕордуурап
  • [Тойон] түмүгэр уолга миэрэ бэриллэрэ сөптөөҕүн ыйда.
    А. Федоров
Өссө холобурдар (1)
  • Административнай буруйу оҥоруу иһин сокуонунан көрүллүбүт административнай сэмэ миэрэлэрэ туттуллаллар
    СГПТ

2 аат тыл #

Тугу эмэ олоххо киллэрэргэ, көннөрөргө ылыллар дьаһал, үлэ

Нууччалыы Средство для осуществления чего-л., мероприятие

  • Итэҕэстэри туоратарга сөптөөх миэрэлэри ылыталыахха.
  • [Захар:] Тиэхиникэ холкуоска кимэн киирэн иһэр буолбат дуо? Онно каадыр наада. Ол иһин билигин партийнай тэрилтэ сүрдээх улахан миэрэлэри ылан эрэр.
    С. Ефремов
  • Итирикситтэри утары охсуһар, дьарыйар миэрэлэр XIX-XX үйэлэргэ общественнай уонна медицинскэй миэрэлэринэн солбуллубуттара
    ДьИЭБ
II

3 аат тыл #

Таҥара үөрэҕэ, итэҕэл

Нууччалыы Вера, религия

  • Нуучча даҕаны, татаар даҕаны, кытай даҕаны, бука барылара тус-туспа таҥаралаахтар, тус-туспа миэрэлээхтэр, онон биир миэрэни ордорон, атын миэрэлэри сабар сатам мат.
    П. Ойуунускай
  • Православнай миэрэ итэҕэлэ дьон этигэр-хааныгар дьиҥнээхтик иҥэ илигэ.
    Н. Якутскай
  • Русск. вера

«М» буукуба