Перевод с якутского
итэҕэйээччи
аат тыл
Нууччалыы верящий во что-л
1 аат тыл #
Тугу эмэ кырдьыктанар, туохха эмэ эрэнэр киһи
Нууччалыы Верящий во что-л
Сымыйаны итэҕэйээччилэр да сыр-мыр көстөн истилэр. У. Нуолур Биһиги ким биһиги кыайарбытыгар итэҕэйээччини эрэ кэннибититтэн батыһарга ыҥырабыт. М. Горькай (тылб.)
2 аат тыл #
Таҥараны, абааһыны итэҕэйэр киһи
Нууччалыы Человек, верующий в бога и злого духа
Байбал Сэмэнэп, Арамаан Дьөгүөрэп оргуйан турдулар: "Итэҕэйээччилэр кэлэктииптэрэ көҥүллээбэт [чочуобунаны кулууп гынары], сибэтиэй сытар эбит дии онно". Амма Аччыгыйа Абааһыны, таҥараны итэҕэйээччи оҕонньоттор, эмээхситтэр Ой Бэс туһунан өрдөөҕүтэ ити курдук сибигинэһэн кэпсэтэллэрэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ким тойон таҥараны итэҕэйээччи, ким күн ыраахтааҕыны ытыктааччы хайаан да сиэртибэ сурутуох тустаах. Ордук күндү түүлээҕи М. Доҕордуурап